Быйыл ыам ыйыгар СӨ тыатын хаһаайыстыбатын уонна аска-үөлгэ политикатын министиэристибэтэ «Нэһилиэнньэ кыаммат араҥатын тыа хаһаайстыбатыгар сыһыарыы» диэн куонкурус ыыппыта. Бу куонкуруска уопсайа 282 муниципальнай тэриллии сайаапка биэрбиттэр.
Ыам ыйын 29-31 күннэригэр анал хамыыһыйа киин, илин эҥэр, Бүлүү бөлөх улуустарын баһылыктарын сайаапкаларын көрбүт. Онтон бэс ыйын 1 күнүгэр Арктика уонна хоту улуустар сайаапкаларын көрүү видеоконференция нөҥүө ыытыллыбыт. Биир нэдиэлэнэн хамыыһыйа 1 мөлүйүөн үп-харчы көмөтүн ылар 100 нэһилиэги биллэрбит. Бу үбүнэн нэһилиэк кыаммат дьонун тыа хаһаайыстыбатыгар сүөһүнү, сибиинньэни, кууруссаны уонна да атын дьиэ кыылларын иитиигэ сыһыарыахтаахтар.
Бу куонкуруска Булуҥтан Таймылыыр уонна Хара-Уулаах муниципальнай тэриллиилэр кыттыыны ылан, 1-дии мөлүйүөн солкуобайдаах граҥҥа тиксибиттэр.
Хара-Уулаах нэһилиэгэр сүүрбэччэ сыл анараа өттүгэр кэтэх хаһаайыстыбалаах ыаллар сүөһүлэрин, кыылларын эспиттэрэ. Ол курдук, нэһилиэнньэ урукку кэмҥэ ынах, сылгы, сибиинньэ, куурусса, күөх кырса, оннооҕор коза иитиитинэн дьарыктанар эбит буоллаҕына, билиҥҥи туругунан Найбаҕа сылгы эрэ иитэллэрэ биллэр.
Дьэ онон быйылгыттан саҕалаан кэтэх хаһаайстыбаны сөргүтэр былааннаах грант куонкуруһугар кыттыыны ылбыттар. Бу бырайыак сүрүн сыалынан-соругунан, бастатан туран, нэһилиэнньэ кыаммат араҥата дьарыктаах буоларын хааччыйыы уонна ыал бэйэтигэр эбии дохуот оҥостуута, иккиһинэн, Арктика улуустарыгар тыа хаһаайстыбатын сайыннарыы буолар.
Хара-Уулаах баһылыга Гаврил Попов:
– Миэстэтигэр, Найбаҕа, сибиинньэ хотоннорун сөргүтүү үлэтэ бара турар. Ону таһынан «Хатастааҕы свинокомплекс» ХЭТ уонна «Туймаада–Агроснаб» ААУо кытта тиэйии-таһыы өттүнэн дуогабар түһэрсэ сылдьабыт. От ыйыгар биһиэхэ самолетунан уон сибиинньэни аҕалыахтаахтар, онтон муорабыт аһылыннаҕына, Хара-Уулаахха дылы уунан тиэйиэхтээхтэр. Кэлин кууруссалары, хоруолуктары аҕалыахтара. Оҕурсуу олордорбутугар анаан поликарбонатнай теплицалары тутуохтаахпыт уонна хара буору тиэйиэхтээхпит, онтон кэлин хортуоппуй олордуутунан дьарыктаныахпыт.
Бу сылга өссө биир сүрүн былааммытынан буолар — оттооһуну сөргүтүү. Биллэрин курдук, быйыл хоту улуустарга сылгыларга сут дьыл буолла. Ол иһин былаан быһыытынан биэс туонна от оттонуохтаах диэн сыал-сорук туруорунан сылдьабыт. Сылгыһыттарбыт оттуурга бэлэмнэр, ходуһаларын үллэстиитэ буолбута. Онон от ыйа уонна атырдьах ыйа бүтүннүү от үлэтигэр ананар.