Оҕо оһуохайын түһүлгэтин төрүттээтэ

157

Васильева Марта Георгиевна-Алгыстаана – Аллыҥа нэһилиэгин далбар этээччитэ, үҥкүүһүт, ырыаһыт, суруйааччы, оҕолору оһуохайга 90 сыллартан утумнаан дьарыктыыр.

Алгыстаана быйыл 55 сааһын бэлиэтээн төрөөбүт дойдутугар Аллыҥаҕа оҕо оһуохайын түһүлгэтин төрүттээтэ. Түөлбэ ураты матыыбыгар сыратын биэрэн үлэлэспит улуус, өрөспүүбүлүкэ бастыҥ уһуйааччыта, СӨ үтүөлээх этээччитэ Марта Васильева-Алгыстаана үбүлүөйүгэр анаммыт улууска оҕолор оһуохайдарын күрэхтэһиитигэр Түбэйтэн, Сунтаартан, Дьаархантан, Тойбохойтон, Уһун Күөлтэн, Илимнииртэн, Аллыҥаттан уопсайа 24 оҕо кытынна.

Күндү киһибитин Мартаны-Алгыстаананы өссө төгүл үбүлүөйгүнэн уонна «СӨ норуот уус-уран айымньытыгар кылаатын иһин» диэн анал улахан наҕарааданы сыралаах үлэҥ сыаналанан ылбыккынан эҕэрдэлиибит уонна инникитин да оһуохайы – айыы үҥкүүтүн өрө тутан, уһуйуллааччыларыҥ эйигин ааттата турдуннар диэн бастыҥ баҕа санаабытын аныыбыт!

Хаартыскаҕа: Хаҥастан үһүс Гран-при аатын ылбыт  Алима Рябко (Түбэй).