Муома национальнай нэһилиэгин, культура управлениетын, «Осикат» сынньалаҥ киинин, Арчы дьиэтин көҕүлээһиннэринэн, СӨ культуратын үтүөлээх үлэһитэ И. Н. Слепцова бырайыагынан, 40-60 саастаах кэрэ аҥардарга «Муома Далбар Хотуна» күрэс быйыл иккиһин ыытылынна.
Оройуоннааҕы күрэххэ быйыл сэттэ дьиэ хаһаайката кытынна. Күрэҕи СӨ культуратын үтүөлээх үлэһитэ культура управлениетын начальнига А. Н. Корякин бэрэссэдээтэллээх дьүүллүүр сүбэ сыаналаата. Күрэс 5 түһүмэхтээх: «Ыал ийэтинэн» – бэйэни билиһиннэрии, «Мин тирэҕим – дьиэ кэргэним» (видео матырыйаал); «Мин дьарыгым» (хобби); «Мин мааны сандалым» (ас быыстапката); «Талаан талбата».
Кыттааччылар бары кустук курдук таҥнан-симэнэн, бэлэмнэнэн кэлбиттэр. Бары толуулар, кэрэлэр, маанылар. Бастакы түһүмэххэ сахалыы таҥнан-симэнэн киирэн бэйэлэрин билиһиннэрдилэр.
Эверстова Марина Михайловна – Төбүлэх олохтооҕо, сынньалаҥ киинин техүлэһитэ, «Дьүрүһүй» фольклорнай бөлөх салайааччыта. 3 уол, 1 кыыс күн-күбэй ийэлэрэ, дьиэ кэргэн тутаах киһитэ. Марина Михайловна нэһилиэккэ ыытыллар тэрээһиннэргэ үөрэ-көтө кыттар, тэрийсэр.
Павлова Наталья Алексеевна – Соболоох олохтооҕо, нэһилиэк ветеринарнай пуунун сэбиэдиссэйэ, СӨ тыатын хаһаайыстыбатын туйгуна, бары үлэҕэ активнайдык кыттар. 3 уол, 1 кыыс оҕолоох ыал күн-күбэй ийэлэрэ.
Тарабукина Вера Романовна – Хонуу олохтооҕо, оройуоннааҕы киин балыыһа биэлсэрэ, 1 уол, 2 кыыс оҕолоох, 2 сиэннээх. 38 сыл доруобуйа харыстабылыгар эҥкилэ суох үлэлиир, СӨ доруобуйа харыстабылын туйгуна, үлэ ветерана.
Черемкина Лидия Гаврильевна – Хонуу олохтооҕо, оройуоннааҕы киин балыыһа процедурнай кабинетын медсестрата.Общественнай үлэлэргэ активнайдык кыттар. Уоллаах кыыс оҕолоох, 4 сиэннээх. 32 сыл доруобуйа харыстабылыгар утумнаахтык үлэлиир. Хоһоону, сценканы суруйар.
Черова Дария Гаврильевна – Буор Сыһыы олохтооҕо. Үлэтин табаһытынан саҕалаабыта, зоотехник идэлээх, Индигир агрооскуолатын повара. 5 оҕолоох улахан дьиэ кэргэн ийэтэ, 7 сиэн эйэҕэс эбэтэ.
Вожжова Алена Георгиевна – Хонуу олохтооҕо, «Сказка» уһуйаан саҥалыы көрүүлэрдээх иитээччитэ, идэнэн күрэхтэргэ өрүү кыттар. Араас түмсүүлэргэ дьарыктанар, билиитин хаҥатар. 2 уол, 2 кыыс оҕолоох дьиэ кэргэн ийэтэ, үс сиэн кыыстаах.
Андросова Ньургуйаана Андреевна – Буор Сыһыы олохтооҕо, олохтоох агрооскуола техүлэһитэ. 2 кыыс, 4 уол оҕолоох. Дьиэ кэргэнинэн уонна спортивнай күрэхтэргэ актыыбынайдык кытталлар. Аймахтарын оҕолорун иитэллэр.
«Мин тирэҕим – дьиэ кэргэним» иккис түһүмэххэ видеоматырыйаалларын көрдөрөн, дьиэ кэргэннэрин барыларын сырдатан уус-ураннык кэпсээтилэр. Ийэлэр-эбэлэр барахсаттар хаан-уруу дьоннорун туһунан сирэйдиин сырдаан, харахтара үөрэн истиҥник-сылаастык кэпсээбиттэрэ кэрэтин. Кырдьыга да, бары улахан дьиэ кэргэн ийэлэрэ, эбэлэрэ, үлэттэн илиилэрин араарбат дьон. Оҕуруот олордоллор, теплица туталлар, үгүстэрэ кэтэх хаһаайыстыбалаахтар. Оҕолорун, сиэннэрин бүппэт түбүктэринэн, элбии турар ситиһиилэринэн дьоллонон олороллор бу далбар хотуттар.
