«Осикат» культурнай кииҥҥэ ааспыт Экология уонна Ыччат сылын түмүктүүр, үүммүт нэһилиэнньэ дьарыктаах буолуутун көҕүлүүр сылы уруйдуур дьоро киэһэ тэрилиннэ. Дьон-сэргэ, оҕо-аймах бу бэлиэ күҥҥэ бииргэ буолаары сааланы лыык курдук толордо.
Национальнай паарка директора Иванов М. Н. уонна айылҕа харыстабылын комитетын салайааччыта Васильев Ю. Д. Экология сыла туох-хайдах ааспытын сырдаттылар, ыытыллыбыт тэрээһиннэри хаартысканан кэпсээтилэр. Бу тэрээһиннэри өйөөбүт-көҕүлээбит тэрилтэ салайааччыларыгар махтал суруктары туттардылар. Ол курдук, Муома начальнай оскуолатын педагог-библиотекара О. Е. Тикунова, оройуоннааҕы кииннэммит библиотека сэбиэдиссэйэ Ю. А. Сюльская,«Индигир уоттара» хаһыат редактора М. П. Старкова, «Айан» туристическай кулууп салайааччыта А. А. Громов, туризм энтузиаһа Л. А. Никулин, о.д.а бэлиэтэннилэр.
Экология сылыгар ыытыллыбыт тэрээһиннэр үрдүктүк сыаналанан республикаҕа анал күрэскэ биһиги оройуоммут экологтара 3-с бочуоттаах миэстэҕэ таҕыстылар. Иккис түһүмэх ыччат сылын түмүгэр ананна. Түһүмэҕи ыччат политикатын туйгуна В. В. Аммосов салайан ыытта. Василий Васильевич ыытыллыбыт тэрээһиннэри сырдатта, бастыҥ ыччаттарга анал кубогы туттарда.
Ыччат бастыҥ лидеринэн Индигир нэһилиэгиттэн Туйаара Слепцова уонна Чыбааҕылаах нэһилиэгиттэн Варвара Корякина ааттаннылар. Ыччат сылын умнуллубат түгэнинэн XIX аан дойдутааҕы ыччат фестивала буолла. Бу фестивальга биһиги оройуоммут ыччаттара Вера Дягилева, Полина Абрамова, Ньургуйаана Софронова, Вячеслав Тарабукин кыттыыны ылбыттара Муома историятыгар биир чаҕылхай страницанан сурулуннаҕа.
Дьоро киэһэ үһүс түһүмэҕэ үүммүт 2018 сылга – Нэһилиэнньэ дьарыктаах буолуутун көҕүлүүр сылга ананна. Манна дьарыктаах буолуу Киинин үлэһиттэрэ (дир. С. А. Архипова) сценаҕа тахсан инники былааннары сырдаттылар. Тэрилтэлэр бэрэстэбиитэллэрэ анал былаахтары тэлимнэтэн сомоҕолоһуу бэлиэтин көрдөрдүлэр.
Түмүккэ салайааччылар эйэ-дэмнээхтик илии тутуһан салгыы бииргэ үлэлээһини түстээбиттэрэ, үүммүт дьыл ситиһиилээхтик ааһарын мэктиэлээтэ. Түһүмэхтэр эҕэрдэ нүөмэрдэринэн доҕуһуолланнылар. Дьоро киэһэни «Осикат» культурнай киин тутаах үлэһитэ Елизавета Тарабукина хомоҕой тылынан ыытта. Инникитин маннык тэрээһиннэр үтүө үгэскэ кубулуйан сыллата ыытылла турдуннар диэн санаалаах көрөөччүлэр тэрийээччилэргэ махталларын биллэрэллэр.