Ньурбаҕа ыытыллыбыт «Тыа ыала» өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэххэ биэс улуустан кытыннылар

304

Дьаархан нэһилиэгэ биир дойдулаахпыт, революционерка, биллиилээх салайааччы Дора Самуиловна Жиркова төрөөбүтэ 115 сылыгар анаан «Кэскил» ыһыаҕын тэрийэн ыытта. Манна «Тыа ыала» өрөспүүбүлүкэтээҕи дьиэ кэргэн күрэҕэ буолан ааста.


«Тыа ыала» күрэҕи СӨ Ыччат дьыалаларыгар уонна дьиэ кэргэн политикатын министиэристибэтэ, улуустааҕы дьиэ кэргэн отдела иилээн-саҕалаан ыыттылар. Өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэххэ Үөһээ Бүлүүттэн 10 оҕолоох Михаил Михайлович, Валентина Захаровна Осиповтар, Сунтаар улууһун Күндэйэ нэһилиэгиттэн 6 оҕолоох Владислав Валерьевич, Людмила Васильевна Васильевтар, Ньурба улууһун Октябрьскай нэһилиэгиттэн 5 оҕолоох Андрей Николаевич, Надежда Анатольевна Николаевтар, Горнай улууһун Орто Сурт бөһүөлэгиттэн 6 уол оҕолоох Михаил Николаевич, Марфа Николаевна Текеяновтар, Бүлүү Халбаакытыттан төрүттээхтэр 4 кыыс оҕолоох Афанасий Сергеевич, Людмила Ивановна Кондаковтар кытыннылар.

СӨ Ыччат дьыалаларыгар уонна дьиэ кэргэн политикатын министиэристибэтин иһинэн дьиэ кэргэн отделын салайааччыта Оливия Шилова бэрэссэдээтэллээх дьүүллүүр сүбэҕэ Арассыыйа суруналыыстарын Сойууһун чилиэнэ, экспертнэй сэбиэт чилиэнэ Светлана Мытник, Саха сирин народнай педагогикатын Ассоциациятын бэрэссэдээтэлэ Иван Кондаков үлэлээтилэр.

Күрэх кыттааччылара бэйэни билиһиннэрииттэн саҕалаатылар, дьиэ кэргэн бырайыагын көмүскээтилэр. Бары дьиэ кэргэннэр оҕо иитиитигэр уһулуччу болҕомто ууралларын, оҕо саастарыттан саҕалаан үлэни сыаналыырга, тыа сирин хаһан да бүппэт түбүктээх үлэтиттэн быыс булан, оҕо иитиитигэр улахан болҕомтону уураллар эбит. Оҕолор бары үөрэхтэригэр ситиһиилээхтэрин, оскуола уопсастыбаннай олоҕор көхтөөх кыттаччы буолалларын биллибит.

Ньурба улууһун Октябрьскай нэһилиэгиттэн Николаевтар дьиэ кэргэннэрэ ыал буолан олорбуттара быйыл 18-с сыллара буолбут. Ыал ийэтэ Надежда Анатольевна улуустааҕы дьарыктаах буолуу Киинин специалиһа, ыал аҕа баһылыга Андрей Николаевич «Өнөр» бааһынай хаһаайыстыба салайааччыта. Тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктаммыттара 10-тан тахса сыл буолбут, 11 сүөһүлээхтэриттэн 3-һэ ыанар ынах. Ыал аҕата: «Аҕам хортуоппуй үүннэриитинэн дьарыктанар этэ, кини сүбэтин-аматын ылан, уопутугар олоҕуран хортуоппуйунан дьарыктанабын». Дьиэ кэргэн «Бэйэ үүннэрбит хортуоппуйа» бырайыагы көмүскээтилэр. Инникитин өлгөм үүнүүнү ылан, нэһилиэнньэҕэ батаран, кэнэҕэс үлэлэрин сайыннарарга былаанныылларын билиһиннэрдилэр.

Үөһээ Бүлүү Далырыттан кэлбит дьиэ кэргэн ийэтэ Валентина Захаровна учуутал идэлээх, К.С.Чиряев аатынан түмэлгэ методиһынан үлэлиир. Ыал аҕата, Ньурба Хаҥалаһыттан төрүттээх Михаил Михайлович кадровай булчутунан бочуоттаах сынньалаҥҥа барыар диэри үлэлээн, билигин уопсастыбаннай булчутунан сылдьар. Дьиэ кэргэн кэскиллэрин тэнитэн 7 туруйа уолаттарыгар ханыы гынан 3 кыталык кыргыттары төрөтөн, 40 сыл эйэ дэмнээхтик олорон кэлбиттэр. Өбүгэлэриттэн хаалбыт сайылыктааһыны өрө тутар сыалтан, саха балаҕынын төрөппүт уолаттара тутан-хабан, үлэҕэ киллэрбиттэр. «Алаас ыала» этно-туристическай база тэринэн, от ыйын 17 күнүгэр аанын аһалларын туһунан ыал ийэтэ билиһиннэрдэ.

