Муома улууһугар полиция капитана Василий Бурцев сырдык кэриэһигэр мэҥэ таас туруордулар

135

Былырыын Муома оройуонугар өтөрүнэн буолбатах дьулаан быһыы тахсыбыта. Ыраах сытар Улахан Чыыстай нэһилиэгэр кыыллыйбыт дьон илиилэриттэн полиция капитана Василий Бурцев тустаах эбээһинэһин толоро сылдьан былаҕайга былдьаммыта.


Кинини кэриэстээн быйыл полиция дьиэтин иннигэр өйдөбүнньүк мэҥэ таас туруорулунна. Өйдөбүнньүк тааһы полиция сотрудниктара бэйэлэрэ көҕүлээн туруордулар. Мэҥэ тааһы арыйыыга полиция сотрудниктара, суут, прокуратура үлэһиттэрэ, бииргэ алтыспыт дьоно, табаарыстара муһуннулар.

Үтүө киһи аата үйэлэргэ умнуллубат. Василий Васильевич биһиэхэ үлэлээбитин тухары идэтигэр эҥкилэ суох бэриниилээх, ирдэбиллээх, эппиэтинэстээх үлэһит быһыытынан билинэбит. Өрүү инники күөҥҥэ сылдьар этэ. Кини идэтигэр бэриниитэ, дьоҥҥо аламаҕай сыһыана, булгуруйбат модун санаата, буруйу оҥорууну кытта эйэлэспэт кытаанах сыһыана биһиэхэ өрүү холобур буолуо. Биһиги кинини умнубаппыт. Бу саас Василий Васильевич кэриэһигэр остуол тенниһигэр күрэхтэһии олус тэрээһиннээхтик ыытыллыбыта. Кэлэр сылга быраабы араҥаччылыыр уонна суут-сокуон үлэһиттэрин Спартакиадаларын сөргүтэммит ыытарга былаанныыбыт. Спартакиадаҕа В.В. Бурцев аатын иҥэрэммит кини аатын үйэтитэргэ кыһаллыахпыт.

Бу туруоруллубут мэҥэ таас ыччаттарга патриотическай өйү-санааны иҥэриигэ дьоһун суолталаах буолара саарбаҕа суох. Уопсастыбаҕа бэрээдэги харыстааһыҥҥа, хас биирдии киһи туһугар эппиэтинэспитин санатан, бу мэҥэ таас үйэлэргэ өлбөөдүйбэт өйдөбүнньүк буолуохтун. Биир идэлээхпит Василий Васильевич хорсун быһыыта барыбытыгар холобур буолар, – диэн эттэ улуустааҕы полиция отделын начальнига, подполковник В.В. Стрекаловскай.

Салгыы тылы Муома оройуонун дьаһалтатын баһылыгын солбуйааччы В.Г. Слепцов ылла. Саҥа үлэлии кэлбит полиция младшай сержана А.А. Бугаева быраабы араҥаччылыыр органнар үлэһиттэрин бирисээгэлэрин аахта.

Мустубут дьон мэҥэ тааска гирлянданы, тыыннаах сибэкки дьөрбөтүн уурдулар. Ол кэннэ Василий Васильевиһы кэриэстээн саҥата суох иһийэн турдубут.

Василий Бурцев өлүөн 2-3 хонук иннинэ, ватсап ситимигэр биир идэлээхтэрин бөлөҕөр: «Муома оройуонугар буруйу оҥоруу суох буолуутун туһугар муннубут хаана тохтуор дылы күүскэ үлэлиэххэйиҥ!» диэн суруйбута, кэриэс курдук этиллибит. Этэргэ дылы, олоҕун тиһэх мүнүүтэтигэр диэри оройуоҥҥа бэрээдэк баар буоларын туһугар, биһиги нус-хас олохтонорбут туһугар туруулаһан туран үлэлээтэҕэ. Сүрэҕэ тэбэрин тухары…