Майаҕа ыытыллыбыт үлэ дьаарбаҥката көдьүүстээҕэ бэлиэтэннэ

70

Майаҕа Манчаары аатынан успуорт косплексыгар улуустааҕы Дьарыктаах буолуу киинин тэрийиитинэн үлэ миэстэтин булунууга дьаарбаҥка буолан ааста. Балаҕан ыйын 1 күнүнээҕи туругунан, кииҥҥэ 863 киһи учуокка турар.


Дьаарбаҥкаҕа 14 нэһилиэктэн 177 үлэ көрдөнөр дьон, ити иһигэр 28 инбэлиит, эдэр исписэлиистэр тоҕуорустулар. Улууска  үлэ миэстэлээх 22 тэрилтэ, үөрэх кыһаларын бэрэстэбиитэллэрэ ‒ улуустааҕы киин балыыһа, улуустааҕы үөрэх управлениета, оҕо успуордун оскуолата, дьиэ кэргэн, ыччат социальнай-психологическай киинэ, Гигиена уонна эпидемиология киинэ, Догдоҥо, Хаптаҕай, Баатара, Моорук, предпринимателлэр Е.С.Иванова, Е.Е.Алексеева, С.М.Дегтярев, Р.Е.Федотов, И.И.Борисов, «Мэҥэ тутуу», «Россельхозбанк», «Чолбон», «Сельхозтранс», үөрэтэр-производственнай киин, Аллараа Бэстээхтээҕи Тырааныспар техникума -кытыннылар.

Оройуон баһылыгын быстах кэмҥэ толорооччу Павел Сазонов уонна Дьарыктаах буолуу киинин салайааччытын эбээһинэһин толорооччу Александр Борисов киирии тылы эттилэр.

Дьаарбаҥкаҕа кэлбит дьон Дьарыктаах буолуу киинин үлэтин-хамнаһын, үөрэх кыһаларыгар кылгас болдьохтоох куурустары биллилэр-көрдүлэр, биирдиилээн сүбэ-ама ыллылар, хайдах сөпкө резюме суруйарга үөрэннилэр. Атын улууска ханнык үлэ миэстэлэрэ баалларын сиһилии билиһиннэрэр матырыйааллар эмиэ үгүстэр болҕомтолорун тарта. 23 киһи психолог өҥөтүнэн туһанна.

Тэрээһин чэрчитинэн элбэх киһи үлэ булунна диэн, дьаарбаҥка көдьүүстээҕин бэлиэтээтилэр.