Майаҕаска оҕо саадын саҥа дьиэтэ дьэндэйдэ

150

Хоро нэһилиэгин Майаҕас бөһүөлэгэр саҥа оҕо саадын үөрүүлээх арыллыытын, аалай лиэнтэни быһыы сиэрэ-туома өрө көтөҕүллүүлээхтик ааста. Төрөппүттэр, нэһилиэнньэ үөрүүтэ үгүс. Саргылаана Афанасьева, үс оҕолоох ийэ: “Икки кырам маннык сырдык, кыраһыабай саҥа оҕо саадын дьиэтигэр сылдьар буолла. Онон манна үлэлэспит дьоҥҥо махталбыт муҥура суох. Иитээччилэрбит араас тэрээһиннэргэ хото кытыннараллар, оҕолорго сыһыаннара да үчүгэй”.


Ярослава Степанова математика учууталынан ананан кэлэн үлэлээбитэ иккис сыла: “Оҕом бастаан утаа эргэ мас оҕо саадыгар сылдьыбыта. Онно, биллэн турар, кыараҕас этэ. Оҕо-аймах сүүрүөн-көтүөн баҕарара кэмнээх буолуо дуо? Онон киэҥ-куоҥ, толору хааччылыылаах, оҕо сайдарыгар бары өттүттэн табан, көрөн, учуоттаан оҥоһуллубута кэрэхсэтэр. Биһиги нэһилиэккэ быйыл бу улахан үөрүүлээх түгэн”.

«Чуораанчык» оҕо саадын сэбиэдиссэйэ Таисия Базарова уһуйаан үлэтин төрдүс сылын иилиир-саҕалыыр. «Майаҕаска 60-ча оҕоттон 50-чатын оҕо саадынан хааччыйан олоробут. 14 үлэһиттээхпин, онтон биэһэ педагог. Бу күүтүүлээх түгэн буолар, өр кэмҥэ туруорсан үлэҕэ киирбититтэн олус үөрэн олоробут. Биһиги уһуйааммыт оҕону саха төрүт үгэстэригэр сыһыаран иитэр соруктаах».

Саҥа дьиэ киэҥэ-куоҥа, тупсаҕайа, оҕо бары өттүнэнэн күөмчүлэммэккэ, киирэрэ-тахсара, оонньуура, дьарыктанара табыгастаах, чахчы кыһаллан оҥоһуллубута тута харахха быраҕыллар. Таисия Васильевна ыалдьыттарга бэйэтэ оҥорбут куукулаларын көрдөрдө. Хас биирдии куукула пластиктан оҥоһуллубут, имигэс, хас сүһүөҕэ барыта хамсыыр, олус кэрэ быһыылаах-таһаалаах буолан биэрдэ.

Уһуйаан арыллыытын үөрүүлээх чааһыгар нэһилиэк олохтоохторо, төрөппүттэр, оҕолор, оҕо саадын үлэһиттэрэ, бэтэрээннэр, нэһилиэк, улуус салалтата кыттыыны ылла.

Үлэ бэтэрээннэрэ Мария Заболоцкая уонна Вера Крылова Ил Түмэн Бэрэссэдээтэлин Махтал суругун туттулар. Вера Николаевна «Чуораанчык» уһуйааҥҥа үлэлээбитэ 44 cыл буолбут. Оттон 89 саастаах Мария Никитична манна холкуоска үлэлии сылдьан 60 сыллаахха оҕо саадыгар үлэлии киирбит. «Биэнсийэҕэ тахсыахпар диэри үлэлээн кэлбитим. Куоракка олорбутум үс сыл буолла. Үлэлээбит оҕо саадым саҥа дьиэтин үөрүүлээх арыллыытын истэн, бу кэлэн турабын. Маннык бырааһынньыкка сылдьар ахсааннаах. Урут үлэ бөҕөнү үлэлээн кэлбиппит. Оһох оттон, мас кыстаан, дьиэ таһын күрдьэн, таҥас сууйан. Оҕолорбутун ферматтан үүт таһан аһаталыыр, көрөр-истэр буоларбыт. Оччотооҕуга барыта хары үлэтэ этэ “.., — диэн уһуйааҥҥа 25 сыл үлэлээбит ытык кырдьаҕас Мария Заболоцкая ахтар.