Муомалар бырабыыталыстыбаҕа сири кытта үлэни күүһүрдэллэригэр этиннилэр

118

Хонуу бөһүөлэгэр СР айылҕа харыстабылыгар министрэ Сахамин Афанасьев салайааччылаах республика Правительствотын бөлөҕө олохтоох нэһилиэнньэ иннигэр Судаарыстыбаннай былаас ситэриилээх уорганнарын 2017 сыллааҕы үлэтин-хамнаһын отчуоттаата.


Муома улууһугар ситэриилээх былаас отчуотун айылҕа харыстабылыгар министрэ Сахамин Афанасьев оҥордо. Кини ааспыт сыл республикаҕа, ол иһигэр биһиги оройуоммутугар туох үлэ ыытыллыбытын, онно төһө суумалаах үп-харчы көрүллүбүтүн, экологическай доктринаны олоххо киллэриини, о.д.а. сиһилии кэпсээтэ.

Муома национальнай нэһилиэгин олохтоохторо уонна оройуон тэрилтэлэрин салайааччылара правительство иннигэр сытыы боппуруостары туруордулар.

Муома начальнай оскуолатын учуутала А.В. Слепцов Индигир нэһилиэгэр Чыбааҕылаах үрэх резерватыгар баар Туобанда диэн күөлгэ кимнээҕэ да биллибэт дьон вертолетунан кэлэн бултаан-балыктаан баралларын олохтоохтор элбэхтик көрөллөрүн эттэ. Итини тэҥэ саллааттыы барар уолаттары маякка дьоннорун кытта көрсүһүннэрбэттэрэ этилиннэ. Манна Сахамин Миланович бу курдук эппиэттээтэ: «Сокуонунан харыстанар сирдэргэ бултааһын иһин холуобунай уонна административнай дьыала көбүтүллэр. Маны айылҕа харыстабылын олохтоох инспекцията болҕомтоҕо ылыан наада. Вертолеттаах сылдьар дьону көрбүттэр официальнай сайабылыанньа суруйуохтаахтар. Оттон маякка түспүт армияҕа сулууспалыы барар уолаттар дьоннорун кытта көрсүөхтээхтэр».

Хонуу олохтооҕо Н.Н. Немых аптеканы поликлиникаттан көһөрбүттэрэ сыыһатыгар уонна быраас суруйан биэрбит эмэ-томо аптекаҕа суоҕар тохтоото. Итини тэҥэ саҥа тутуллубут дьиэлэр тымныыларын, тутуулар тастарынааҕы суоллар туруктара куһаҕанын, саҥа дьиэлэр тастарыгар мастар олордуллуохтаахтарын, оҕо оонньуур былаһааккалара тутуллуохтаахтарын эттэ. Л.И. Вербицкая аптека медицина тэрилтэтиттэн туспа структураҕа киирэрин, оттон эми-тому хотугу оройуоннарга аҕалыы уустуктардааҕын ыйда. Оттон М.А. Костенко эппитинэн: «Хаарбах дьиэлэртэн саҥа дьиэлэргэ көһөрүү – бу федеральнай бырагыраама. Дьиэлэри тутуу кэккэ уустуктардаах. Манна регионнааҕы уратылар көрүллүбэтэхтэр. Ол курдук дьиэни тутар матырыйааллары таһыыга кэккэ ыарахаттары көрсөбүт, ону тэҥэ килиимэт усулуобуйата эмиэ мэһэйдиир«. Хаарбах дьиэттэн көһөрүү бырагыраамата туспа тутуу дьиэлээх дьоҥҥо сокуонунан көрүллүбэт эбит.

Л.И.Вербицкаяттан онкология балыыһата хаһан тутуллуоҕун ыйыттылар. Онно кини балыыһа икки сылынан тутуллан үлэҕэ киириэҕин эттэ. Хонуу олохтооҕо Т. П. Крылова: «Биһиги оройуоммутугар кэнники сылларга онкологическай ыарыынан ыалдьыбыт дьон ахсаана элбиир. Онон онкомаркеры манна оҥоруохха сөп дуо? Онколог-быраас үлэлии кэлиэ дуо?» – диэн ыйытта. «Оройуон нэһилиэнньэтин ахсаана аҕыйах буолан (4 тыһ.) онколог быраас штата көрүллүбэт. Оттон онкомаркердары идэтийбит балыыһаларга оҥороллор. Аҕыйах нэһилиэнньэлээх сирдэргэ хирурдары, терапевтары анал курстарга үөрэтиэхпит. Республикаҕа 20 эрэ онколог баар, оттон оройуон наһаа элбэх. Бастатан туран, Арктика уонна хотугу оройуоннар олохтоохторугар бэрэбиэркэни ыытыахпыт,»– диэтэ Людмила Ильясовна.

