Нам нэһилиэгэр саҥа арыллыбыт оскуолаҕа Бүөтүр Тобуруокап аата иҥэрилиннэ

174

Бүгүн  Үөһээ Бүлүү  үтүө-мааны олохтоохторугар үс бүк үөрүүлээх түгэн буолла.  Нам нэһилиэгэр 220 миэстэлээх таас саҥа оскуола үлэҕэ киирдэ. Бу үтүө чааска Бүөтүр Тобуруокап аата истиҥник ахтылынна.


Үөрүлээх тэрээһиҥҥэ СӨ үөрэҕин уонна наукаҕа миниистирин 1-кы солбуйааччы Феодосия Габышева, Үөһээ Бүлүү улууһун баһылыга Владимир Поскачин, Ил Түмэн дьокутааттара Марфа Филиппова, Гаврил Алексеев, Иван Шамаев кытыннылар.

Алгысчыт аал уоту айах тутан аһатан Үрдүк Айыылартан көрдөспүтүн кэнниттэн саҥа дьиэ аһыллыытын туоһулуур аалай лиэнтэни үөрэх миниистирин 1-кы солбуйааччы Феодосия Габышева, улуус баһылыга Владимир Поскачин, Нам агро-хайысхалаах оскуолатын дириэктэрэ Аскалон Николаев, Нам оскуолатын  бэтэрээн  учуутала, саха норуодунай бэйиэтэ Бүөтүр  Тобуруокап  кыра кыыһа Саргылаана Наумова уонна 10-с кылаас үөрэнээччитэ, өрөспүүбүлүкэ бастыҥ спортсмена Настя Нюкканова үөрэнээччилэр, учууталлар, олохтоохтор үөрүүлэрин ортотугар быстылар.

Салгыы саҥа оскуолаҕа саха норуодунай учуутала Бүөтүр Тобуруокап аата иҥэриллибитин эттилэр, ону үөрэнээччилэр, учууталлар, олохтоохтор дохсун ытыс тыаһынан уруйдаатылар

Саҥа оскуолаҕа маҥнайгы аһаҕас уруоктары ыытыыга аналлаах линейкаҕа улуус баһылыга Владимир Поскачин: «Оҕолору, учууталлары үөрүүлээх күн үүммүтүнэн ис сүрэхпиттэн эҕэрдэлиибин. Кэлиҥҥи кэмҥэ улууспутугар дьоһуннаах хас даҕаны саҥа оскуола тутуллан үлэҕэ киирдэ. Оҕолор оскуолаҕытын харыстааҥ, саамай сүрүнэ, үчүгэйдик үөрэниҥ», — диэн эҕэрдэлээтэ.

Чугдаарар тыастаах чуораанньыктар ыҥырыыларынан ыалдьыттар аһаҕас уруоктарга киирэн,  уруккуларын санаан араас предметтэргэ үөрэннилэр.

Саҥа оскуола аһыллыытын үөрүүлээх мунньахха сүрүн эҕэрдэ дакылааты СӨ үөрэххэ уонна наукаҕа миниистирин 1-кыра солбуйааччы Феодосия Габышева: «Нам оскуолатын үөрэнээччилэрин, учууталларын уонна олохтоохторун саҥа таас оскуола үлэҕэ киирбитинэн ис сүрэхпиттэн эҕэрдэлиибин! Саҥа оскуола аһыллыыта улахан событие буолар. Нам оскуолата араас кэмнэри туораан кэллэ. Ол курдук биир кэмҥэ кыараҕастык олорбуттара, онтон саҥа мас оскуола үлэҕэ киирбитэ. Аны туран, эмискэ оскуола умайбыта. Онно тута кэлэн сөптөөх дьаһаллары ылан көмө кэмигэр оҥоһуллубута. Итинник уустук кэмнэри уҥуордаан, бу саҥа оскуола аһылынна»,- диэтэ.