Муома улууһун Хотугу хоһуунунан Слепцов Гавриил ааттанна

214

Байанай ыйыгар анаан күһүҥҥү сынньалаҥ кэмигэр үгэс буолбут “Хотугу Хоһуун” күрэх Муома орто оскуолатын иһинэн үһүс төгүлүн ыытылынна. Күрэх сүрүн сыалынан уол оҕо эт-хаан өттүнэн кыаҕын, булчут буолар үөрүйэҕин сайыннарыы, оҕону айылҕаҕа, сиэргэ-туомҥа сыһыарыы буолар.


8-11 кылаас уолаттара күрэххэ кыттаары, хоту дойду дьонун сиэринэн анаан-минээн оҥостон-тэринэн, сарсыарда эрдэттэн оскуолаҕа муһуннулар. Уопсайа 40 уол, 10 улахан киһи буолан, Муома үрэххэ сорох тимир көлөнөн, сорох сатыы хааман тиийдибит. Кыыдааннаах кыһын Тымныы оҕуһа сири-дойдуну үрүҥ тыынынан саба үрэн, дойдубут салгына ырааһыран, айылҕабыт хаар маҥан суорҕанынан бүрүнэн иһиллээбиттии иһийэн, чуумпуран көһүннэ. Тулабыт барыта утуйбут курдуга. Ол эрээри хаар кыырпахтаах муус анныгар туспа олох баарын билэбит, эбэбит көмүс хатырыктааҕа биир кэм төттөрү-таары устан үгүс балыксыты умсугутар.

Кэлбит дьон бары аан айылҕабытыгар сүгүрүйэн, арыылаах алаадьынан күндүлээн, Баай Байанай «мүчүк» гынарыгар көрдөстүбүт. Уолаттар балыктыыр, ойбон алларар тэриллэрин, тириилэрин кыбынан тус сыалларын тутуһан үрэххэ киирдилэр.

Семенов Эрчим бастакы балыгы хаптаран уолаттар көхтөрүн күөдьүттэ, саамай улахан балыгы, сыалыһары, тутан Феофанов Костя үөрүүтэ үрдээбитэ, Пилюченок Алеша оҕолортон ордон үс дьарҕааны, Ильин Павел иккини хабаннар дуоһуйдулар.

Ол кэмҥэ салайааччылар күөс күөстээтилэр, балаакка туруордулар. Эбиэт саҕана уолаттар биэс хамаанданан ким түргэнник уот оттон чэй оргутарыгар күрэхтэстилэр. Ол кэннэ оттубут кутааларын тула олорон сылаас миин, отуу итии чэйин истилэр. Күүс-сэниэ киллэринэн баран тэрээһин түһүмэхтэринэн күрэхтэстилэр.

Түһүмэх аайы кыайыылаахтар таҕыстылар: бэйэни билиһиннэриигэ, сүгэһэрдээх тоҥуу хаарынан сүүрүүгэ, “Булчут мүччүргэннээх сырыытыгар”, хомуур хапсаҕайга – “Байанай” хамаанда иннин биэрбэтэ, ойбон алларыытыгар – “Хоту уолаттара”, балыктааһыҥҥа, ырааҕы быраҕыыга – “Айылҕа оҕолоро”, отуу итии чэйигэр – “Көҥүл боотурдар”.

Күрэх түмүгүнэн бастакы миэстэни “Байанай” (11 «а» кылаас) уолаттара ыллылар, иккиһи – “Айылҕа оҕолоро” (8 «а» кылаас), үһүскэ – “Көҥүл Боотурдар” (8 «в», 11 «б»). Күрэх устата кэтээн көрүү түмүгүнэн уоланнары түмэр дьоҕурдаах, эт-хаан өттүнэн бэлэмнээх, тыаҕа, булка сыстаҕас туттуулаах үс эр хоһуун чорбойон таҕыста, ол Алексеев Павел (11 «а»), Жирков Женя (11 «б»), Слепцов Гавриил (9 «а»).

Уолан киһи күүс эрэ өттүнэн буолбакка, өй-билии өттүнэн эмиэ бэлэмнээх буолуохтаах, онон сиэттэрэн үс уолга булт тэрилин, Саха сиригэр баар балык аатын билиигэ, кыыл-көтөр суолун араарарга күрэх ыытылынна. Үгүс сөптөөх эппиэти биэрэн Слепцов Гавриил кыайыылаах буолла уонна «Хотугу Хоһуун» үрдүк аатын сүктэ.

Ильин Павел (8 «а» кыл) — «Инникигэ эрэл», Пилюченок Алеша (8 «в») — «Бастыҥ балыксыт», Алексеев Павел — «Кыайыыга дьулуур», Жирков Женя — «Хорсун санаа» анал ааттарынан бэлиэтэннилэр.

Хотугу Хоһуун уолаҥҥа уонна кыайыылаах үс хамаандаҕа Муоматааҕы “Аан Айылҕа” пааркатын дириэктэрэ Иванов М.Н. сыаналаах бириистэри алгыс тылы анаан туттарда. Бу тэрилтэ хаһыс да сылын тэрээһиммитин өйүүрүгэр, күүс-көмө буоларыгар барҕа махталбытын тиэрдэбит.