Ити кэнниттэн Хонуу олохтоохторо Т.Б. Соркомова, А.С. Ушницкая, о.д.а. олорор дьиэ, хаарбах дьиэттэн саҥа дьиэҕэ көһүү уустуктарын тула ыйытыылары биэрдилэр. Манна С.М. Афанасьев, М.А. Костенко, архитектура оройуоннааҕы отделын салайааччыта И.В. Соркомова эппиэттээтилэр. Т.Б. Соркомова хаарбах Спортивнай микрооройуон 7 № дьиэтигэр бастакы, үһүс группалаах сэттэ инбэлиит олорон кыһалҕаны көрсөллөрүн кэпсээтэ. Манна Сахамин Миланович социальнай үлэһиттэри кытта бу дьиэни баран көрүөх буолла.

Тыа хаһаайыстыбатын, ветеринария управлениеларын начальниктара Н.Б. Добрянцева, М.Д. Терехова үлэлэрин сүнньүнэн ыйытыы биэрдилэр. Тыа хаһаайыстыбатыгар сыһыаннаах хоруйдар манныктар: СР Правительствота өртөөһүнү көҥүллүүллэрин туруорсар, бөрөнү дьаатынан өлөрүү сокуонунан бобуулаах, оттон мелиорация үлэтэ өртөөһүнтэн тутулуктаах буолуон сөп.

Оройуоҥҥа скотомогильник уонна тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйатын батарар ырыынак суохтара, сүөһүнү тутар дьоҥҥо кэккэ күчүмэҕэйдэри үөскэтэр. Манна И.П. Павлов бу курдук эттэ: «Сэбиэскэй кэмҥэ Муома оройуонугар тыа хаһаайыстыбата күүскэ сайдыбыта. «Муома» уонна «Искра» диэн миллионер сопхуостар бааллара. Олох уларыйбытын кэннэ, сопхуостар эмиэ уларыйбыттара, сүөһүлэрин, сылгыларын, табаларын ахсаана лаппа аҕыйаабыта. Тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйатын оҥоруу 2010 с. тохтотуллубута. Билигин хотугу улуустартан бу үлэ Верхоянскайга эрэ баар. Оройуоҥҥа тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктанар ырыынак наада. Маннык ырыынактар бары оройуоннарга бааллар«. Наталья Борисовна уонна Матрена Дмитриевна үлэ хамнаһын үрдэтиини ыйыттылар. Манна М.А. Николаева үлэ хамнаһын үрдэтии тус-туһунан түһүмэхтэн турарын, бырыһыанынан үрдүүрүн эттэ.

Муома орто оскуолатын директора В.В. Тихонова саҥа дьиэҕэ киирэн, үөрэнэ-үөрэтэ сылдьалларын кэпсээтэ, онтон бары улаханнык үөрэллэрин биллэрдэ. Правительственнай бөлөххө ис сүрэҕиттэн махтанна, оскуолаҕа күүлэйдии кэлэ сылдьалларыгар ыҥырда уонна республика салалтатын былырыыҥҥы үлэтин «үчүгэйинэн» сыаналаата.

Муома национальнай нэһилиэгин баһылыга А.В. Андреев үлэ-хамнас туһунан элбэҕи кэпсээтэ. Оройуон, нэһилиэк таһымыгар оҥоһуллуохтаах дьыалалары Правительствоҕа туруорсары сөбө суоҕунан аахта, итиэннэ 2017 сыллааҕы республика үлэтигэр «туйгун» сыананы туруорда.

Түмүк тылы быйыл Муомаҕа төрдүс төгүлүн Правительственнай бөлөҕү салайан аҕала сылдьар С.М. Афанасьев ылла. Кини Муомаҕа олох тупсан эрэрэ харахха быраҕылларын, урукку туруоруллубут боппуруостар олоххо киирэллэрин бэлиэтээтэ. Хотугу Муома үтүө майгылаах хоһуун дьонугар бары үчүгэйи баҕарда, махталын биллэрдэ.

