Амма улууһугар саамай түгэх сытар нэһилиэгинэн Өнньүөс буолар. Манна 626 киһи олорор. Төрөөбүт нэһилиэктэрин сайдыытын туруулаһан, доруобай, чэгиэн-чэбдик, инники кэскилэ киэҥ буоларын туһугар, 6рөспүүбүлүкэтээҕи 7-с спортивнай оонньуулары көрсө, өнньүөстэр, спортсаалаларын тутуутун ситэрэн-хоторон, түмүктүүр сыаллаах, кэнсиэр тэрийдилэр.
Төһө даҕаны кыра нэһилиэк буоллар, Өнньүөс быйыл төрдүс төгүлүн Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан Норуоттар доҕордоһууларын киинигэр бэрт үрдүк таһымнаах кэнсиэри көрдөрдө. Уопсайа 11 массыынанан 87 киһи кэлбит. Саала иһэ тобус-толору көрөөччүлээх.
Кэлбит дьон дуоһуйа сынньанан, биир дойдулаахтарын көрсөн, ирэ-хоро кэпсэтэн, үөрэн-көтөн, сөҕөн-махтайан бардылар.
Ону таһынан, өнньүөстэр олохтоох дьаһалта аатыттан, куоракка олорор тыыл бэтэрээннэригэр уонна сэрии оҕолоругар хас биирдиилэригэр үрүҥ ас, балык, барыанньа, тоҥ сахалыы ас арааһын аҕалан туттараннар, махтал истиҥ тылын иһиттилэр.
Өнньүөстэр спортсаала туттара сатыы сылдьалларын үгүспүт билэр. Онон, Өнньүөстэн төрүттээх Дьокуускай куоракка, Аммаҕа, Аллараа Бэстээххэ уонна Өнньүөскэ бэйэтигэр олорор дьон киирии билиэтинэн улахан бириистэри туруораннар, элбэх билиэт атыыланан, көдьүүстээх өйөбүлү оҥордулар.
Амма- Наахара кэнсиэригэр киирии билиэтинэн сүүйүүлэр:
- «Үрэх төрдүгэр» учаастак (Олохтоох дьаһалта)
- Ньирэй (ИП О.Е. Пахомова)
- Коза (Т.Н.Гаврильева)
- Убаһа буута (П.М.Протопопова)
- Сахалыы иһит нобуора (Е.И.Дьяконова)
- Көмүс киэргэл (10 тыһ. солк. М.Е.Никитина, Л.Н. Ефимова)
- Мультиварка (С. Е. Апросимов дьиэ кэргэнэ)
- Мультиварка (ИП Л.Е.Куприянова)
- 5 тыһыынча уу харчынан (ИП М.А.Яковлев)
- 5 тыһыынча суумма уу харчынан ( С.Г. Пахомов)
- 10 тыһыынча уу харчынан (ИП А.Е.Степанов)
- 10 тыһыынча уу харчынан (ИП Е.П. Афанасьева)
- 20 тыһыынча уу харчынан (ИП Л.В.Никифорова)
- 25 тыһыынча уу харчынан (ИП Р.Е.Фөдотов)
- Туристическай путевка (ИП Э.Е.Михайлов)
- Дьиэ кэргэҥҥэ «Ефремовка» туристическай путевка (ИП Ф.П.Яковлөва).
Уонна сахалыы тоҥ ас арааһа, үрүҥ ас, сир аһа.