Нам Хатырыгар саҥа историческай кинигэ сүрэхтэннэ

188

Нам улууһун Хатырык нэһилиэгэр М.К.Аммосов аатынан Саха Өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыбаннаһын мусуойугар историческай наука кандидата, этнограф Платон Алексеевич Слепцов төрөөбүтэ 60 сылын уонна кини аҕата Алексей Иванович Слепцов төрөөбүтэ 100 сылын көрсөр “Киэн туттар дьоммут: аҕалаах уол Слепцовтар” диэн ахтыы киэһэтэ буолан ааста. Итиэннэ “А. И. Слепцов. Учуутал. Буойун. Интэлигиэн”, “Платон Алексеевич Слепцов”, “П.А. Слепцов. Научные труды. Публикации” кинигэлэр сүрэхтэннилэр.


Алексей Иванович Слепцов Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэрии кыттылааҕа, Албан аат III истиэпэннэх, Аҕа дойду Улуу сэриитин II истиэпэннээх уордьаннарын кавалера, 40-чэ сыл устата оҕону, ыччаты үөрэххэ уһуйбут педагогическай үлэ бэтэрээнэ, 7 оҕо тапталлаах аҕата. 1917 сыл олунньу 27 күнүгэр Нам улууһун Түбэ нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Аҕата, Слепцов Иван Ильич, Түбэ нэһилиэгин Арҕаа Бадам аҕа ууһун киһитэ. Ийэтэ, Соловьева Марфа Даниловна, Дүпсүн улууһун Баатаҕайыттын төрүттээх.

Кини уола, Платон Алексеевич Слепцов, өрөспүүбүлүкэ дьоно-сэргэтэ бука бары киэн туттар дьоммут Максим Кирович Аммосов, Илья Егорович Винокуров олохторун чинчийэргэ үгүс сыратын уурбут, Хотугулуу-Илиҥҥи Федеральнай университет доцена, историческай наука кандидата, этнограф, “Саха Өрөспүүбүлүкэтин анал үөрэхтээһинин туйгуна”, “Гражданскай килбиэн” бэлиэ хаһаайына, Нам улууһун уонна Хатырык нэһилиэгин бочуоттаах гражданина.

Платон Алексеевич аҕатын Алексей Иванович туһунан суруйбут “Учуутал, буойун, интэлигиэн. Алексей Иванович Слепцов” диэн кинигэтэ бу күн сүрэхтэннэ. Кинигэҕэ Алексей Слепцов уһулуччулаах учуутал, Ийэ дойдутун көмүскээбит буойун, холобур буолар саха норуотун интэлигиэнэ буоларын оҕолоро, аймахтара, үөрэппит ыччаттара, үөлээннээхтэрэ, биир дойдулаахтара кини сырдык аатын, үлэтин үрдүктүк сыаналаан, киэн тутта суруйбут иһирэх ахтыылара киирбиттэр.

Тэрээһиҥҥэ кыттыбыт Ил Түмэн спикерэ Александр Жирков Платон Алексеевич Слепцов аатын-суолун ахтар түмсүү улахан суолталааҕын бэлиэтээтэ. Бастакынан, кини төрөөбүтэ 60 сыла, иккиһинэн, олус үчүгэй кинигэ таҕыста.

Спикер Платон Слепцов “Учуутал, буойун, интэлигиэн. Алексей Иванович Слепцов” кинигэтин ураты айымньы быһыытынан сыаналаата уонна олорон ааспыт дьон туһунан ахтыылары суруйуу литература туспа жанра, ылбычча кыайтарбатын эттэ. “Ахтыы эрдэ суруллубут айымньыларга сиэттэрэн, ис хоһоонун, тутулун, хаартыската ханан киириэхтээҕэр тиийэ ыйыллан суруллар. Оттон Платон Алексеевич ахтыыта олох ураты, ­- диэтэ Ил Түмэн спикерэ. – Ахтыытыгар аҕатын эрэ туһунан буолбакка, оччотооҕу кэми бэйэтэ хайдах ылынарын, өйдүүрүн суруйбут, Аҕа дойду Улуу сэриитин иннинэ олорбут дьон олоҕун, сэбиэскэй былаас олохтонуутун саҕана бастакы холкуостар, бастакы үөрэхтээһин, бастакы оскуолалар аһыллыылара, сэбиэскэй интэлигиэнсийэ үөскээһинин олох уратытык сырдаппыт”.

“А. И. Слепцов. Учуутал. Буойун. Интэлигиэн” кинигэҕэ П.А. Слепцов саха дьоно Аҕа дойду Улуу сэриитигэр бараллара, онно хайдах сылдьаллара, сэриини кинилэр хайдах ылыммыттарын, кыһалҕаларын омуннаабакка, героизмынан киэргэппэккэ, аҕатын Алексей Иванович уонна кини саастыылаахтарын кэпсээннэригэр олоҕуран, архыып докумуоннарын ырытан суруйбут.