Индигир нэһилиэнньэтин иннигэр СӨ ситэриилээх былааһын уочараттаах отчуота туруорулунна. Санаттахха, олунньу 19 күнүттэн улуус бары нэһилиэктэригэр СӨ Айылҕа харыстабылын миниистирэ С.М. Афанасьев салайааччылаах Бырабыыталыстыба бөлөҕө 2017 сыллааҕы үлэни нэһилиэнньэ иннигэр дьүүллэһэр мунньахтара саҕаланна. Бастакы күн 15 чааска чугастыы Индигир нэһилиэгэр СӨ сибээскэ уонна информационнай технологияларга министрин солбуйааччы Ч. Н. Гаврильев лоп-бааччы сахалыы тылынан дакылааты туруорбутун олохтоохтор сэҥээрэ иһиттилэр. Ону сэргэ Бырабыыталыстыба сыллааҕы үлэтэ күөх экраҥҥа кылгастык кэпсэммитэ көстөн дакылаат ис хоһоонун ситэрэн биэрдэ. Чокуур Николаевич урукку сылларга туруорсуллубут боппуруостар туолан иһиилэрин, сүрүннээн бөрө бултааһыныгар анал мобильнай биригээдэ тэриллибитин, ол сыалга тыырыллыбыт харчы толору туһаныллыбытын, Чуумпу Кытылга иһэр уу турбата тардыллыбытын, саҥа хочуолунайдар үлэҕэ киирбиттэрин, олорор дьиэлэр ититэр киин ситимигэр холбоммуттарын, улуус киинигэр саҥа дизельнэй электростанция бастакы түһүмэҕэ ыытыллыбытын, о. д. а. үлэлэри кылгастык иһитиннэрдэ.

СӨ Арктика дьыалаларыгар госкомитетын бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы И. П. Павлов таба иитиитигэр, балыктааһыҥҥа учуонайдары сыһыаран үлэлэһэн эрэллэрин эттэ уонна кэккэ ыйытыктарга эппиэттээтэ: “Өрөспүүбүлүкэҕэ арктическай зонаҕа тайаан сытар 13 улууһу федеральнай таһымҥа таһаарарга киэҥ кэпсэтиилэр ыытыллыбыттара. Анал докумуоннар ситэриллэн, дойду салалтатыгар киирэн тураллар. Дьыала оннуттан сыҕарыйыаҕа диэн бигэ эрэллээхпит. Нефтебаза турар сиригэр былырыын биэрэги бөҕөргөтүүгэ көрүллүбүт 8700 тыһ. солк. харчыны сыл бүтүүтүгэр уһулан кэбиспиттэриттэн, кырдьык, үлэҕэ бытаарыы баара бэлиэтэнэр. Ол эрээри быйыл ол көрүллүбүт суума СӨ Арктика дьыалаларыгар госкэмитиэтин нөҥүө ааһан, Айылҕа харыстабылын министиэристибэтигэр киирдэ. Онон бөҕөргөтүү үлэтэ сыл бастакы кыбаарталыгар саҕаланыаҕа”.

Сибээс мөлтөҕөр Ч. Н. Гаврильев Билайн сибээһэ, кырдьыга, 200-кэ тиийэр-тиийбэт аҕыйах ахсааннаах нэһилиэнньэлээх пууннарга, көрдөһүү бэрэдээгинэн, состоруунньалаах лицензия ылбыттарын уонна Алдан, Дьокуускай курдук улахан куораттар суоттарыгар туттан олоробут диэн сананар наадатын ыйда. Кэнэҕэскитин киэҥ диапазоннаах спутниктары таһаараннар, сибээс тупсуохтаах. Кэнники тутуллар уопсай дьиэлэр атын матырыйаалтан таҥыллан дуу, тоҕо тымныыларын туһунан ыйытыкка Чокуур Николаевич соторутааҕыта ыытыллыбыт “төгүрүк остуолга” тутааччылар аныгы матырыйаалынан туһанан тутуу анал экспертнэй кэтээн көрүүнү ааһарын, федеральнай харчы ураты хонтуруолга турарын быһаарда. Арай тутуу хаачыстыбата бэдэрээччит суобаһыгар буолуон сөп. Ракета тобоҕо тоҕо Саха сиригэр чуолаан түһэрин туһунан ыйытыкка Ч. Н. Гаврильев ити сир меридиальнай өттүнэн орбитата сыҕарыйар кыаҕа суоҕунан ааҕаллар эбит диэтэ. Бу боппуруоһу киин хаһыат үлэһитэ А. Тарасов Бүлүүгэ миэстэтигэр баран билсэн, ракета тобоҕор радиация суоҕун быһаарбыттарын иһитиннэрбитэ.

