Николай Степанов Балаҕаччыга туруорбут скульптурата киэҥ биһирэбили ыла

410

Бүлүүгэ, Саха сиригэр киэҥник биллэр, бары өттүнэн дэгиттэр уус Николай Степанов былырыын скульптура курдук уустук көрүҥҥэ холонон, икки Советскай Союз Геройдаах Балаҕаччыга туруорбут оҥоһуга – оттуу сылдьар дьон скульптуралара — киэҥ биһирэбили ылла.


Николай Степанов маска, тимиргэ, муус оҥоһуктарга аата ааттаммыт, биллибит уус, айылҕаны дьүһүйтэлээбит улахан хартыыналарын киһи сэргии көрөр буоллаҕына, аны скульптор буолан турда.

Балаҕаччыга бэртээхэй скульптурнай ансамбль туруорда, мастарыскыайыгар эмиэ бэркэ табыллан оҥоһуллубут хас да скульптуралар, бюстар бэлэм тураллар.

Сахаҕа “баардаах батарбат” дииллэрин курдук, Николай кыратыттан уруһуйдаан, чеканкалаан, маһынан уһанан барбыт. Кэлин айылҕаттан бэриллибит дьоҕура сайдан, ситэн, маһы хаамтарар уус буола үүммүтэ.

Кини Бүлүү куоратыгар кэрэ көстүүлээх элбэх дьиэни туппутун, оһуорун-мандарын оҥорбутун, ураты үчүгэй көрүҥнээх “фирменнэй” олбуордарын Бүлүүтүн дьоно-сэргэтэ үчүгэйдик билэллэр. Төһөлөөх сэргэ оһуорун-мандарын оҥорон туруорбутун ааҕан сиппэппит, оннооҕор Кытай Порт-Артуругар туруоруллубут аар баҕаҕы кытта кини оҥорбута.

Тимири эллээһиҥҥэ, таптайыыга эмиэ улууспутугар бастыҥнар ахсааннарыгар киирсэр. Кини уһаммыт хомустара, быһахтара элбэх куонкурустарга бастаабыттара, тимиринэн оҥорууга эмиэ бэйэтэ туспа көрүүлэрдээх, куруук саҥаны оҥоро сатыыр үгэстээх.

Онтон муус оҥоһуктарга Россияҕа бастыҥ аатын ылан, Аляска курдук сиргэ тиийэн, аан дойду суон сурахтаахтарын кытта күөн көрсөн инники күөҥҥэ тахсыбыттаах. Дэлэҕэ, муус оҥоһугу оҥорууга аан дойду муҥутуур кыайыылааҕа буолуо дуо?

Николай скульптура курдук уустук көрүҥҥэ киирсэн, аата эмиэ киэҥ эйгэҕэ ааттанна. Норуот маастара хайдах саҕалаабытын бу курдук кэпсээтэ:

— Скульптуралары оҥоруу уруккуттан иитиэхтии сылдьыбыт санаам этэ. Хайдах оҥорору элбэхтик толкуйдаабытым, кыаллыа диэн эрэнэр этим. Ис өттө тимир боробулуоха, сиэккэ буолар, тас өттө бетон, кырааска, түмүгэр кутуу тимиртэн хаалсыбат бөҕө-таҕа оҥоһук тахсан кэлэр. Скульптураны оҥоруу үлэлээх эбит, элбэх бириэмэҥ барар. Тимиртэн кутан оҥорууну эмиэ билиҥҥитэ бэйэбэр “буһара” сылдьабын да, элбэх тэрили ирдиирэ бэрт.

Дойдубар Тоҕуска нэһилиэгим дьаһалтата, баһылык Афанасий Васильев, скульптура оҥоһуутугар сакаас биэрэннэр, бастакы оҥоһукпун былырыын күһүн көрдөрдүм. Биллэн турар, дьаһалта биллэрбит куонкурсун ааһан, бырайыак оҥорон ыыппытым. “Үлэ Килбиэнэ” сквер оҥоруохха диэн этии киллэрбиппин өйөөбүттэрэ. Тоҕо диэтэххэ, Балаҕаччы Николай Степанов уонна Алексей Миронов курдук икки Советскай Союз Геройдаах бөһүөлэк быһыытынан биллэр. Саха сиригэр биллибит элбэх туруу, хоодуот отчут үлэһит дьонноох нэһилиэк буолар.

Саҥа сквергэ оттуу, үлэлии сылдьар дьону: ырааҕы одуулаһар дьахтар, хотуурун сытыылыыр кырдьаҕас уонна атырдьахтаах оҕо скульптуратын көрдөхтөрүнэ, дьон урукку, билиҥҥи кэмнэри кытта ситимниир эбит. Скульптура араас өйдөбүлү биэрэрэ үчүгэй буоллаҕа.

Скульптор Николай Степанов быйыл Оҕо көмүскэлин күнүн иннигэр дойдутугар тахсан былырыын туруорбут фонтанын үлэлэтэн “Үлэ Килбиэнэ” сквер ситэриллэн, эмиэ тыа сиригэр суох үчүгэй сквер Бүлүү улууһугар баар буолла.

