Васильева Марта Георгиевна-Алгыстаана – Аллыҥа нэһилиэгин далбар этээччитэ, үҥкүүһүт, ырыаһыт, суруйааччы, оҕолору оһуохайга 90-с сыллартан утумнаан дьарыктыыр.
Алгыстаана быйыл 55 сааһын бэлиэтээн төрөөбүт дойдутугар Аллыҥаҕа оҕо оһуохайын түһүлгэтин төрүттээтэ. Түөлбэ ураты матыыбыгар сыратын биэрэн үлэлэспит улуус, өрөспүүбүлүкэ бастыҥ уһуйааччыта, СӨ үтүөлээх этээччитэ Марта Васильева-Алгыстаана үбүлүөйүгэр анаммыт улууска оҕолор оһуохайдарын күрэхтэһиитигэр Түбэйтэн, Сунтаартан, Дьаархантан, Тойбохойтон, Уһун Күөлтэн, Илимнииртэн, Аллыҥаттан уопсайа 24 оҕо кытынна.
Күндү киһибитин Мартаны-Алгыстаананы өссө төгүл үбүлүөйгүнэн уонна «СӨ норуот уус-уран айымньытыгар кылаатын иһин» диэн анал улахан наҕарааданы сыралаах үлэҥ сыаналанан ылбыккынан эҕэрдэлиибит уонна инникитин да оһуохайы – айыы үҥкүүтүн өрө тутан, уһуйуллааччыларыҥ эйигин ааттата турдуннар диэн бастыҥ баҕа санаабытын аныыбыт!
Хаартыскаҕа: Хаҥастан үһүс Гран-при аатын ылбыт Алима Рябко (Түбэй).