Муомаҕа кырачааннар дуобаттаатылар

271

«Кэскил» уһуйааҥҥа оҕо аймахха бырааһынньык бэртээхэйэ буолла. Үгэскэ кубулуйбут дуобат күрэхтэһиитигэр уопсайа аҕыс уһуйаантан 21 кыттааччы күөн күрэскэ кытынна.


Үөрүүлээх параакка кырачаан спортсменнар чиҥник хааман киирдилэр. Күрэхтэһии судьуйата А.В.Слепцов уһуйаан иитиллээччилэрин, иитээччилэрин дуобат күрэхтэһиитэ саҕаламмытынан эҕэрдэлээтэ. Тылы РСФСР үөрэҕириитин туйгунугар, дуобат күрэхтэһиитин тэрийээччи Е.И.Слепцоваҕа биэрдэ.

Евдокия Ивановна «Кэскил» уһуйааҥҥа дуобат күрэхтэһитэ сүүрбэһис төгүлүн ыытылларынан истиҥник эҕэрдэлээтэ, дуобат оонньуута 20 сыл устата хайдах сайдан иһэрин, кимнээх чөмпүйүөннээбиттэрин, бу хамаанданан күрэс сэттис сылын тэриллибитин, күрэхтэһии таһыма, бэлэмэ сылын аайы тупсан иһэрин бэлиэтээтэ. Көһө сылдьар кубогы «Ким ордук үчүгэй бэлэмнээх уһуйаан ыллын» диэн алҕаата. Бу сыллар усталарыгар тиһигин быспакка дуобакка күрэхтэһиини ыытар «Кэскил» уһуйааҥҥа бэйэтин бэлэҕин туттарда.

Үөрэх управлениетын методиһа, өр кэмҥэ оскуола-оҕо саадыгар дириэктэринэн үлэлээбит К.К.Корякина дуобат оҕо өйүн-санаатын, толкуйун сайыннарар оонньуу буоларын, «Кэскил» уһуйаан бу бэртээхэй оонньуунан дьарыктаммыта ырааппытын, сылын аайы дуобакка күрэхтэһии үрдүк таһымҥа барарын бэлиэтээтэ. Спортсменнарга ситиһиилэри баҕарда.

Уһуйаан алын сүһүөҕэр иитэр-үөрэтэр үлэҕэ дириэктэри солбуйааччыта М.П.Атласова күрэхтэһиигэ кэлбит оҕолору, иитээччилэри, төрөппүттэри эҕэрдэлээтэ. Чиэһинэйдик, болҕомтолоохтук оонньуурга, ким кыахтаах кыайарыгар ыҥырда. Күрэхтэһии судьуйата А.В Слепцов, күрэхтэһии сэкирэтээрэ С.В.Ильина хамаандалар капитаннарын ыҥыран, өрөгөй ырыатынан доҕуһуолланан күрэхтэһии былааҕын үөһэ күөрэтэн таһаардылар. Дуобатчыттар ох курдук оҥостон кэлбиттэр, онон күрэхтэһии бэрт сытыытык барда.

Түмүккэ, дуобакка хамаанданан бастакы миэстэ – «Теремок», иккис – «Кэнчээри», үһүс– «Кэскил» буоллулар. Биирдиилээн дуоскаҕа кыайыылаахтар: 5 с. уолаттарга: I – Атласов Федя («Теремок»), II – Саввинов Ваня («Кэскил»), III – Карпов Роберт («Туллукчаан»). 5 с. кыргыттарга: I – Николаева Валерия («Кэнчээри»), II – Ильина Тиана («Кэскил»), III – Ефимова Лулиетта («Теремок»). : 6 с. уолаттарга: I – Терешкин Саша («Теремок»), II – Васильев Артем («Кэнчээри»), III – Стрекаловскай Родион («Чуораанчык») таҕыстылар.

Дуобакка «Кэскил» уһуйаан көһө сылдьар кубогын быйылгы күөн көрүсүһүү кыайыылаахтара «Теремок» уһуйаан иитиллээччилэрэ илдьэ бардылар. Кыайыылаахтар кыһыл, үрүҥ көмүс, боруонса мэтээллэри, сертификаттары туттулар. Оҕолор бэйэ-бэйэлэрин кытта билсэн, оонньоон, тото аһаан, «Өссө да дуобаттыы кэлиэхпит. Эһиил дуобат хонуутугар көрсүөхпүт» диэн кыайыыга эрэллээх тарҕастылар.