Быйыл бырабыыталыстыба отчуотугар кэлэ сылдьыбыт бөлөх кыттыылаахтара, миниистир солбуйааччылара, департаменнар салайааччылара сквери, скульптураны сонургуу көрбүттэрин, хайҕаабыттарын эт кулгаахпынан истэн турабын. Тыа хаһаайыстыбатыгар уонна ас-үөл политикатыгар миниистир солбуйааччыта Семен ПотаповТыа сиригэр бэртээхэй сквер толкуйдаан оҥорбуттар, маннык ханна да суох ээ, улуус иһигэр бу курдук оҥоһуктары оҥорор мындыр уустаах эбиккит” диэн хайҕаан, сэҥээрэн эппиттээх. Скульптор ити эрэ оҥоһугунан муҥурдаммакка, быйыл атын скульптуралары эмиэ оҥордо. «Балаҕаччыга туруорбут скульптурабын көрөннөр быйыл хас да сакаас киирбитигэр үлэлэстим. Үгүлээт нэһилиэгин дьаһалтата Ийэ скверигэр анаан оҕотун көтөҕөн турар ийэ скульптуратын оҥоттордо», — диир кини.

Олонхо ыһыаҕар Бүлүү биллэр олонхоһута Баһылай Каратаев пааматынньыгын — бэйэтэ хайдах туттан олонхолуу олорорун сакаастаабыттар. Улуу олонхоһуту хаартыскаттан көрөн оҥорбут. Кэргэнэ, оҕолоро, Олонхо дирекциятыттан, улуус баһылыга Сергей Винокуров кэлэн көрөн үчүгэй диэн барбыттар. Кырааскатын ситэрэн биэрэн, Олонхо ыһыаҕын иннинэ туруоран үлэтин дьон дьүүлүгэр таһаарар былааннаах.

Снайпер Дмитрий Гуляев 100 сааһыгар кыргыдайдар бюст сакаастаабыттарын эмиэ оҥорон, ситэрэн бүтэрбит.

Николай Кыргыдайга, онтон Балаҕаччыга олорбут иллээх Степановтар дьиэ кэргэттэригэр 11-с оҕонон төрөөбүт. Ийэтэ Мария уонна аҕата Николай Степановтар 12 оҕоҕо күн сирин көрдөрбүттэр. Николай кыра эрдэҕиттэн убайдарын көрөн уһанарга, уруһуйдуурга үөрэммит. Бииргэ төрөөбүттэрэ бары көмүс тарбахтаах дьон: уустар, иистэнньэҥнэр. Быйыл биир эдьиийэ Анна Николаевна Семенова эмиэ норуот маастара буолбута. Ийэтэ иистэнньэҥ бастыҥа эбит, түүлээхтэн иистэнэрин ордороро, оттон аҕата иллэҥ кэмигэр уһанарын, оттуур тэрилин оҥосторун, туостан араас оҥоһуктары өрөрүн, туу баайарын өйдүүр, уол оччолорго ардыгар туу тиэрбэстэрин токурутуһар эбит. Икки атаҕа суох убайа миэбэл оҥороро, улахан баҕайы ыскааптары уһанара, илим баайара, Мастаах эҥэр бастакы фотограбынан биллэр.

Удьуор утума диэн итини этэн эрдэхтэрэ. Балаҕаччы, Кыргыдай Степановтарыттан барыга барытыгар элбэх талааннаах дьон тахсыбытын, үлэлии-хамсыы сылдьалларын, ол иһигэр учуонайдар баалларын ахтыахха сөп.

Николай олонхо ыһыаҕын хас да күрэҕэр кыттаары бэлэмнэнэ сылдьарын кэпсиир. Кини музейтан көрөн, үтүктэн эр киһи уонна дьахтар ыҥыырдарын оҥоро сылдьар, хомус, быһах куонкурустарыгар кыттар санаалаах.

Ууһу тимири эллииргэ, ыллатарга, хомус оҥоруутугар аан дойду бастыҥ ууһа, быһах оҥоруутугар Саха сиригэр бастаабыт Реворий Чемчоев-Чөмчөө уһуйбут эбит.

Бу кылгас дьүһүйүүнү норуот маастара, биллиилээх уус Реворий Чемчоев тылларынан түмүктүөххэ:

— Ньукулай Ыстапаанап айылҕаттан бэриллибит киһи, кини бары өттүнэн маастар, уруһуй диэтэххэ уруһуй, мас диэтэххэ мас, тимир диэтэххэ тимир. Аны туран дьон моһуонун цеменинэн, тимиринэн скульптура оҥороро эмиэ ураты туттуу буолла. Дойдутун – Бүлүүтүн аатырдар уус Ньукулай Степановка саҥа ситиһиилэри баҕарыахха, кини саха санаата кыайарын-хоторун дьоҥҥо-сэргэҕэ көрдөрөр, өссө да көрдөрүө диэн эрэллээхпин!