Бүлүү улууһун Халбаакы нэһилиэгиттэн Кондаковтар дьиэ кэргэннэрин ийэлэрэ Людмила Ивановна «Сайдыы» бааһынай хаһаайыстыба салайааччыта. Кондаковтар дьиэ кэргэннэрэ саҥа үүнэн эрэр кэскиллээх көлүөнэ эдэр ыччата тыа хаһаайыстыбатыттан тэйбэтин туһугар былааннаах үлэ ыыталлар эбит. 50-ча төбө сүөһү турар аныгылыы типтээх хотоҥҥо носуоһунан үлэлиир сүөһү уулатары олоххо киллэрэн, иккис сылын туһанан кэлбиттэр. Хотон сытын-сымарын, сиигин аһардарга фонарь (ураа) туруортаран, хотон сыта-сымара суох буоларыгар үлэлэспиттэр. Инники былааннарыгар толору хааччыллыыны киллэртэрэргэ оҥорбут сметаларын билиһиннэрдэ.

Горнай улууһун Орто Сурт нэһилиэгиттэн Марфа Николаевна, Михаил Николаевич Текеяновтар дьиэ кэргэннэрэ төһө да тэрилтэҕэ үлэлээтэллэр, сүөһү, сылгы иитиитинэн дьарыгыраллар. Кэргэннииллэр дьиэ кэргэн бүддьүөтүн ааҕан-суоттаан таһаарбыттарын билиһиннэрдилэр. Сүөһү иитиитигэр сүрүн үлэнэн оттооһун, кыстыгы туорааһын буоларын этэллэр. Сүөһүнү иитиигэ ааспыт сылга 126 900 солк. ороскуоттаабыт буоллахтарына, бу сыл 3 тонна үүтү туттараннар ороскуоттарын саппыттар. Маны таһынан куурусса ииттэн эбии барыс киллэрэллэрин, кыстыыр оттук мастарын ыал аҕата уолаттарынаан бэлэмнээннэр маска ороскуотурбаттарын этэллэр. Эдэр дьиэ кэргэн улуус олоҕор актыыбынай позициялаах буоланнар, өрөспүүбүлүкэҕэ тиийэ куонкурустарга кытталларын, олорор сирдэригэр дьиэ кэргэннэри мунньан, көҕүлээн оҕо оонньуур былаһааккатын туппуттарын кэпсээтилэр.

Сунтаар Күндэйэтиттэн төрүттээх Людмила Васильевна, Владислав Валерьевич Васильевтар дьиэ кэргэннэрэ куонкуруска эһэлэрин, эбэлэрин илдьэ кэлэн кытыннылар. Дьүүллүүр сүбэҕэ оҕолор бэйэлэрин бырайыактарын билиһиннэрдилэр. Ол курдук, ыал улахан уола Айаал магнит оҥорооһунунан дьарыктанарын таһынан, мобильнай фотостудия аһан, ылыммыт үс сыллааҕы былаанын билииһиннэрдэ. Иккис уол 0,350 га сиргэ хортуоппуй үүннэриинэн дьарыгырар эбит. Кэнэҕэс хортуоппуйтан чипсы астаан нэһилиэнньэҕэ батарыыга былаанныырын билиһиннэрдэ. Кыыстара Айталина куурусса иитиитин кэтээн көрөн, бэйэтэ бырайыак оҥостон үлэлээбитин кэпсээтэ. Кыра кыыстара дьүөгэлэрин кытта хоруоҥкаттан киэргэллэри тигэн «Айыы-Куо» куонкуруска кыттаннар, 1000 солк. суумалаах сертификатынан наҕараадаламмыттар. Киллэрбит үптэринэн эбии хоруоҥка атыылаһан, баттах туттарыыларын, ободоктары оҥорон эмиэ туһаҕа таһаарбыттар.

Күрэх түмүгүнэн Сунтаар Күндэйэтиттэн Людмила Васильевна, Владислав Валерьевич Васильевтар дьиэ кэргэннэрэ кыайаннар, бу сыл бүтэһигэр дьиэ кэргэн фестивалыгар кыттыахтара, Ил Дархан Е.А.Борисов харчынан бириэмийэтин тутуохтара.

Ньурба улууһун Октябрьскай нэһилиэгиттэн Надежда Анатольевна, Андрей Николаевич Николаевтар СӨ «Дьиэ кэргэн политикатын сайыннарыыга кылааттарын иһин» бэлиэни үөрүүлээх быһыыга-майгыга Саха сирин народнай педагогикатын Ассоциациятын бэрэссэдээтэлэ Кондаков И.И. туттарда. Күрэх кыттыылаахтарыгар 5000 солк. суумалаах сертификаттары туттардылар.