Ньурба улууһугар бэс ыйын 30 күнүгэр Абый, Горнай, Муома, Ньурба улуустарын Бочуоттаах гражданина Варвара Андреевна Петроваҕа аналлаах сквер-уһаайба үөрүүлээх арыллыыта буолла. Ырахтан-чугастан мустубут дьон В.А.Петрова аатынан оскуола-садыгар, Үөдэй нэһилиэгэ 350 үбүлүөйдээх сылыгар аналлаах ыһыах аһыллыытыгар, Хаҥалас нэһилиэгэр В.А. Петрова аатынан түмэлгэ сырыттылар.
Үөрүүлээх тэрээһиннэргэ Ил Түмэн бэрэссэдээтэлэ А.Н. Жирков, Петрова В.А. бииргэ төрөөбүт быраата, алмаас бырамыысыланнаһын бэтэрээнэ Петров С.А., Ил Түмэн Судаарыстыбаннай Мунньаҕын депутаттара Прокопьев В.М., Григорьева А.А., улуус баһылыгын э.т. Никифоров И.П., оройуон Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Евсеев С.И., «Ньурба куорат» дьаһалтатын баһылыга Иннокентьев А.М. уо.д.а. кыттыыны ыллылар.
Үөдэй нэһилиэгэр айан суолун таһыгар Варвара Андреевнаҕа аналлаах сквер-уһаайба аһыллыытыгар сарсыардаттан дьон муһунна. Нэһилиэк олохтоохторо биир дойдулаахтара судаарыстыбаннай, уопсастыбаннай деятель, Үөдэй нэһилиэгин статуһа төннөрүгэр ситиспит Варвара Андреевнаҕа махтаналларын, сүгүрүйэллэрин биллэрдилэр. Сквер-уһаайба аһыллыыта биир умнуллубат историческай күнүнэн буолла. Анаабыт курдук чаҕылхай куйаас күн сатыылаата.
СӨ Судаарыстыбаннай Мунньаҕын бэрэссэдээтэлэ А.Н. Жирков, Ньурба улууһун баһылыгын э.т. Никифоров И.П., Үөдэй нэһилиэгин баһылыга Гаврильев Л.Н., Варвара Андреевна быраата, алмаас бырамыысыланнаһын бэтэрээнэ Петров С.А. кылбаа маҥан лиэнтэни быстылар, сибэкки дьөрбөтүн пааматынньыкка уурдулар.
Александр Жирков илии баттааһыннаах махтал суругу үлэ бэтэрээнигэр Корнилов С.С., СӨ Судаарыстыбаннай Мунньаҕын СӨ экономическай сайдыытын бочуотунай грамотатын, кыһыл көмүс чаһыны Үөдэй нэһилиэгин баһылыгар Гаврильев Л.Н. үөрүүлээх быһыыга-майгыга туттардылар. «Үөдэй нэһилиэгэ» МТ аатыттан үйэлээх сквер-уһаайба тутан олоххо киллэрбит «Региональнай сайдыы» ХЭО генеральнай бэдэрээччитигэр Васильев А. А., Ньурбатааҕы «Кооператор» маҕаһыын салайааччытыгар Иванова В.Е., Үөдэйтэн сквер тутуутугар үлэлэспит Григорьев В.Н., Иванов А.А., Николаев А.А. бочуотунай грамоталары туттардылар. Тэрээһин оһуокайынан түмүктэннэ.
Салгыы Үөдэй оскуолатыгар сырыттылар. Аан бастаан 1922 сыллаахха 20-чэлээх уол Егоров Николай Васильевич Үөһээ Бүлүүттэн кэлэн арыйар. Жирков А.Н. оскуолаҕа муҥутаан төһө оҕо үөрэммитин туоһуласпытыгар, оскуола-саад дириэктэрэ Васильева Т.И. 60-чаҕа тиийэ оҕо, 2002 с. диэри 9 кылаастаах оскуола буола сылдьыбытын эттэ. 2004 сыллаахха үөрэнэр оҕо ахсаана аҕыйаан, статустара уларыйан оскуола-саад буолбут. Билиҥҥи туругунан оҕо садыгар 12, оскуола 10-ча оҕо үөрэнэр. Былаан быһыытынан оҕо саада тутуллуохтааҕын үп-харчы тиийбэккэ, тутуу 2018 сылга көспүтүн эттилэр.