Дьиэ кэргэнинэн тыаҕа отоҥҥо, балыкка сылдьаллар. Манна барытыгар олохторун аргыстара тэҥҥэ иһэллэр. Ханна да сырыттахтарына, тугу да гыннахтарына, оҕолорун, сиэннэрин үлэҕэ такайаллар, тыа сирин олоҕун укулаатын тутуһаллар. Сорохтор улахан оҕолоро атын улуустарга күтүөт, кийиит буолан, олоҕу салгыыллар. Санаа хоту бары анал үөрэхтээхтэр, хайа да өттүнэн сирдэрбэт эдэр дьоннор, төрөөбүт Муомаларын аатын үөһэ туталлар. Дьэ итинник дьиэ кэргэннээхтэр, чөл олохтоохтор бүгүҥҥү кыттааччыларбыт. Кэрэни кэрэхсээн бары сибэкки үүннэрэр дьарыктаахтар. Ити курдук дьиэ кэргэн аанын сэгэтэн аастыбыт.
«Мин дьарыгым» үһүс түһүмэх. Сынньалаҥ кэмнэригэр, үгүс түбүктэн быыс булан, сөбүлүүр дьарыктаахтар. Марина Михайловна «Киһи сатыырын мин да сатыахтаахпын» диэн санааны тутуһар. Кэргэнэ Кэбээйиттэн төрүттээх Андрей Ефремовичтыын булка-алка илдьэ сылдьар малларын бэйэлэрэ оҥороллор. Ыал ийэтэ оҕолор сахалыы көстүүмнэрин тигэ үөрэммит. Өссө саха национальнай музыкальнай инструменын – күпсүүрү оҥорор. Уһанарга талааннаахтар.
Амматтан төрүттээх кийиит Наталья Алексеевна уруһуйдуур идэлээх, эмтээх оттору хомуйар, көөнньөрөр. Ханнык ыарыыга туттулларын быһаарар. Аҕалара Геннадий Алексеевичтыын оҕолорун таба иитиитигэр уһуйан сайын ыстаадаҕа тахсаллар.
Вера Романовна улахан оҕуруоту тутар, онно бастыҥ көмөлөһөөччүлэрэ – оҕолоро. Сир аһын хомуйар. Оҕо эрдэҕиттэн тыаҕа сылдьарын сөбүлүүр, бэрт өртөн хомуйбут аккырыыккаларын мунньар. Сэбиэскэй аккырыыкка элбэх, онно дойду олоҕо, сайдан испитэ ырылыччы көстөр. Баайарын сөбүлүүр. Оҕолоругар сахалыы таҥастары тигэр, оҕуруонан киэргэллэри оҥорор, билэҕэ оҕуруо анньар. Бу киэһэ ийэлэрэ тикпит сахалыы көстүүмнэрин уола Вячеслав, кийиитэ Веранина, сиэннэрэ, кыра кыыһа Саша кэтэн кэлэн, ийэлэрин өйөөтүлэр.
Лидия Гаврильевна эдэр эрдэҕиттэн сөбүлээбитин, сэҥээрэ көрбүтүн хоһооҥҥо тиһэр идэлээх, оройуон хаһыатын общественнай корреспондена. Бүгүн кини хоһоонноруттан аахта. Лидия бэрт үчүгэй тыллаах-өстөөх хоһооннорун биир дойдулаахтара күүтэллэр. Кини суруйар псевдонима Толбон. Бүгүн кини оҥорбут маскарааттара бөрө, куоска, тигр, аттаах киһи киирэн эҕэрдэлээн аастылар.
Дария Гаврильевна бэйэтэ туспа суоллаах активистка. Төрөөбүт эбээнин тыла сайдарыгар, үтүө үгэстэрин үйэтитэр баҕалаах. Кини эбээннии-сахалыы куту тутар ырыаһыт. Эбээннии көстүүмнэри дууһатын ууран тигэр. Республикаҕа, оройуоҥҥа һээдьэ күрэҕин кыайыылааҕа. Хаһаайыстыбаҕа табаны, сылгыны, ынах сүөһүнү иитэллэр. Бу киэһэ кэргэнэ Егор Гаврильевич, оҕолоро, сиэннэрэ ийэлэрэ тикпит таҥастарын таҥнан кэлэн көрдөрдүлэр. Чаппараактары, ковриктары аҕалбыттар. Оҕуруо киэргэллэри оҥорор. Билигин улахан кыыһа таптаан дьарыктанар.
Алена Георгиевна дьиэтигэр бастыҥ хаһаайка, үлэтигэр үтүөкэн иитээччи. Кини лобзигынан быһан араас фигуралары оҥорор, сэргэни, ынаҕы, аты көрдөрдө. Ону оҕолорго кырааскалатан араас күрэхтэргэ, бырааһынньыктарга туһаналлар. Олоҥхоһут Д. М. Слепцовтан утумнаан нарын куоластаах ырыаһыт.
