Методическай турнир – иитиигэ-үөрэтиигэ сайдыы тирэҕэ

329

Өрөспүүбүлүкэҕэ «Методическай турнир» диэн киэҥ сэҥээриини ылбыт учууталлар хамаандаларын күрэһэ СӨ үөрэхтээһиҥҥэ уонна наукаҕа министиэристибэтэ уонна С.Н.Донской-II аатынан үөрэҕириини сайыннарыы уонна идэни үрдэтии института тэрийиилэринэн быйыл үһүс төгүлүн олунньу 27-кулун тутар 2 күннэригэр Дьокуускай куоракка ыытылынна.


2016 сыллаахха өрөспүүбүлүкэҕэ аан бастаан ыытыллыбыт түһүлгэҕэ Иван Пудович Жегусов аатынан Таатта гимназиятын учууталлара кэтэхтэн ыытыллыбыт түһүмэххэ 23 хамаандаттан 10 бастыҥ иһигэр киирэн, түмүк киирсиигэ иккис миэстэни ылары ситиспиттэрэ. Ону сэргэ «Үөрэхтээһин бырайыагынан бастыҥ маастар-кылаас» номинацияҕа кыайыылааҕынан уонна «Аныгы технологиянан ыытыллыбыт уруок» түһүмэххэ үһүс миэстэҕэ тахсан Таатта улууһун педагогическай маастарыстыбата өрөспүүбүлүкэҕэ инники күөҥҥэ сылдьарын дакаастаабыттара. 2017 сылга буолбут 2-с күрэскэ Таатта улууһун историяҕа учууталларын сүүмэрдэммит хамаандата кыттан эмиэ иккис миэстэҕэ тиксэн үрдүк сыанабылы ылан кэлбиттэрэ.

Быйылгы үөрэх дьылыгар «Метотур» улуустааҕы түһүмэҕэр олунньу 14-15 күннэригэр 17 оскуола хамаандалара кыттан тыҥааһыннаах, ураты тыыннаах уонна таһымнаах киирсии буолбута. «Аныгы уруок» түһүмэххэ 1 миэстэни Туора Күөл оскуолатын математикаҕа, 2 миэстэни Чөркөөх оскуолатын историяҕа, 3 миэстэни Уус Таатта математикаҕа уруоктара ылбыттара. «Уруогу ырытыы» түһүмэххэ кыайыылааҕынан И.П.Жегусов аатынан Таатта гимназиятын хамаандата, «Оскуола уратытык үөрэтэр эйгэтинэн маастар-кылаас» түһүмэххэ А.Е.Мординов аатынан Таатта лицейин кооперативнай технология ньымаларын көрдөрөр маастар-кылааһа кыайыылаахтарынан буолбуттара. Уопсай түмүккэ гимназия учууталлара иккис төгүлүн абсолютнай чемпион үрдүк аатын сүгэн, чахчы даҕаны, улууска методическай үлэни сүрүннүүр тирэх оскуола буолалларын бигэргэттилэр.

Өрөспүүбүлүкэтээҕи турнирга улуустааҕы түһүмэх бастыҥ кыттааччыларыттан, Таатта гимназиятыттан нуучча тылын учуутала Е.И.Неустроева, обществознание учуутала Н.И.Макаров, Таатта лицейин омук тылын учуутала А.Д.Винокурова, нуучча тылын учуутала Л.Г.Колодезникова, Ытык Күөл 1№дээх орто оскуолатыттан математика учуутала М.С.Постникова, Игидэйтэн директор В.В.Лопатин уонна нуучча тылын учуутала М.П.Ермолаева, Тыараһа оскуолатын директора П.В.Полускин састааптаах эдэр педагогтар хамаандалара тэриллэн кыттыыны ыллылар. Сүүмэрдэммит хамаанданы Таатта гимназиятын директоры үөрэх үлэтигэр солбуйааччыта О.М.Слепцова салайааччылаах тренердэр сүбэлэрин бөлөҕө инновационнай педагогикаҕа ураты суоллаах методист-учууталлар Г.И.Федорова, А.А.Федорова (гимназия) уонна О.В. Корякина (лицей) бэлэмнээтилэр.

Кэтэхтэн ыытыллыбыт «Интернет-ситимҥэ үөрэх ресурсата» түһүмэххэ хамаанда методическай, технологическай уратытын көрдөрөр сайт оҥоһуллан бастыҥынан ааттанна. Онон, сирэй ыытыллар 4 күннээх күрэскэ Таатта, Чурапчы, Нам, Уус Алдан, Томпо, Үөһээ Бүлүү, Ньурба, Өлүөхүмэ, Амма, ХИФУ естественнэй наукалар институттарын магистраннарын уонна студеннарын хамаандалара күөн көрүстүлэр.

Күрэһи СӨ үөрэхтээһиҥҥэ уонна наукаҕа миниистирэ В.А.Егоров салайааччылаах дьүүллүүр сүбэ, үөрэҕириини сайыннарыы уонна идэни үрдэтии институтун бастакы проректора Н.И.Бугаев салайар экспертэрин бөлөҕө уонна хамаандалар бэйэлэрэ сыаналаатылар.

