Олоххо көхтөөх көрүүлээх Ванда Никифорова үлэтинэн таатталар киэн тутталлар

336

Ванда Никифорова – улууспут биир биллэр үлэлээх предпринимателэ. Кини улууспут киинигэр «Уйгу» атыы-эргиэн киинин салайарын таһынан, билигин өҥө ырыынагын тэрийиигэ ылыста. Улууспутугар дьону-сэргэни үлэнэн хааччыйааччыларыттан биирдэстэрэ буолар. Биир киһи бэйэтин эрэ көрүммэккэ, бюджеттан көмө үп эрэйбэккэ эбиитин атын дьоҥҥо үлэ миэстэтин тэрийэрэ улахан махталлаах дьыала. Олохпут сүнньэ уларыйан билигин төһөнөн кыахтаах предприниматель элбиир даҕаны, соччонон үлэ саҥа миэстэтэ тахсар, социальнай балаһыанньа туруктаах буолар.


— Ванда, эн улууспутугар биир биллэр үлэлээх предприниматель буолаҕын. Билигин атыы-эргиэн үлэтинэн эрэ муҥурдаммакка, өҥө рыногар ылыстын. Үлэҥ сүнньэ оннун булан, арыый да соло көстөн атын хайысхаларга, общественнай үлэлэргэ ылсаҕын.

— 1999 сыллаахха Дьокуускай куоракка тэрилтэҕэ үлэлии сылдьан уурайан, төрөөбүт нэһилиэкпэр Игидэйгэ баул суумканан таһан атыыбын саҕалаабытым. Сыыйа-баайа атыыбын кэҥэтэн, Ытык Күөлгэ көһөн киирбиппит. Онон бу 20 сыл устата биир да өрөбүлэ, уоппуската суох предприниматель бурҕалдьытын кэтэн үлэ үөһүгэр сырыттым.

Бэйэҥ бас билэр үлэҕин сайыннараргар, сүһүөҕэр туруорарга күүстээх үлэ ирдэнэр. Бу сылларга тэрилтэбин салгыы хайдах сайыннарабын диэн, этэргэ дылы түүннэри-күннэри толкуйдаан кэллим. Урут суол-иис куһаҕан, интернет суох буолан, ый аайы табаар аҕала ыраах айанныыр этибит. Ол сыллары кытта тэҥнээтэххэ, билигин үйэбит сайдан, сакааспытын интернет нөҥүө оҥоруохпутун сөп, аны электроннай илии баттаһына олохтонно. Суолбут-ииспит, транспортнай тиһик тубуста, этэргэ дылы табаарбыт бэйэтэ кэлэр, атыы-эргиэн барыта биир ситим буолла. Маҕаһыыммытыгар 1С программа киирдэ. Урукку сылларга саҥа үлэһит кэллэ да кырата биир нэдиэлэ табаары тутуһуу унньуктаах учуота ыытыллара. Билигин электроннай буолан табаар дьэнкэтик көстө олорор. Бу сылларга бииргэ үлэлиир партнердарбытын, поставщиктарбытын буллубут, өр сылларга үлэлээн итэҕэли ыллыбыт. Билигин улууспут нэһилиэктэрэ, үөрэх тэрилтэлэрэ, культура эйгэтэ сакаастарын төһө кыалларынан толоробут.