Платон Слепцов аҕатын туһунан кэпсиэм, суруйуом диэн кэнники саныыра. Кэлин түмсүүлэргэ биһиэхэ элбэхтик “аҕам туһунан” диэн кэпсиир буолбута”, ­- диэн Платон Слепцов туһунан Александр Жирков аҕынна.

Ил Түмэн спикерэ “П.А. Слепцов. Научные труды. Публикации” научнай үлэлэрин хомуурунньугар киирбит Платон Алексеевич үлэлэрин судургу үлэлэр буолбатахтарын, кини устудьуоннуоҕуттан научнай үлэһит буолабын диэн быһаарыммытын бэлиэтээтэ.
Учуонай буолбакка, хара маҥнайгыттан бэйэтин этнограф быһыытынан көрөр этэ”, ­- диэн Александр Николаевич эттэ уонна Ленинград куоракка этнограф Рудольф Фердинандович Итс кафедратыгар үөрэнэн, чаҕылхайдык бүтэрбитин туһунан кэпсээтэ: “Ол кэмҥэ сүрдээх чаҕылхай ыччаттар бүтэрэн кэлбиттэрэ, Екатерина Дьяконова-Романова, Платон Слепцов, Петр Васильев кэлэн үлэлээн, Саха сиригэр саҥа этнографическай оскуоланы төрүттээбиттэрэ. Оскуола күн бүгүҥҥэ диэри саха этнографическай наукатыгар бэйэтин суолун, кыаҕын ыһыктыбакка сылдьар”.

Александр Жирков хомуурунньукка Платон Слепцов “Семья и семейная обрядность у якутов (XIX в. – начало XX в.)” диэн диссертацията киирбитин чорботто: “Ыал буолуу хайа баҕарар омук олоҕун төрдө, Платон Алексеевич ону хабан ылан, киһи аймах кэҥиир-уһуур, үксүүр-тэнийэр төрүөтүн үөрэппитэ. Кэлин ити тиэмэҕэ үлэлиэн баҕалаах киһи кини суруйуута суох сатаммат гына суруйбута”.

Маны таһынан, Платон Слепцов үлэлэрин бэлиэтээн, Александр Жирков кини өрөспүүбүлүкэ чулуу уолаттарын Максим Кирович Аммосовы, Илья Егорович Винокуровы үөрэппитин бэлиэтээтэ. Манна Платон Алексеевич М.К. Аммосов туһунан суруйууларыгар биир дойдулааҕым диэн буолбакка, кини туһунан интэриэһэ быдан дириҥ этэ. Өрөспүүбүлүкэбит судаарыстыбаннаһын олохтонуутун саҕалаабыт дьону төһө кыалларынан дириҥник үөрэтэн, ааттарын-суолларын үйэтитэн, силистэрин-мутуктарын нүөлсүтэн, кинилэри чэгиэн, үчүгэй, силигилии үүнэ турар Аал Лук Мас курдук оҥортоон таһаарыахтаахпыт. Хайа да көлүөнэ бэйэтин иннинээҕи көлүөнэтин сыаналыыр буоллаҕына, кэлэр көлүөнэни олорго сөҕөр-махтайар уонна олорго тардыһар гына иитэн таһаарыахтаах.

Биһиэхэ, сахаларга, сороҕор биллэр дьоммутун, чулуу уолаттарбытын улуустарынан үллэстээччибит. Норуот тумус туттар дьоннорун оннук алаастарынан араартыа суохтаахпыт”, — диэтэ спикер. Платон Слепцов суруйууларыгар Максим Кирович Аммосов, Илья Егорович Винокуров олус мөккүөрдээх түгэннэргэ киирэн, сүрдээх кыахтаахтык, дьоһуннаахтык тахсыбыттарын киллэрбитин Ил Түмэн спикерэ сыаналаата. “Платон Алексеевич кэнэҕэс дьон киэн тутта ааҕалларыгар кыһаллара сүрдээх ырылхайдык көстөр. Кини айымньыларын ааҕар киһи сэниэ-кыах ылар уонна бэйэтин санаатын күүһүрдэр”, — диэтэ Александр Жирков.

Алексей Иванович Слепцов кыыһа, Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Арассыыйа Суруналыыстарын сойууһун чилиэнэ Полина Перуашева ахтыы киэһэтигэр кэлбит дьоҥҥо аймахтар ааттарыттан истиҥ махтал тылларын эттэ. “Иван Петрович Пестряковка 3 сыл тухары, учуонай кэриэтэ, бэйэтэ хомуйсан, архыып кумааҕыларын ырытан “Түбэ нэһилиэгэ” диэн кинигэни таһаарбыта уонна онно аҕабыт Алексей Иванович төрүччүтүн оҥорбутун иһин улахан махталбын этэбин”, — диэтэ Полина Алексеевна.

