Нам Бөтүҥэр Улуу Өктөөп Өрөбөлүүссүйэтин 100 сылын бэлиэтээтилэр

402

Бөтүҥ нэһилиэгэр Өктөөп Өрөбөлүүссүйэтин 100 сылын бэлиэтиир тэрээһин буолан ааста. 1917 сыл сэтинньи 7 күнэ норуокка история буолан кэллэ.


Тэрээһин Нам улууһун Ытык киһитэ, СӨ үөрэҕириитин туйгуна, Бөтүҥ нэһилиэгин бэтэрээннэрин Сэбиэтин председателэ, кырдьаҕас хоммуньуус Михаил Кугданов көҕүлээһининэн ыытылынна. Ыҥырыынан улуус нэһилиэктэрин бэтэрээннэрэ, «Нам улууһа» МТ баһылыгын солбуйааччы Ефим Гоголев, Ил Түмэн депутата Петр Аммосов, Нам улууһун партийнай тэрилтэтин бастакы секретара Василий Алексеев, Нам улууһун бэтэрээннэрин Сэбиэтин председателэ Михаил Баишев уо.д.а. кыттыыны ыллылар. Үлүскэннээх үлэни өрө туппут хомуньуустарга «100 лет Великой Октябрьской социалистической революции» диэн өйдөбүнньүк мэтээли туттартаатылар.

Сэбиэскэй былаас кэмигэр Улуу Өктөөп бырааһынньыга дирбиэннээхтик-дарбааннаахтык, киэҥ далааһыннаахтык бэлиэтэнэрэ. Бу бэлиэ даата суолтатын, ис дьиҥин сэбиэскэй кэмҥэ төрөөбүт, иитиллибит дьон үчүгэйдик өйдүүр, саныыр буолуохтаахтар. Дойдуга бэриниилээх буолууга өйдөрүнэн-санааларынан салайтараннар үлэ-хамнас таһаарыылаах буолара. Ол ааспыт кэмҥэ эҥкилэ суох, дьаныардаахтык үлэлээбит ытык кырдьаҕастар уруккуларын санаан олус көхтөөхтүк кытыннылар.

Бу күн биир дойдулаахтарбыт государственнай уонна политическай деятеллэр Илья Егорович Винокуров, Максим Кирович Аммосов ааттара умнуллубата, кинилэр Сэбиэскэй былаас олохтонуутугар оруоллара сүҥкэн. Ону туоһулаан М.К. Аммосов аатынан Хатырык орто оскуолатын үөрэнээччилэрэ доргуччу хоһоон аахтылар. Максим Кирович төрөөбүтэ 120 сылыгар анаан спорт бэтэрээнэ Ион Васильев Хатырыктан государственность историятын музейыттан саҕалаан тэрээһин буола турар сиригэр диэри сүүрэн кэллэ. Бу бэлиэ миэстэҕэ эдэр урбаанньыт Эдуард Ядрихинскай бэйэтин үбүнэн, матырыйаалынан урут турбут вышкаҕа майгынныыр тутууну оҥорору мэктиэлээтэ.