Киһи аҥардас тус үлэтинэн эрэ муҥурдаммат. Кэнники төрөөбүт түөлбэм дьоно-сэргэтэ улууска депутатынан буол диэн ыҥыраллара элбээбитэ. Бэйэм оскуола эрдэхпиттэн актыыбынай, общественнай үлэҕэ көхтөөх этим. Ол да иһин буолуо, тус үлэм сүнньүн булуута, общественнай үлэнэн дьарыктаныахпын баҕаран кэлбитим. Төһө даҕаны бэйэн үлэҕэр баттаттаргын, төрөөбүт нэһилиэгин сайдарыгар кыттыһаары, күүс көмө буолаары 5-с №-дээх учаастактан улуус депутатынан талыллыбытым. Биһиги игидэйбитигэр өр кэмҥэ саҥа тутуу ыытыллыбатаҕа. Нэһилиэгим дьоно-сэргэтэ, салалтата өр сыллаах туруорсууларын кэнниттэн саҥа кулууп дьиэтэ дьэндэйдэ, ыра санаа оҥостубут таас оскуола кыһата, суол тутуута саҕаланна. Манна депутат быһыытынан кыра кыттыгастаахпыттан үөрэбин. Ийэм, бииргэ төрөөбүттэрим үгүстэрэ төрөөбүт нэһилиэктэригэр олороллор, дьон сиэринэн айа-тута, үлэлии-хамсыы сылдьаллар.

Улуус дьахталларын сэбиэтин, «Айаана» автокулууп чилиэнэбин. Быйыл фитнес аэробика федерациятын салайааччытынан таллылар. Соторутааҕыта Дьокуускай куоракка фитнес аэробика республикатааҕы күрэхтэһиитэ ыытыллыбыта. Манна таатталар ситиһиилээхтик кытыннылар. Оҕолорбут финалга, улахан дьон 12 иһигэр киирдилэр. Финалга киирэн бу сайын Аммаҕа Саха сирин норуоттарын спартакиадатыгар кыттарга путевка ыллылар.

— Быйыл сыл саҕаланыыта ыраах айаҥҥа, хоту эргимтэни массыынанан быһа түһэн экспедицияҕа кытыннын. Сахабыт сирин киэҥ-куоҥ сирин-уотун, саҥа дьону-сэргэни кытта көрсөн-билсэн кэллэҕин?

