Соторутааҕыта Сиэйэ, Түбэй нэhилиэктэригэр үс улуус (Мэҥэ Хаҥалас, Өлүөхүмэ, Сунтаар) нөөрүктээйилэрин көрсүhүүлэрэ буолан ааста. Онно барыта 50-ча ыалдьыт кэлэн кытынна. Икки күн устата истиҥ-иhирэх көрсүһүү буолла. Ыалдьыттарбыт дуоhуйа сынньаннылар, элбэх интэриэһинэйи биллилэр-көрдүлэр.
Күн-дьыл төһө да тыалырдар, тымныйдар, уот да суох буоллар, барыта этэҥҥэ ааста. Өр иитиэхтээбит баҕа санаалара туолан, Нөөрүктээйигэ тиийэн нэhилиэк устуоруйатын кэпсиир ытык бэлиэҕэ сүгүрүйэн бардылар.
Сиэйэ, Түбэй оскуолаларын оҕолоро дакылааты бэлэмнээбиттэрэ, Сиэйэ нэhилиэгин устуоруйатын кэпсиир мусуой (салайааччы Максимова О.П.) баара ыалдьыттары сөхтөрдө, кэрэхсэттэ. Саха дьонугар сиэри-туому тутуhуу булгуччулаах. Ол сиэринэн ыалдьыттарбытын алгысчыт М.М.Евсеев-Кураhаай Мэхээлэ Бүлүү өрүс үрдүгэр турар Түбэй диэн бэлиэҕэ уот оттон, арыылаах алаадьынан айах тутан алҕаата. Сиэйэ, Түбэй нэһилиэгин олохтоохторо кэлбит ыалдьыттары сылаастык, сымнаҕастык көрсөн хоннордулар. Уот суоҕунан сибээстээн, кулуhун уотугар буhарыллыбыт араас саха аhынан ыалдьыттары Федорова В.Д., Иванова А.Н. күндүлээтилэр.
Төрүт Нөөрүктээйи олохтооҕо Вера Сергеевна Евсеева бу тэрээhиҥҥэ улахан күүс-көмө буолла.
Кэлбит ыалдьыттарга II Нөөрүктээйи дьоhун-мааны үлэhит дьонун Кириллин М.В., Кириллин С.М., Кириллин А.А., Чалбанов И.П., Чалбанова К.И., Степанова Г.И., Степанов Д.М., Иванов И.И., Васильева В.Н., Васильева Е.Н., Васильева Н.Г., Васильев Д.Г., Васильева М.А., Михалева С.М., Иванов И.Х., Иванова М.Н., Гаврильев Д.М., Иванов Н.В., Ефимова Д.Д., Илларионов Н.И., Илларионов К.И., Тараяров Г.Н., Семенов П.О., Семенов П.И., Гурьев Ю.М. ааттарынан кинилэр оҕолоро, сиэннэрэ, хос сиэннэрэ, аймахтара оҥорбут өйдөбүнньүк бэлэхтэрин туттардылар.
Сиэйэ, Түбэй кулуубун үлэhиттэрэ сынньалаҥы, көрү-нары сатабыллаахтык тэрийэн ыыттылар. Бу көрсүһүүнү тэрийэргэ улуус дьаhалтата, култуура уонна айылгы салаата, Сиэйэ, Түбэй нэhилиэктэрин баhылыктара күүс-көмө буоллулар. Маннык хомуллан, сомоҕолоhон, бэйэ-бэйэни өйөнсөн өбүгэлэрбит төрүт суолларынан дойдубут устуоруйатын үөрэтэр дириҥ ис хоhоонноох көрсүһүү түмүктэннэ. Кэлэр сылларга маннык көрсүһүүлэр салҕанан барыахтара.