Нам улууһун бастакы Баһылыгар анаммыт ахтыы киэһэтэ буолан ааста

325

Ааспыт нэдиэлэҕэ Намнааҕы педколледжка Нам улууһун бастакы баһылыга, РСФСР үөрэҕириитин, потребкооперация туйгуна, «Бочуот знага» орден кавалера, Саха АССР народнай депутата, 1 Хомустаах, Таастаах нэһилиэктэрин, Нам улууһун Ытык киһитэ, СӨ норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, «Знак признания заслуг», «Гражданскай килбиэн» бэлиэлэр хаһаайына Дмитрий Федотович Алексеев төрөөбүтэ 80 сылын көрсө ахтыы тэрээһинэ буолан ааста.


Бу күн кинини кытта өр сылларга салайар үлэҕэ алтыспыт, үтүөлээх дьон, улуус дьаһалтата кыттыыны ыллылар. Ол курдук, «Нам улууһа» МТ баһылыга Александр Атласов, Дмитрий Федотович кэргэнэ, РСФСР үөрэҕириитин туйгуна, «Учууталлар учууталлара” Галина Алексеева-Кардашевская, Ил Түмэн Государственнай мунньаҕын тутууга уонна сокуоннаска хамыһыйатын председателэ Алексей Еремеев, «1 Хомустаах нэһилиэгэ» МТ баһылыга Василий Жирков уонна бииргэ үлэлээбит дьоно ис сүрэхтэриттэн ахтыы оҥордулар.

Дмитрий Федотович төрөөбүт норуота сайдарын, олоҕо тупсарын, кэрэ эйгэтэ үксүүрүн туһугар күнүстэри-түүннэри толкуйдаан, туох эрэ саҥаны, үйэлээҕи оҥорбут киһи диэн сырдык ыра санаанан салайтаран үлэлээбитэ”, — диэн Галина Георгиевна бэлиэтиир.

Тэрээһинҥҥэ колледж «Ыллык» литературнай түмсүүтэ А.М. Татаринов-Удьурхай «Дмитрий Федотович Алексеев 80 сыллаах үбүлүөйүнэн» диэн суруйуутунан литературнай композиция туруоран аахтылар, «Мичээр» үҥкүү коллектива, Партизантан «Дьүрүл» народнай, Үөдэйтэн «Сайаара» вокальнай ансаамбыллар уо.д.а. тэрээһини киэргэтэн биэрдилэр.

Дьон көрүүтүгэр Дмитрий Алексеев үлэлээн ааспыт кэмин көрдөрөр истиэндэлэри оҥорбуттар. Онно кини туттубут тэриллэрин, бэлиэтэммит тэтэрээттэрин, кини туһунан кинигэлэри туруорбуттар.