Ньурбалар өрөспүүбүлүкэтээҕи үтүө быһыы кэлим дьайыыларыгар кыттыһаллар

182

«Үтүө быһыы өрөспүүбүлүкэтэ» кэлим дьайыылар күннэригэр Дьиэ кэргэҥҥэ уонна ыччакка социальнай-психологическай көмө киинин Ньурбатааҕы филиалын дьоҕус кэлэктиибэ көҥүл өттүнэн көмөлөһөөччүлэр хамсааһыннарыгар кыттыста.


«Үтүөнү бэлэхтээ» аһымал санааланыы аахсыйатын чэрчитинэн, муус устар 5 к. Ньурба к. баһаартан эмсэҕэлээбит дьиэ кэргэттэргэ көмөнү оҥордулар. Кулун тутар 27 к. Ньурба к. Донской уулуссатын 13 №-дээх, тулаайах оҕолорго анаан тутуллубут дьиэ 3 кыбартыырата эмсэҕэлээбиттэрэ. Көмөнү оҥоруу билигин да салҕанар.

«Үтүөнү бэлэхтээ» аахсыйа чэрчитинэн Күндээдэ нэһилиэгин ыччата уонна оскуола үөрэнээччилэрэ ыараханнык ыалдьар соҕотох ийэ оҕолоругар мас саһааннаан, сааһылаан көмөлөстүлэр.