Олохтоохтор тыа хаһаайыстыбатын салаатыгар кэнники сылларга сири-уоту уу ыларын эттилэр, сир оҥоһуутугар үлэ ситэри барбакка, сүөһү аһылыгын бэлэмнээһинэ уустугурарын, саатар ходуһа сирдэрэ өртөммөккөлөр, лаҥха буолан ойуур баһаарыгар куттал үөскээбитин муҥатыйа этиннилэр. Манна СӨ мелиорация үлэтин сүрүннүүр кылаабынай инженерэ В. М. Андреев сири оҥорууга маҥнай чинчийии үлэтэ барыахтааҕын, онтон дефектнэй аакта оҥоһуллубутугар олоҕуран, сайаапка сурулларын уонна нэһилиэк үп-харчы көрүллэр түбэлтэтигэр, мелиорацияҕа үлэ барыан сөбүгэр тохтоото: “Сылтан сыл аайы үбү-харчыны быһаллар, былырыын аҥардас 500 мөлүйүөнү устубуттара. Ону ол диэбэккэ, улууска 200-300 тыһ.солк. харчыны биэрэ олоробут. Улууска ходуһа сирин оҥорууга П. В. Корякин анал тракторынан үлэлиир. Киниэхэ бэриллибит булуук, сири хорутар булуук эмиэ баар. Ол наада буоллаҕына, булуугу нэһилиэк туһатыгар бэрдэриэхпит”. Чокуур Николаевич аҕыйах сыллаахтан Амурскай уобаласка улахан баһаар кэнниттэн, дойду үрдүнэн өртөөһүн бобуллан турарын санатта. Бу тэрээһиҥҥэ Саха сирэ көҥүл ылаары анал докумуоннары бэлэмнээбитэ, ол тустаах министиэристибэлэринэн Сөбүлэһиилэри ааһыахтаах этэ. Сөбүлэһии ыксаллаах быһыы-майгы салалтатын өттүттэн өйөбүлү ылбакка, бу боппуруос тохтоон турар. Ойуур да Департамена манна сэрэхэдийэрэ бааламмат. Ол эрээри боппуруос бэбиэскэттэн түспэтин, салгыы үлэлэһэллэрин И.П. Павлов тоһоҕолоон бэлиэтээтэ.

Олохтоохтору биир долгутар боппуруостарын доруобуйа харыстабылыгар туһаайдылар. Кэнники сүрэх, онкология ыарыыта улууска элбээбитин туһунан этиниигэ СӨ доруобуйа харыстабылын министрин солбуйааччы Л. И. Вербицкая онкология ыарыытын ахсаана, кырдьыга, уларыйбатын санатта: “Медицина сайдан, искэн ыарыы бастакы стадиятыгар эрдэ биллэн, ыарыһах элбээбит курдук. Кинилэри бары ньыманан, хайысханан кыах баарынан барытынан эмтиибит, ол иһигэр уон киһиттэн 7-8 киһи эмтэниигэ сылдьаллар, олохторун уһаталлар. Онон билигин бу ыарыыны бастакы стадиятыгар эрдэттэн бохсууга үлэлэһэр сорук турар. Бэл 1945 сыллаахха Аҕа дойду сэриитин кэнниттэн онколог-быраас В. Стравинскай араак ыарыыны эрдэттэн билэн, эмтээтэххэ элбэх киһини быыһыахха сөбүн эппитэ билигин даҕаны көдьүүстээх. Хас биирдии киһи бэйэтэ доруобуйатын эрдэттэн көрүнэн, быраастарга көрдөрөн иһиэхтээх, оччотугар эрэ бары өттүттэн күүспүтүн уурдахпытына, бу ыарыыны кыайыахпыт”. Оттон киин сиртэн быраастар сааскы-күһүҥҥү ыйдарга тоҕо суол суох кэмигэр улууска кэлэн үлэлииллэрий диэн ыйытыкка Людмила Ильясовна бары улуустар суоллара-иистэрэ куһаҕаныгар тохтоото: “Бу боппуруос барыларыгар сытыытык турар. Маны эмиэ сөпкө өйдүөххэ наада. Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн баара-суоҕа үс уролог, үс оҕо уролога, 1-2 маммолог курдук сэдэх идэлээх быраастар бааллар. Төһө кыах баарынан улуустары хабан үлэлииллэр. 3-4 сылга биирдэ быыһык кэми тутуһан, суол баар кэмигэр түбэһэллэрин курдук анал кыраабыкка киириэхтэрин сөп,” – диэн быһаарыы биэрдэ. Манна эбэн киин балыыһа кылаабынай бырааһа И. И. Харлампьева былырыын нэһилиэнньэ ортотугар харах ыарыыта элбэҕин учуоттаан ый устата куораттан анал быраас кэлэн, 500-чэкэ ыарыһаҕы учуокка ылан, эмтэнэллэрин ситиспитин туһунан эттэ уонна быйыл бу практика салҕанан, аны онколог быраас улууска быыһык кэмҥэ кэлэн үлэлиэҕин туһунан иһитиннэрдэ.

