Петр Алексеев: Тааттаҕа от үүнүүтэ үчүгэй, тэтимнээх үлэ эрэйиллэр

134

От ыйыгар СӨ тыа хаһаайыстыбатыгар миниистирэ Петр Николаевич Алексеев Таатта улууһугар кэлэ сырытта. Кини от үлэтин хаамыытын, хаһаайыстыбалар, биирдиилээн дьон-сэргэ хайдах үлэлии-хамсыы сылдьалларын билистэ, соруктары туруорда. 


Миниистир Кыйыга Михаил Иванович Игнатьев баһылыктаах дьиэ кэргэнин бааһынай хаһаайыстыбата туттубут саҥа хотонун көрүүттэн үлэтин саҕалаата. Хотон саҥа маһынан аныгылыы тииптээх капитальнайдык тутуллубутун, тутуу хаачыстыбатын сирийэн көрдө уонна үчүгэйдик тутуллубутун астынан туран хайҕаата. Ис оҥоһуга аныгы матырыйаалларынан оҥоһуллуохтаах. Хотон аһыллыытыгар хайаан да кэлиэх буолан эрэннэрдэ.

Салгыы Даайа Амматыгар айаннаан иһэн, үрэхтэр ходуһаларын үүнүүтэ сөптөөҕүн, өлгөмүн бэлиэтээн эттэ. Онон, үрэхтэргэ тэтимнээхтик оттуурга, 1000 тн оту хайаан да ыларга улахан соругу туруорда. Манна даҕатан, хоту, о.д.а. улуустарга от үүнүүтэ мөлтөҕүнэн, харыны ньыппарынан туран үлэлээн, бэйэни хааччынары таһынан кинилэргэ анаан күүскэ үлэлиэхтээхпитин тоһоҕолоон эттэ.

Даайа Амматыгар саҥа саҕалаан, үлэлээн эрэр бааһынай хаһаайыстыбаларын үлэлэрин көрдө, үлэһиттэри, салайааччылары, олохсуйан олорор дьону кытта көрүстэ, сиһилии кэпсэттэ. Бааһыналары эмиэ кэрийдэ. Оҕуруот аһыгар, теплица үүнээйилэригэр, сүөһү сиир аһын култуураларыгар күүскэ үлэлэһэргэ эттэ.

Харбалаахха барыытыгар «төлөн» ХЭТ салайааччыта П.Д.Рахлеев салалтатынан Амма өрүһүнэн алаараа диэки устан иһэн, аара баар хочолор ходуһаларын үүнүүлэрин көрөн, чахчы өлгөм үүнүү баарын бэлиэтээн көрдө. Аара Д.Е.Афанасьев салайааччылаах «Дьаам» бааһынай хаһаайыстыбатыгар сырытта. Данил Егорович хортуоппуйун үүнүүтүн, сүөһү сиир аһын култуураларын үүнүүтүн туругун көрдө, сиһилии кэпсэттэ. Афанасьевтар былырыыҥҥыттан саҕалаабыт тигээйилэрин хаһаайыстыбатын билистэ. Былырыыҥҥыттан аҕыйах уйа ордон турарын, онно эбии атыылаһан, уопсайа 11 уйа мүөтү балайда тахсыылаахтык биэрэллэрин илэ көрдө. Минньигэс мүөтү амсайан баран, биһиги усулуобуйабытыгар кыстатыы технологиятын таба тайаннахха салгыы сайдыы баар буолуоҕар эрэллээҕин иһитиннэрдэ. Олохтоох мүөт ордугун бэлиэтээтэ. Маны таһынан Дьаамҥа туристическай бааза сөптөөхтүк тэриллибитин хайҕаан, астынан эттэ. Миниистир манна бурдук, сиилэс, хортуоппуй үүннэриитин, тигээйини иитии үлэтин астына көрдө.

Чычымах хочотугар охсууга, мунньууга, бугуллааһыҥҥа, кэбиһиигэ да дьон күүрээннээхтик үлэлии, тиритэ-хорута сылдьалларын, ходуһалар үүнүүлэрэ үчүгэйин үөрэ бэлиэтээтэ. П.Н.Канаев хаһаайыстыбатыгар хотон тутуутун көрдө. Үлэһит кэлэктииптэри кытта көрүстэ.

Харбалаахха «Хочо» ТХПК Төнүттэ сайылыгар сылдьан производственнай кластеры тэрийиигэ, үлэлэтиигэ, сүөһүнү, сылгыны иитиигэ, көрүүгэ-харайыыга мэччирэҥнээҕин, аттыгар бааһыналааҕын, табыгастааҕын бэлиэтии көрөн, бу сайылыгы эргэ тутуулартан босхолуурга, ыраастыырга эттэ. Төрүккэ А.А.Маркова хаһаайыстыбатыгар сылдьан, үлэһиттэри кытта кэпсэттэ, граннары таба туһаныы бэркэ барарын бэлиэтээтэ.

Чымынаайыга сир оҥоһуутугар, мелиорацияҕа үлэни билистэ. Киэһэлик Уодайга сылгы баазатын, ходуһа үүнүүтүн көрдө, дьону кытта кэпсэттэ. Салгыы бу курдук далааһыннаахтык үлэлииргэ, быйылгы курдук айылҕа анаан биэрбитин барыстаахтык туһанарга тоһоҕолоон эттэ.

Миниистир Ытык Күөлгэ «Таатта» ТХПК үүт-арыы собуотун үлэтин, пищекомбинат тутуутун сирийэн көрдө. Атырдьах ыйын 1 күнүгэр диэри пишекомбинат туох баар документациятын, оҥоһуутун, оборудованиеларын барытын ситэрэн, «Туймаада» лизини ыҥыран туран тутуһуу аактатын баттаһарга, судаарыстыбаннай хамыыһыйаҕа туттарарга бэлэм буоларга кытаанах соругу туруорда.

Субуота күн нэһилиэктэр баһылыктарын, хаһаайыстыбалар салайааччыларын кытта киэҥ ыҥырыылаах мунньахха элбэх ыйытыыларга толору хардалары биэртэлээтэ. Нэһилиэктэр баһылыктара мэччирэҥ уонна ходуһа сирдэрин тыырсыыга сөптөөҕүнэн көрөн үлэлэһэллэригэр эттэ.

Ытык Күөлгэ тутуллуохтаах оҕуруот аһын харайар сири бырайыактыыр-сметалыыр үлэтин докумуоннааһыны бүтэрэргэ, «Уолба» ТХПК-ҕа «Монтажник» ПК үлэтин былаанын ситэрэн киллэрэргэ, сүрүн сорук быһыытынан улуус бары хаһаайыстыбалара окко туруналларыгар, өссө төгүл Тааттаҕа от үүнүүтэ үчүгэйин, тэтимнээх үлэ эрэйиллэрин чиҥэтэн эттэ.

Бу туһунан Таатта улууһун тыа хаһаайыстыбатыгар салалтатын начальнига В.М. Алексеев кэпсээтэ.

Онон, өрөспүүбүлүкэ тыа хаһаайыстыбатыгар салалтата туруорбут этиилэрэ, сүбэлэрэ, ыйыылара хайаан да толоруллуохтаахтар, миниистир туруорбут соруктара олоххо киллэриллиэхтээхтэр.