«Хочо» МУТ үрүҥ ас бородууксуйатын оҥорон таһаарар улуус биир сүрүн тэрилтэтинэн буолар. Билиҥҥи туругунан тэрилтэ арыыны тутар пууннара Тойбохойго, Хадаҥҥа, Туойдаахха, Маар Күөлгэ, Бүлүүчээҥҥэ, Дьаархаҥҥа, Түбэй Дьаархаҥҥа, Наахараҕа, Сунтаарга, Илимнииргэ уонна Бордоҥҥо үлэлии-хамсыы тураллар.
Ааспыт бээтинсэҕэ Маар Күөл нэһиэлэгэр саҥа арыы сыаҕа аһыллар үөрүүлээх тэрээһинэ буолан ааста.
Саҥа үүтү тутар пууҥҥа тэрилтэҕэ бастакы маастарынан үлэлээбит сэрии, алмаас бэтэрээнэ, коммунистическай үлэ ударнига, Үлэ Албан аата III истиэпэннээх уордьан кавалера Сергей Васильевич Федоров аата иҥэрилиннэ.
Билигин манна үс киһи үлэлиир. Маастарынан уопуттаах үлэһит Виктория Яковлева, лаборанынан уонна оробуочайынан Саргылаана Петрова, Раиса Наумова.
Саҥа эбийиэк толору күүһүнэн кэлэр сыл сааһыгар үлэлээн барыа.
Манна улуус баһылыга Анатолий Григорьев, улуустааҕы тыа хаһаайыстыбатын управлениетыттан сүөһүнү иитиигэ кылаабынай исписэлиис Маргарита Яковлева, соҕотуопкаҕа менеджер Виктор Софронов уонна улуустааҕы тыа хаһаайыстыбатын салаатын үлэһиттэрин, идэтийбит сойуустарын бэрэссэдээтэлэ, «Сунтаар нэһилиэгэ» МТ тыа хаһаайыстыбатын исписэлииһэ Антонина Кириллина уо.д.а. кытыннылар.
Эҕэрдэ тылыгар Анатолий Васильевич үлэһиттэргэ үрдүк көрдөрүүлэри, доруобуйаны баҕарда. Үлэһиттэргэ наҕараадалары туттарда. «Хочо» МУТ салайааччыта Валерий Илларионов дьонугар бары үтүөнү баҕарда. Саҥа дьиэҕэ көһөн үлэ өссө тупсуоҕар эрэнэрин биллэрдэ.