Быйыл олохпор биир умнуллубат түгэн тосхойдо. Ол курдук, республикатааҕы суоппар дьахталлар түмсүүлэрэ Дьокуускай – Күһүүр туһаайыынан «Дьахталлар – чэгиэн, чэбдик олох иһин» программанан экспедицияҕа кыттыыны ыллыбыт. Бу экспедицияны тэрийиигэ дойду Президенин Гранын ылан айаммыт төлөбүрэ, массыына уматыга босхо этэ. Биһиги айаммыт суола Ытык Күөлтэн саҕаламмыта. Онон Күһүүргэ дылы 3,5 тыһ.км айаннаатыбыт. Бастаан экспедицияҕа 6 массыына кыттар диэн этэ, онтон саамай түмүгэр икки массыына хаалбыта. Хас биирдии массыынаҕа үс киһи олордубут. Таатталар үһүө буолан Туора Күөл олохтооҕо Клавдия Аянитова Уаз-хантерынан сырыттыбыт. Үһүс киһибитинэн Ытык Күөлтэн Жанна Попова сырытта. Эрдэттэн аспытын-үөлбүтүн хааччынан, массыына бүрүйэр, утуйар мөһөөччүк ылан тэринэн барбыппыт. Экспедиция 10 күн устата: 5 күн Күһүүргэ диэри, 5 күн төттөрү айаннаан кэлии этэ. Эдьигээҥҥэ Бүлүү Хампатынан өрүскэ киирэн, аара балыксыттары көрсөн онон ыйдаран барбыппыт. Маршруппут эрдэттэн оҥоһуллан, онон бачча чыыһылаҕа бу нэһилиэнньэлээх пууҥҥа тиийиэхтээхпит диэн биллэр этэ. Эдьигээн Бэстээҕэр хойутаан, графикпытыттан хаалан тиийбиппит. Суолу-ииһи оччолорго СӨ Правительствотын отчуота саҕаламмытынан оҥоһуллан турара. Эдьигээнтэн өрүһүнэн айанныырга 60-ча км оҥорбут этилэр. Онтон салгыы суол олох куһаҕан этэ. Эдьигээнтэн бастакы тиийбит Джаржан диэн «Анаабыр алмаастара» бириискэлэрэ этэ. Манна тиийэн аһаан, сынньанан баран массыынабытын көрүнэн, заправкаламмыппыт. Бу учаастакка биир дойдулаахпытын Петр Эляковы көрсөн үөрбүппүт. Массыынабытын көрөн-истэн, чиҥэтэн биэрбитэ. Салгыы түүннэри «Анаабыр алмаастара» «Молодо» учаастагар тиийбиппит. Манна таатталар күтүөппүт, Томпо Кириэс Халдьаайытыттан төрүттээх Евгений Афанасьевич Васильев бириискэ салайааччыта эбит. Биһиги программанан айанныыр буолан тиийиэхтээх сирбитигэр эрдэттэн иһитиннэрбиттэр этэ. Онон сабыылаах учаастакка киирбиппит. Манна 600 киһи олорор дьоҕус бөһүөлэк, вахта ньыматынан үлэ барар. Остолобуой. кулууп, балыыһа, аэропорт баарын көрөн соһуйдубут. Манна үлэһиттэр 80%-ра сахалар, сүрүннээн эдэр дьон эбит. «Молодо»-ҕа таатталар элбэхтэр этэ, кэлэн кэпсэппиттэрэ. Билиҥҥи эдэр дьон үчүгэйдик үлэлииллэр, куорат оҕолорун курдук буолбатахтар диэн начальник хайҕыыр. Тулуурдаахтар, үлэһиттэр дииллэр. Манна үлэҕэ киирэргэ судургутук Дьокуускай куоракка баар офиска кэлэн сайабылыанньа суруйаллар, үлэ син-биир тахсар, идэтэ да суох буоллахтарына бэйэбит үөрэттэрэбит диир. Манна ХИФУ-ну бүтэрбит үрдүк үөрэхтээх горняктар элбэхтэр. Түөрт ый үлэлии-үлэлии уоппускаҕа дойдуларыгар бараллар эбит. Төһөнөн вахтаҕа кэлэн үлэлииллэр даҕаны, ыстаастарыттан хамнастара үрдээн иһэр эбит. «Молодо»-ҕа массыынабытын өрөмүөннээн, оҥорон ыыттылар. Аны мантан салгыы «Приленскэйгэ» тиийиэхтээх этибит. Маныаха суолбутун тибэн, ханан да суол суох этэ. Инньэ гынан бириискэ вахта массыынатын уларсан 9 чаас айаннаан «Приленскэйгэ» тиийбиппит. Приленскэйтэн Күһүүргэ диэри 80 км сири үс буранынан тиийбиппит. Суол-иис суох, олохтоохтор биһигини кэлбэттэр диэн олордохторуна тиийбиппит. Онон олохпор бу айаным биир улахан өйдөбүл буолар. Биһиги дойдубут наһаа да улахан, киэҥ-куон эбит диэн сөҕө-махтайа айаннаатыбыт. Элбэх интэриэһинэй олохтоох-дьаһахтаах дьону-сэргэни көрсөн, атын айылҕалаах сиргэ сырыттыбыт.

— Күһүүрдэр хайдах олороллор эбитий? Ордук тугу интириэһиргээн ыйыталларый?

