Нам улууһугар 97 киһи бэйэтин санаатын, этиитин салалтаҕа тириэртэ

218

Сылын аайы ыытыллар бүтүн Россиятааҕы гражданнары приемнуур күҥҥэ — ахсынньы 12 күнүгэр — Нам улууһун баһылыга, дьаһалта отделларын начальниктара, нэһилиэктэр баһылыктара, тэрилтэ салайааччылара олохтоохтору кытта көрсүһүүлэри тэрийдилэр.


Тустаах салайааччылары кытта көрсүһүүгэ 97 киһикыттыыны ылла. Кинилэр араас хабааннаах кыһалҕаларын, этиилэрин, санааларын туруорустулар.

«Нам улууһа» МТ дьаһалтатыгар – 18, улуустааҕы депутаттар Сэбиэттэрин председателигэр — 6, 19 нэһилиэккэ – 73 киһи сырытта.

Ордук элбэх ыйытыылар, туруорсуулар социальнай эйгэҕэ (үлэ, социальнай хааччыйыы, үөрэх, культура, сир учаастага), экономика салаатыгар (хамнас, тутуу, сибээс, агропромышленность), олох-дьаһах хайысхатыгар (олорор дьиэ, коммунальнай хаһаайыстыба, тупсарыныы) киирбиттэр.