Быйыл Орто Халыма улууһун баай историятыгар улахан уонна дириҥ суолталаах үбүлүөйдээх сыл бэлиэтэнэр. Ол курдук Халыма уокуругар доруобуйа харыстабыла тэриллибитэ 200 сыла буолла. Киин балыыһа кэлэктиибэ улуустааҕы Кыраайы үөрэтэр музейга Халымаҕа доруобуйа харыстабыла тэриллибитэ 200 сылын сырдатар быыстапканы тэрийдэ.
История кэрэһэлииринэн, 1805 сыл от ыйын 31 күнүнээҕи Ыйааҕынан, император Александр-I Зашиверскайга, Оленскайга, Өлүөхүмэҕэ уонна Орто Халымаҕа кылаабынай медик, лиэкэр уонна лиэкэр үөрэнээччитэ диэн биирдии дуоһунастары көрөргө уурбута. Ол эрээри уһук хоту кыраайдарга эмчит, анал дьиэлэр суохтарынан, эмтэнэр сирдэри арыйыы хас эмэ сылынан быһаарыллыбакка турбута.
Кэлин, 1817 сыллаахха Орто Халымаҕа бастакы лепрозорий арыллыбыта. Ити кэмтэн ыла Халымаҕа доруобуйа харыстабылын историята саҕаламмытынан ааҕыллар. Оруобуна икки үйэ ааста.
Бу сыллар усталаах-туораларыгар ааспыт хаалынньаҥ олохтон аныгы үйэ сөҕүмэр сайдыытыгар диэри үрүҥ халааттаах аанньаллар идэлэрин сүрүн соругун — дьон олоҕун ыарыыттан быыһыыры толорон кэллилэр.
Билигин биһиги киин балыыһабыт политическай сыылынай Сергей Иванович Мицкевич аатын дьоһуннаахтык сүгэр. Кинини Халыма уокуругун олохтоохторун туһугар сүүрбүт-көппүт, Орто Халымаҕа балыыһа тутуутун түргэтэппит уонна проказанан ыалдьыбыттар приюттарын туттарыыны саҕалаабыт, онтун ааһан нэһилиэнньэ үөрэхтэнэригэр, култуурунай өттүнэн сайдарыгар үгүһү оҥорбут уопсастыбаннай деятель быһыытынан билинэбит. Кини туруорсуутунан, 1902 сыллаахха Орто Халымаҕа Почта отделениета арыллыбыта.
Билигин улуус олохтоохторо араас кэмнэргэ үлэлээн ааспыт быраастар, медицина үлэһиттэрин ааттарынан киэн тутталлар. Күн бүгүн улуустааҕы киин балыыһаны олохтоох хирург-быраас идэлээх Дмитрий Дмитриевич Третьяков салайар.