Нам улууһун баһылыга Александр Атласов Платон Слепцов М.К. Аммосов олоҕун, үлэтин чинчийиилэрин, кини аатын үйэтитиигэ үлэлэрин бэлиэтээтэ. Ол курдук, баһылык “Максим Аммосов — политический и государственный деятель тюркских народов СССР” кинигэтэ саха норуотугар улахан суолталааҕын уонна “М.К. Аммосов. Фотографии, документы” диэн альбома Арассыыйа таһымыгар куонкуруска үрдүктүк биһирэммитин эттэ.

Платон Алексеевич олоҕу көрүүтүнэн, научнай билиитинэн, уопсастыбаҕа сыһыанынан, кинини биһиги өрөспүүбүлүкэбит биир дьоһун киһитинэн билинэбит. Айар киһи үйэлээх үлэтэ сүтүө, олорон ааспыт олоҕун холобура умнуллуо суоҕа”, — диэн Александр Атласов эрэллээҕин биллэрдэ.

Быйыл М.К. Аммосов төрөөбүтэ 120 сылын туолар үбүлүөйдээх сылын чэрчитинэн, төрүппүтүн-ууспутун өссө дириҥник үөрэтиэххэйиҥ диэн Хатырык нэһилиэгэр “Өбүгэ сылын” ыытабыт уонна бу тэрээһин ол чэрчитигэр холбоһон биэрдэ, тоҕо диэтэр П.А. Слепцов суолталаах үлэлэрэ биһигини биир сомоҕо оҥорор”, — диэн Хатырык нэһилиэгин баһылыга Алексей Пинигин бэлиэтээтэ.

Маны таһынан Алексей Иванович уонна Платон Алексеевич чугас дьоно, аймахтара, биир дойдулаахтара, Платон Слепцов доҕотторо, кэллиэгэлэрэ СӨ үтүөлээх геолога, ССРС өҥнөөх металлургиятын министиэристибэтин туйгуна Иван Пестряков, Саха Өрөспүүбүлүкэтин үөрэҕириитин туйгуна, учууталлар учууталлара, педагогическай үлэ бэтэрээнэ Харитина Павлова, Г.П. Башарин аатынан мусуой салайааччыта, историческай наука кандидата Пантелеймон Петров, М.К. Аммосов аатынан ХИФУ Хотугулуу-Илиҥҥи норуоттар култуураларын, тылларын институтун култуура уонна фольклор хааппыдыратын бырабыассара Юрий Платонов, историческай наука кандидата, Саха сирин музыкатын уонна фольклорун дириэктэрэ Аиза Решетникова уонна да атыттар бэйэлэрин ахтыыларын үллэһиннилэр. “Аҕалаах уол Слепцовтар дьоҥҥо чугас, аһаҕас үтүө майгылаах, дойдуларыгар бэриниилээх патриот дьон этилэр”, — диэн бэлиэтээтилэр.

Хатырыкка ыытыллыбыт дьоро киэһэҕэ Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Түмэнин Бэрэссэдээтэлэ Александр Жирков, Нам улууһун баһылыга Александр Атласов, Нам улууһун Хатырык нэһилиэгин баһылыга Алексей Пинигин, М.К. Аммосов аатынан ХИФУ Хотугулуу-Илиҥҥи норуоттар култуураларын, тылларын институтун бырабыассара, филологическай наука доктора Гаврил Филиппов, М.К. Аммосов аатынан ХИФУ Хотугулуу-Илиҥҥи норуоттар култуураларын, тылларын институтун бырабыассара, култуура уонна фольклор хааппыдыратын салайааччыта, филологическай наука доктора Василий Илларионов, историческай наука доктора, РНА Саха сиринээҕи салаатын Гуманитарнай чинчийии институтун, аҕыйах ахсааннаах хотугу норуоттар кыһалҕаларын археологияҕа үөрэтэр салаатын салайааччыта Розалия Бравина, М.К. Аммосов аатынан ХИФУ Хотугулуу-Илиҥҥи норуоттар култуураларын, тылларын институтун култуура уонна фольклор хааппыдыратын бырабыассара Юрий Платонов, Емельян Ярославскай аатынан Хоту сир норуоттарын историятын уонна култууратын судаарыстыбаннай мусуойун дириэктэрэ Егор Шишигин, Гуманитарнай чинчийии уонна аҕыйах ахсааннаах хотугу норуоттар кыһалҕаларын институтун Г.П. Башарин аатынан мусуойун дириэктэрэ Пантелеймон Петров, Алексей Иванович Слепцов оҕолоро, сиэннэрэ, аймахтара уонна уола Платон Алексеевич олоҕун аргыһа, кыыһа, сиэнэ, чугас доҕотторо, кэллиэгэлэрэ, биир дойдулаахтара кытыннылар.