Күһүүргэ 1,5 тыһ. киһи олорор. Урукку сылларга 4 тыһ. тиийэ киһи олорбут. Ыччаттара оскуола кэнниттэн төттөрү кэлбэттэр эбит. Олохтоохтор сайын теплоход кэлэрин эрэ күүтэбит дэһэллэр. Олус ыарахан усулуобуйаҕа олороллорун көрдүбүт. Манна киилэ хортуоска 350 солк. тэҥнэһэр. Үлэтэ суох дьон наһаа элбэх эбит. Мин чааһынай тэрилтэлээхпин истэн хайдах бэйэ дьыалатын аһан үлэлиэххэ сөбүн ыйыттылар. Ыйга биирдэ бөртөлүөт почта уонна атын наадалаах малы-салы, бородууктаны аҕалар эбит. Аллараанан суол суох буолан, бэйэлэрин истэригэр буһа-хата олороллор. Балыыһата да суох олорбут кэмнэрдээхтэр эбит. Арай соторутааҕыта балыыһа хаттаан сөргүтүллэн земскэй быраас программанан таатталар кийииппит Татьяна Мурунова кылаабынай бырааһынан үлэлии олорор. Таас оскуоланы А.М.Ханин тэрилтэтэ тута сылдьар, ол эрээри салгыы үбэ-харчыта көстүбэккэ тохтоон турар. Саҥа тутуу уонна суоҕун курдук. Уу суола аһылыннаҕына чааһынай дьон мас аҕалан дьиэ туттар буолбуттар. Онон хас сылдьыбыт учаастакпытыттан саҕалаан биһиги улууспут дьонун-сэргэтин көрсүөххэ сөп. Биһиги тиийбиппитигэр ытыс үрдүгэр түһэрэн, оскуоланан, тэрилтэнэн көрсүһүү тэрийдилэр. Онон программабытын толордубут диэн астынныбыт. Бу ыраах экспедицияҕа баран кыттарбытыгар күүс көмө, өйөбүл буолбут улууспут баһылыгар М.М.Соровка, улуус депутаттарын сэбиэтин председателигэр В.А.Охотиҥҥа, «Тааттаавтодор» салайааччытыгар И.И.Бочониҥҥа барҕа махталбын тиэрдэбин.

Манна даҕатан эттэхпинэ, биһиги улууспутуттан «Айаана» автокулууп чилиэннэрэ Бүлүүгэ «Тааттавтоледи» общественнай түмсүүттэн кыттыбыттара. Оттон биһиги Уус Алдаҥҥа, Майаҕа сылдьыбыппыт. Манна биһиги мээнэ кэрийэн көрбөккө чопчу сыаллаах-соруктаах, программалаах тиийэбит. Күһүүргэ «Чэгиэн чэбдик олох иһин» программанан сырыттыбыт. Билигин Өймөкөөн диэки барарга толкуйдуубут. Маны таһынан улуус коллекционердарын түмсүүлэригэр баарбын.

— Ванда, быйыл республикабытыгар Дьарыктаах буолуу сыла биллэрилиннэ. Онон ордук эдэр дьон үлэ, дьарык булалларыгар үтүө сыл буоллун диэн күүтэбит.

— Бу сыл Дьарыктаах буолуу сылынан биллэриллибитэ үтүө өрүттээх буоларыгар баҕарабын. Күһүүрү, атын ыраах улуустары кытта тэҥнээтэххэ биһиги табыгастаах сиргэ, суол-иис, айан аартыгар олоробут. Эдэр дьон интернеттэн хасыһан сөбүлүүр дьарыктарыгар Грант суруйан көмүскүөхтэрин сөп. Инники сайдалларыгар толору кыах баар дии саныыбын, баҕа эрэ наада. Билигин үп-харчы Грант нөҥүө көрүллэр буолла, манна киирсиэххэ сөп. Баайаҕалар үлэтэ суох ыччаттара түмсэн, харчы бырахсан тимир атыылаһан уһана сылдьаллар. Кинилэри куоракка олорор «Баайаҕа түмсүү» өйөөн эмиэ матырыйаал ылалларыгар харчынан көмөлөһөр. Онон эдэр киһи олорон хаалбакка сөптөөх дьарыгы булуон наада.

— Кэнники сылларга өҥө рыногар үлэлээн эбии үлэҕэ дьону ыллыгыт дии?