Үөдэй үбүлүөйдээх ыһыаҕын аһыллыытыгар Таркаайы нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо Иннокентьева А.М. алгыс сиэрин-туомун оҥордо. Үөдэй үбүлүөйдээх Александр Жирков: «Үөдэй сиригэр тутуллубут ыһыахтыыр сир, Петрова Варвара Андреевна аатынан сквер-уһаайба дьиҥ сахалыы ылбаҕай тыыннаах гына тутуллубуттар. Итиннэ эһиги хас биирдиигит илиигит сылааһа иҥпитэ көстөр. Кэнэҕэс сквер-уһаайба Ньурба улууһун баһылыктара, ытык дьоно мааны ыалдьыттары көрсөр киин сирдэринэн буолуон сөп эбит», — диэн этиитэ оруннаахтык иһилиннэ.
Депутат Григорьева А.А. үөрэҕирии, наука, култуура, иһитиннэрэр-биллэрэр маассабай средстволарын комитетын аатыттан бочуотунай грамоталары Аммосова Н.И., Гаврильева А.П., Степанова М.С. үөрүүлээх быһыыга-майгыга туттартаан туран, араас кэмнэргэ САССР Үрдүкү Сэбиэтигэр Үөдэй нэһилиэгиттэн депутаттарынан Мотрена Андреева, Варвара Петрова үтүө суобастаахтык үлэлээн ааспыттарын ахтан ааста.
Депутат Прокопьев В.М. сир сыһыаннаһыыларыгар, айылҕа ресурсаларыгар уонна экологияҕа комитетын аатыттан тыа хаһаайыстыбатыгар кылааттарын иһин Григорьева А.С., Григорьева А.И., Андреева Л.К. бочуотунай грамоталары туттартаата уонна Үөдэй нэһилиэгин баһылыгар Гаврильев Л.Н. кэккэ сылларга ыкса сибээстээхтик үлэлээн кэлбиттэригэр махтанарын биллэрдэ.
Ньурба оройуонун баһылыгын э.т. Никифоров И.П. Ыччат уонна дьиэ кэргэн политикатын министиэристибэтин аатыттан дьиэ кэргэҥҥэ оҕо иитиитигэр кыһамньыларын иһин Сергей Семенович, Марина Семеновна Корниловтарга, маны таһынан Васильева М.П. махтал суругу, улуус бочуотунай грамотатынан Аммосов А.Н., Николаев А.А., махтал суругунан Васильева Т.В. наҕараадалары туттартаата.
Улуустааҕы социальнай харалта управлениетын салайааччыта Уларова А.М. улуустааҕы социальнай судаарыстыбаннай тэрилтэлэр ааттарыттан Үөдэй нэһилиэгиттэн элбэх оҕолоох дьиэ кэргэннэргэ В.А.Петрова аатынан бириэмийэни Үөдэйтэн элбэх оҕолоох Мария Трофимовна, Алексей Васильевич Ивановтар дьиэ кэргэннэригэр туттарда.
Кэлбит ыалдьыттар салгыы Хаҥаластааҕы Петрова В.А. аатынан кыраайы үөрэтэр түмэли көрдүлэр. Тэрилтэни төрдүс сылын Анисимова З.В. салайан үлэлэтэр. Кини түмэлгэ Петрова В.А. 600-тэн тахса экспоната харалла сыталларын эттэ. Итиэннэ Хаҥалас нэһилиэгэ Сата уустарынан биллэрин, 2016 с. «Сата уустарын ньымаларынан тимири уһаарыыга холонон көрүү» диэн бырайыагы тимир ууһа Афанасьев А.В. суруйан, өрөспүүбүлүкэттэн, оройуонтан грант ылан, тимир уһаарыытынан дьарыгырбытын билиһиннэрдэ. Бу сылга Ариан Васильевич көҕүлээһининэн Уус кыһата, балаҕан тутуутун саҕалаабыттарын, аны күһүн ыытыллыахтаах өрөспүүбүлүкэтээҕи саха быһаҕын күрэҕэр кыттаары бэлэмнэнэ сылдьалларын эттэ.
Ньурба куоратыгар Сергей Васильев аатынан сынньалаҥ пааркатыгар аны күһүн куорат үбүлүөйдээх 20 сылын туолуутугар паарканы уларытан оҥорууга бырайыактарын «Ньурба куорат» дьаһалтатын баһылыга Иннокентьев А.М, бырайыактыыр бюро салайааччыта Семенов М.С., салгыы Ст.Васильев уулуссатыгар турар Степан Васильев пааматынньыгар оҥоһуллуохтаах сквери көрдөрдүлэр, үлэ хаамыытын билсиһиннэрдилэр.