Аан дойду дьахталларын күнүгэр аналлаах Найахытааҕы сынньалаҥ киин дьиэтигэр «Ис сүрэхтэн…» диэн нэһилиэк эр дьонун эҕэрдэ кэнсиэрэ ыытылынна. Эр дьон бары тахсан «Ийэҕэ махтал» ырыаны толордулар, хас биирдии кэрэ аҥарга тыыннаах сибэкки туттардылар.
Саала иһэ тобус-толору мустубут. Эрдэттэн кэнсиэркэ бэлэмнэнии күүскэ ыытылларын истэн, Кэптэниттэн тиийэ далбар хотуттар кэлэн, мааны ыалдьыт буоллулар.
Кэнсиэргэ нэһилиэк баһылыгыттан саҕалаан эдэр ыччатыгар тиийэ кыттыыны ыллылар. Ол курдук олохтоох дьаһалта (баһылык Сивцев П.С.), сынньалаҥ киин (директор Гаврильев Дь.В.), оскуола (директор Колодезников Я.И.), детсад (завхоз Рожин Н.Н.), «Найахы» ТХПК (Румянцев И.П.), баһаарынай чаас (Федоров В.Э.), дьиэ-уот коммунальнай хаһаайыстыбата (Лугинов Р.П.) эр дьонун коллективтара, сыана ветераннара, эдэр ыччаттар бары сыанаҕа тоҕо анньан таҕыстылар.
Кэнсиэр саҕаланыаҕыттан бүтүөр диэри ытыс тыаһынан ньиргийэн олордо. Видеосюжет киэргэтиилээх ураты концеры көрөн олорор кэрэ аҥардар истиҥ мичээрдэрэ кыттааччыларбытыгар өссө күүс-көмө буолла. Бу кэрэ киэһэҕэ хас биирдии ырыа, сценка, хоһоон ааҕыыта ис сүрэхтэн толоруллан истиҥ бэлэх буолла.
Нэһилиэк бары эр дьоно түмсүүлээхтэрин көрдөрдүлэр.