Биһиги тэрилтэбит түөрт сүрүн хайысханан үлэлиир. 2016 сыллаахха «Айталыына» ательены аспыппыт. Манна үлэтэ суох кыргыттары иистэнэргэ үөрэтэбит. Билигин ательеҕа үлэлээбит икки кыыс Чөркөөххө мастарыскыай аһан үлэлэтэн эрэллэр. Ательеҕа үлэлиир иистэнньэҥнэр бэйэлэрэ төһөнү оҥорон, тигэн таһаарбыттарынан хамнас аахсаллар. Иискэ сакаас элбэх киирэр, ол эрээри барытын кыайан ылар кыахпыт суох. Билигин кризис буолан дьон-сэргэ саҥа сон, саҕынньах атыыласпакка эргэлэрин хаттаан, саҥардан биэрэллэр. Инники өттүгэр оскуоланы кытта биир ситимнээх үлэни тэрийэн иискэ кыргыттары үөрэппит киһи дии саныыбын. Тугу да сатаабат кыргыттар дьаныардаахтык кэлэн үөрэниэхтэрин наада. Көрөн, тутан-хабан, көнө сииги таһааран үөрэнэллэр. Сайыҥҥы өттүгэр оҕолору ылан үөрэтэр санаа баар, этэргэ дылы толкуй элбэх. Ательебытыгар атах таҥаһын улларааччы туспа хоско олорон үлэлиир. Кыһыҥҥы өттүгэр этэрбэс улларда, билигин сапожка абырахтааһына, замогун, тилэҕин уларытааһыныгар өҥө оҥорор, сакаас киирэ турар. Аны сахалыы этэрбэһи анаан-минээн уллартарар буоллулар. Онон атах таһаҥан өҥөтүн оҥорооччу хамнаһа үчүгэй. Ким төһөнү оҥорон таһаарбытынан буоллаҕа. Сайыҥҥы өттүгэр кафетерийбытын салгыы үлэлэтиэхпит. Маны таһынан уһун сайыҥҥы сынньылаҥҥа оҕолору ылан үлэлэтэбит. Быйыл 10 оҕоҕо сайаапка оҥорбуппут, сорохтор номнуо дуогабардастылар. Онон атыыттан саҕалаабыт үлэбит сыыйа өҥөнү оҥоруу эйгэтигэр көһөн эрэр.

— Ванда, иллэҥ кэмҥэр дьахтар киһи быһыытынан тугу ордук сэҥээрэн дьарыктанаҕыный?

— Бэйэм идэбинэн агроном үөрэхтээхпин. Кыра эмэ иллэҥ бириэмэлэннэхпинэ сөбүлүүр дьарыкпын үүнээйини көрөн-харайан, бүөбэйдээһин буолар. Сайын оҕуруот, саас рассада үүннэрэбин. Дьиэбэр былырыыҥҥыттан сылаас теплица оҥорторбутум. Кулун тутар ыйтан саҕалаан уотунан сылытыннаран рассадабын олордубутум, сорохторун атыыга таһаардым. Дьиэбэр лимон, виноград үүннэрэн туруорабын. Винограды дьиэҕэ киһи төһө баҕарар үүннэриэн сөп эбит. Маны таһынан сибэккилэнэр үүнээйилэри сөбүлээн арааһыттан олордобун.

— Кэпсэтиибитин түмүктээн, хаһыаппыт ааҕааччыларыгар эбии тугу этиэҥ этэй?

— Дьон-сэргэ общественнай үлэҕэ көҕө улаатта. Араас тэрээһиннэр ыытыллар буоллулар. Манна олорон хаалбакка сөбүлүүр дьарыкка тоҕуоруһа түмсүөххэ. Холобура, биһиги улууспутугар «Айаана» суоппар дьахталлар кулууп тэрийэн билигин тус туһунан дьарыктаах дьон түмсэн бэйэ бэйэбитин кытта билсэбит, хардарыта көмөлөһөбүт. Элбэх оҕолоох ийэлэргэ акция тэрийэн саҥа дьылга бэлэх оҥорбуппут. Онон күндү улууһум олохтоохторугар түөрт истиэнэҕэ олорон халбакка, төрөөбүт түөлбэбит сайдарын туһугар үлэлиэххэ, айыахха-тутуохха.