Уматык сылтан сыл аайы сыаната күн-түүн улаатарын туһунан ыйытыыга, СӨ нэһилиэнньэҕэ куттал суох буолуутун хааччыйар госкомитетын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы О. Г. Фоменко өрөспүүбүлүкэҕэ уматык сыаната бас-баттах барыаҕын өссө субсидия көрүллэн, сыананы тутан олороллорун эттэ: “Аҥардас ааспыт сылга Саханефтегазсбыт” ААУо 100-нэн мөлүйүөн солк. хоромньуламмыта. Оттон сыанатын үрдэппэккэ, куруук хоромньулаах тэрилтэ хаһан баҕарар эстэр кутталлаах. 44 №-дээх федеральнай сокуон хоту сир усулуобуйатын учуоттууругар уларытыы киллэттэриэххитин баҕардаххытына, РФ Госдуматын депутата Г. И. Данчикова аатыгар сурук суруйуоххутун сөп. Кини бу сокуоҥҥа уларытыы киллэрэргэ үлэлэһэ сылдьар. Кырдьыга, бу сокуоҥҥа кэрэхсэнэрэ үгүс. Тендердэр оонньононнор, бюджет харчыта 30%-на төннөрүн бэлиэтииллэр».

Олохтоохтор уот ситимигэр улахан кыһалҕаны көрсөллөрүн, 30-40 км усталаах уот ситимигэр сылга 1 км-гэ өрөмүөн ыытыахтааҕар туспа модульнай станция тутуутун туруорустулар.

Түмүккэ, Индигир национальнай нэһилиэгин баһылыга Б. И. Заровняев киирбит этиилэри учуоттаан, СӨ Бырабыыталыстыбатын иннигэр кэккэ боппуруостары туруорда: “Тыа сирин дьоно сүрүн дьарыкпыт – ынах сүөһүнү, сылгыны, табаны иитии буолар. Онон сирбитин-уоппутун оҥосторбутугар мелиорация үлэтэ сүрүн оруоллаах. Манна ураты болҕомтону туһаайыахха. Аныгы технология сайдар хаамыытыгар сөп түбэһэн сибээс тупсарыгар баҕа санаалаахпыт. Нэһилиэк бюджетыгар бастакы кыбаарталга харчыны үгүөрүтүк көрүөххэ наада. Кыһыҥҥы суол сыл саҥатыгар үс эрэ ыйга баар. Маны баттаһа сайыҥҥы ыытыллар үлэлэргэ туһанар матырыйаалларбыт кэлиэхтэрин наада. Холобур, быйыл ыйдарынан 2-лии эрэ мөл. солк. көрүллүбүт. Бу бюджет үлэһиттэрин хамнастарыгар эрэ тиийэр, атын наадаҕа туһаныыга суох. Ааспыт сыл бүтүүтүгэр СӨ үөрэҕин миниистирэ бэйэтинэн кэлэн барбыта, нэһилиэккэ саҥа оскуола тутуутугар ылсыах буолбута. Тылыгар туран 2024 сылга тутуута саҕаланыан сөбүн биллэрбитэ үчүгэй. Ол эрээри бу уһаан-кэҥээн хаалыах чинчилээх. Онон тутуу кэмин сылын чугаһатан тардан биэрэри туруорсабыт. Нэһилиэкпитигэр баар табанан дьарыктанар тэрилтэбит үчүгэй үлэтин бэлиэтиир тоҕоостоох. Ыстаадаларга хараалларын, күрүөлэрин тутуутугар судаарыстыбаттан чопчу көмө харчы көрөрү боротокуолга киллэртэрэбит”.

Онон отчуот мунньаҕын кыттыылаахтара, нэһилиэнньэ хайа да өттүттэн аһаҕас, киэҥ кэпсэтии тахсыбытын бэлиэтээтилэр. Олохтоохтор бырабыыталыстыба ыытар үлэтинэн астыналларын биллэрдилэр.