Оттон Ньургуйаана Андреевна иистэнэр. Бу киэһэ кини тикпит таҥастарын кэргэнэ Алексей Владимирович, оҕолоро, сиэннэрэ кэтэн киирдилэр.
«Талаан талбата» түһүмэххэ эмиэ эриэ-дэхси кииристилэр. Манна оҕолор, сиэннэр көмөлөрө күрэҕи өссө киэргэттэ, байытта. Марина Михайловна, Наталья Алексеевна, Алена Георгиевна, Дария Гаврильевна ырыанан, хомуһунан эҕэрдэлээтилэр. Вера Романовна кыыһа Саша ырыа ыллаата, сиэнэ уол бэрт уһун хоһоону бутуйбакка эттэ. Лидия Гаврильевна хоһоонун аахта, кыыһа Оюна хомуска доҕуһуоллаата. Ньургуйаана Андреевна кэргэнин, оҕолорун кытта чороонноох сахалыы үҥкүүлээтилэр. Бу түһүмэх кыттааччылар талааннарын итэҕэттэ, арыйда.
Фойеҕа «Мин мааны сандалым» ас быыстапката тардылынна. Туох суоҕуй манна! Бырааһынньыктыы тардыллыбыт остуолларга Төбүлэх убаһатын этэ, иһэ, Дарья Гаврильевна аҕалбыт бэрэскитэ, судураана, хаана, ойоҕоһо, Елена Георгиевна туорда, Лидия Гаврильевна салааттара, саламаата, куһа, кымыһа (таарыйа санаттахха, 38 бүлүүдэ). Наталья Алексеевна сүөгэйэ, үрүҥ аһа, Вера Романовна барыанньалара, Ньургуйаана Андреевна балыгын арааһа, барытын ааҕан сиппэккин. Бары мааны асчыттар, хаһаастаах хаһаайкалар эбиттэр. Саха сибиэһэй, доруобай, битэмииннээх астарын көрөн сөҕөҕүн.
Дьүүллүүр сүбэ маннык түмүктэри таһаарда. Ол курдук Ньургуйаана Андреевнаҕа «Сандаара Хотун», Лидия Гаврильевнаҕа «Айыллаана Хотун», Марина Михайловнаҕа «Уран Хотун», Алена Вожжоваҕа «Айыына Хотун» Вера Романовнаҕа «Талба Хотун», Дария Гаврильевнаҕа «Уйгулаана Хотун» ааттары иҥэрдэ. Бары анал лиэнтэлэри кэттилэр, дипломнары, тэрийээччилэртэн бириэмийэлэри туттулар. Оттон «Муома Далбар Хотуна-2018» бочуоттаах аат Наталья Алексеевнаҕа бэрилиннэ.
«Муома Далбар Хотуна-2018» бочуоттаах лиэнтэни «Муома Далбар Хотуна-2016» бастакы күрэс кыайыылааҕа Айталина Константиновна Николаева кэтэртэ. Кыайыылаах диплому тутта, 10 тыһ. солк. харчыны, индивидуальнай предприниматель А. Е. Хабарова бирииһин – иистэнэр массыынаны ылла.
Бары кыттааччылар индивидуальнай предприниматель О. А. Шкулеваттан электрохобордооҕу, маны тэҥэ тэрийээччилэртэн «Муома Далбар Хотуна-2018» суруктаах чорооннору, тыыннаах сибэкки дьөрбөлөрүн, тэрилтэлэртэн, чугас дьонноруттан элбэх бэлэхтэри ыллылар. Оттон Индигир нэһилиэгин баһылыга Б. И. Заровняев Дарья Гаврильевнаҕа электрическэй сэппэрээтэри, Ньургуйаана Андреевнаҕа электрическэй мясорубканы бэлэхтээтэ, индивидуальнай предприниматель С. С. Фазульянова Ньургуйаана Андреевнаҕа микроволновканы бэлэх уунна.
Күрэс быыһыгар-ардыгар Арчы дьиэтин үҥкүүһүттэрэ, ырыаһыттара, «Сарыада», «Талба» ансаамбыллар, Галина Слепцова эҕэрдэлэрин тиэртилэр.
Күрэһи истиҥ-эйэҕэс тылларынан Алена Корякина, Юрий Винокуров салайан ыыттылар.
Мин күрэх кыайыылааҕа Наталья Павлованы көрсөн кэпсэттим:
– Күрэс олус бэркэ барда. Кыайыылаах тахсаммын улаханнык долгуйабын. Оройуоннааҕы күрэхтэри өссө атын да көрүҥнэргэ тэрийиэххэ сөп эбит. Тус бэйэм тэрийээччилэргэ, чуолаан Ирина Николаевнаҕа, бэйэм үлэлиир коллективпар өйөбүлүн иһин улаханнык махтанабын. Барыларыгар тахсыылаах үлэни, доруобуйаны баҕарабын, – диэн «Муома Далбар Хотуна-2018» Наталья Алексеевна үөрүүтүн үллэһиннэ.