Бэдьимэ орто оскуолатын 4 кылааһын үөрэнээччилэрэ быйылгы үөрэх дьылын бэркэ саҕалаабыттар. Кылаас салайааччыта Марина Дмитриевна Яковлева.
«Кылааспытыгар Тася Охлопкова, Рома Соловьев, Сандаара Андреева уонна мин буолан үөрэнэбит. Оскуолаҕа сахалыы таҥаһы кэтэн үөрэ-көтө кэлэбит«, — диэн кэпсиир Арина Семенова.
Быйыл аҕыйах да буоллаллар, оскуола күһүҥҥү тэрээһиннэригэр көхтөөхтүк кыттыбыттар. «Күһүҥҥү киһи күлбүтүнэн» уһуйааҥҥа кылааһынан сүбүөкүлэ туһунан кэпсээн, үһүс миэстэ буолары ситиспиттэр.
Үөрэнээччилэр этэллэринэн, кылааһынан айылҕаҕа сылдьалларын сөбүлүүллэр, арааһы кэпсэтэллэрин, былаанныылларын ордороллор. Көмүс күһүн салгына чэбдигиттэн, үөнэ-көйүүрэ суоҕуттан астыналларын биллэрэллэр.