Намнааҕы муниципальнай архыып “Нам улууһа” МТ дьаһалтатын иһинэн 109 каб.үлэлиир. Архыып сүрүн соруктара: докумуоннары мунньуу, харайыы уонна туһаныы. Ол курдук, 91 кумааҕынан докумуон фондатыгар 23291, о.и. 16613 үйэ саас тухары ууруллар, 6590 личнэй састаап, 88 биирдиилээн дьон докумуоннара уонна 1 фонда 146 фотодокумуоннар мунньулла, харалла сыталлар. Билиҥҥи туругунан архыып докумуоннарыгар источник быһыытынан 36 тэрилтэ ааҕыллан учуокка турар, ити тэрилтэлэри кытта докумуону бэрээдэктииргэ, мунньууга, харайыыга утумнаах үлэ ыытыллар.
Сылга ортотунан 1200-1500 нэһилиэнньэ социальнай-правовой ыйытыктарыгар эппиэт архыып справкатын быһыытынан оҥоһуллар. Сүрүннээн уһаайбалар, оттуур сирдэр, дьиэ-уот докумуоннарын бас билиигэ оҥотторорго сельскэй сэбиэттэр, администрациялар Уураахтарын выпискалара, пенсияҕа тахсыыга үлэ стаһын, хамнас ааҕыллыытын бигэргэтии буолар.
М.Н.ОхлопковаОлохтоох краеведтар, нэһилиэк уонна нэһилиэнньэ историятын үөрэтээччилэр архыыпка кэлэн докумуоннары көрөллөр, ааҕаллар, бэлиэтэнэллэр. Саамай кырдьаҕас докумуонунан 10 листээх Бөтүҥ нэһилиэгин 1921сыллаахха тохсунньу ыйга оҥоһуллубут ыалынан испииһэктэрэ буолар. Элбэх киһи сэҥээрэн көрөр-ааҕар докумуоннара колхозтар фондалара, нэһилиэктэр хаһаайыстыбаннай кинигэлэрэ буолаллар.
Сахабыт сиригэр 35 муниципальнай архыып баарыттан улууспут архыыба үлэ көрдөрүүлэригэр биир инники күөҥҥэ сылдьар. Харайыыга сытар докумуоннар дьон-норуот туһугар үлэлиэхтээхтэр, ол чэрчитинэн “Намский район: история, культура, фольклор” кинигэ “Матери-героини Намского района”, “О юристах земли Намской: вчера, сегодня, завтра” кинигэ бэчээттэммиттэрэ, “Летопись старых времен” ыстатыйа суруллубуттара. Улуу Кыайыы 70 сылыгар Нам улууһун 1941-1945 сс. килбиэннээх үлэлэрин иһин мэтээлинэн наҕараадаламмыт колхуостаахтар, оройуон тэрилтэлэрин үлэһиттэрин испииһэгэ оҥоһуллубута. Курскай Дугаҕа, Крымы босхолооһун иһин кыргыспыт буойуннар испииһэктэрэ чуолкайдаммыта, материал хомуллубута. Маймаҕа нэһилиэгэ тэриллибитэ 100 сылын бэлиэтиир чэрчитинэн улахан ырытыы оҥоһуллубута. Бу барыта архыыпка кичэллээхтик харалла сытар докумуоннартан булуллан, ааҕыллан суруллубута кэрэхсэбиллээх.
21 сыл архыып сэбиэдиссэйинэн Дария Николаевна Сергучева үлэлээбитэ. Сүҥкэн улахан кылаатын архыып тэтимнээх үлэтигэр киллэрбит киһинэн буолар. 90-с сылларга Союз ыһыллыытыгар элбэх тэрилтэлэр, совхозтар эстэн-симэлийэн, ыһыллыы-тоҕуллуу кэмигэр Дария Николаевна сыралаах үлэтин түмүгэ билигин көстөр. Личнэй састаап докумуоннара, дьон пенсияҕа тахсар стаһын уонна пенсия ананар кээмэйэ сөптөөх буолуутугар бу архыыпка киирбит докумуоннар туһалара буолар.
А.И.Корнилова11 сыл архивариустаабыт Зоя Романовна Платонова архыып былааннаах үлэтин сүрүннээбитэ уонна докумуоннары сааһылаан-бэрийэн фондаларынан чөкөппүтэ билиҥҥи үлэҕэ биир күүстээх көмө буолар. 2 сыл Илья Гаврильевич Лукин сэбиэдиссэйдээбит кэмигэр докумуоннары ситэри тутуу, экспертнай комиссия үлэтин сүрүннээбитэ төһүү көмө буолар.
12-с сылын Антонина Ильинична Корнилова архыып материальнай-техническэй базата сайдарыгар, килийиэннэр ыйытыктара кэмигэр эппиэттэнэригэр таһаарыылаахтык үлэлии сылдьар.
Докумуоннары сөптөөхтүк мунньуу, харайыы, туһаныы – бу барыта үлэһит дьоҥҥо, улуус олохтоохторугар көмө-тирэх эрэ буолар. Тапталлаах Наммыт улууһун историята кэлэр кэнэҕэски ыччакка ууруллан-хараллан туһалыы эрэ туруоҕа.