«Педагогическай хамаанда уратытын көрдөрүү» түһүмэххэ Таатта эдэр учууталлара аан дойдуга үөрэх сайдыытын концепциятын тутуһан өрөспүүбүлүкэҕэ орто уоннна үрдүк үөрэх төрүттэниитин уонна улууска үөрэх-иитии ситимнээх үлэтин Б.Ф.Неустроев-Мандар Уус философскай көрүүтүгэр сыһыаран, кимиэхэ да майгыннаабат ураты педагогическай хайысханы арыйдылар.

«Аныгы технологиянан үөрэх дьарыга» түһүмэххэ А.Д.Винокурова Дьокуускай куорат классическай гимназиятын 8-с кылааһыгар оҕо тустаан сыһыан хайысханан бэлэмнээн литератураҕа рефлексивнэй импровизация уруогун нуучча уонна английскай тылларынан ыытта. Үрдүк динамикалаах, оҕо үлэлиир, толкуйдуур, ырытар дьоҕурун араас ньыманан сайыннарар, бэриллибит педагогическай технология бары кэрчигин сонуннук туһанар маннык хабааннаах уруоктары практикаҕа киллэрэр кыахтаах буоллахпытына Таатта учууталлара методическай көрүү, таһым өттүнэн үрдүкү кэрдиискэ туралларын бигэргэттибит.

Күрэс иккис күнүн ордук эппиэттээх түһүмэҕинэн регион педагогикаҕа саҥа булумньутун көрдөрөр маастар-кылаастары ыытыы буолла. Манна биһиги хамаандабыт «Эдэр учууталлар профессиональнай таһымнарын үрдэтиини кэтээн көрөр технологическай карталара» улахан сэҥээриини ылла уонна отчуот, докумуон үлэтигэр «батыллан» олорор аныгы кэм оскуолатыгар учуутал үлэтин түмүгэ тиһиллэр альтернативнай докумуон эрэ буолбакка, лидер-педагогтары иитэн таһаарар, наставник-учууталлар хамсааһыннарын саҥалыы тыынныыр судургу инструментарий быһыытынан бэлиэтэннэ.

Үһүс күн ыытыллыбыт «Үөрэх ситимин бырайыага» түһүмэх методическай турнир ис хоһоонун кэҥэтиигэ, тупсарыыга ананна. Сэрэбиэй быһыытынан биһиги хамаандабытыгар «Үөрэх бырайыактарын экспертизалыыр саҥа суоллар» диэн тиэмэ түбэһэн, хамаанда сүбэлэһэн баран, өрөспүүбүлүкэ экспертэрин түмэр, кинилэри рейтининэн арааран үлэлэтэр, кыттааччылары кытта хардары сибээстээх сайт бырайыагын оҥорон презентациялаата. Уопсайынан, экспертиза, сыаналааһын түһүмэҕэ ханнык баҕарар күрэххэ саамай «ыарыылаах» боппуруос буоларын быһыытынан Таатта бырайыага үгүс мөккүөрү таһаарда, улахан сэҥээриини ылла, толкуйга да түһэрдэ.

Күрэһи түмүктүүр күммүтүгэр эмиэ сэрэбиэй быһыытынан педагогическай сэбиэт, төрөппүт уонна общественность мунньахтарыгар санаа атастаһыытын, тыл этиитин түһүмэҕэ буолла. Биһиги хамаандабыт аатыттан В.В.Лопатин «Билигин үтүө санаалаах буолуохтааҕар, талааннаах буолар быдан сүүйүүлээх үйэтэ кэллэ» диэн тиэмэни арыйда.

Уопсай түмүккэ Нам улууһа бастакы, Таатта иккис, Өлүөхүмэ үһүс миэстэлэргэ таҕыстылар. Биһиги улууспут педагогическай хамаандата өрөспүүбүлүкэҕэ тренерскэй сообщество үлэтин сөптөөхтүк саҕалаабыта бэлиэтэннэ, О.М.Слепцова «Бастыҥ тренер» анал аатынан наҕараадаланна.

Учуутал идэтин талбыт, бу идэни олоҕун суола оҥостубут киһи маннык аһаҕас түһүлгэлэргэ сырыттаҕына, кытыннаҕына, ыыра кэҥээтэҕинэ сайдар, саҥа көрүүлэнэр, үлэтин хайысхатын тупсарар, атыннык тобулар, саҥа үрдэллэри дабайарга кынаттанар.

Биһиги улууспут 2000 сыллар саҥаларыттан Россияҕа биир бастакынан инновационнай педагогика суолун сөпкө туппута, бэйэтин ураты хайысхатын көрдөммүтэ. Маннык үлэ үтүө түмүгүн быһыытынан быйылгы өрөспүүбүлүкэтээҕи метотуртан үһүс төгүлүн үрүҥ көмүс мэтээли улууспутугар аҕаллыбыт уонна Таатта улууһа методическай бэлэм, профессиональнай таһым өттүнэн куруук инники сылдьарбытын чиэстээхтик көрдөрдүбүт диэн сыаналыыбын. Хамаанданы хомуйарга, түмэргэ улахан көмөнү оҥорбут, куруук саҥаны, үйэлээҕи көрдүүргэ, олоххо киллэрэргэ дьулуһар үөрэҕирии улуустааҕы салалтатын начальнигар А.Н.Мироноваҕа, солбуйааччытыгар М.Н.Луковцеваҕа барҕа махталбытын биллэрэбит.