2017 сыл саҕаланыыта М.К. Аммосов аатынан хотугулуу-илиҥҥи федеральнай университет Нуучча географическай уопсастыбата тэрийбит грант куонкуруһугар кыттан, “Плавучий университет” бырайыагы олоххо киллэриигэ үлэтин саҕалаабыта. Санатар эбит буоллахха, экспедиция Дьокуускайтан уу суолунан от ыйын 20 күнүгэр туруммута. Ол Университет преподавателлэрэ уонна араас факультет устудьуоннара Булуҥ сиригэр-уотугар бу күннэргэ кэлэннэр, култуурнай-спортивнай киин саалатыгар Тиксии нэһилиэнньэтин кытта көрсүһүү киэһэтин тэрийдилэр.
Уопсастыба Саха сиринээҕи салаатын сэкирэтээрэ Розалия Иванова мустубут дьоҥҥо наукаҕа тирэҕирбит бырайыак сыалын-соругун туһунан кэпсээтэ, билиһиннэрдэ.
Экспедиция кыттыылаахтара Өлүөнэ өрүһүнэн айан устата ханнык сирдэри көрбүттэрин кэпсээтилэр. Экспедицияҕа биир дойдулаахпыт, ХИФУ историческэй факультетын 3-с кууруһун устудьуона Александр Новоприезжай баар. Кини бэйэтин төрөөбүт-үөскээбит сирин үөрэтэ кэлсибитэ хайҕаллаах дьыала буоларын Розалия Иванова бэлиэтээтэ. Олохтоохтор наһаа үчүгэйдик көрсүбүттэригэр бөлөх ис сүрэхтэн махтанарын биллэрдэ. Кинилэр Булуҥ курдук ураты тыыннаах дойдуга кэлбиттэриттэн олус үөрэллэрин биллэрдилэр.
Российскай Федерацияҕа уопсайа үс “Плавучий университет” үлэлии-хамсыы сылдьарын туһунан кэпсээтилэр.
“Саха сиригэр быйыл биһиги икки этэрээттээхпит. Бастакы – Булуҥ, иккис – Хаҥалас этэрээтэ. Хаҥаласка баар “Ленские столбы” сайыҥҥы экология-география оскуолата үлэлээбитэ номнуо үһүс сыла буолла. Манна 15 киһилээх бөлөх үлэлиир, биэс салайааччы уонна 10 устудьуон.
Бырайыак сыала – улуус олохтоохторун кытта кэпсэтии. Биһиги үлэлиир бөлөхпүтүгэр этнологтар, историктар, социологтар бааллар, ону таһынан устудьуоннар нэһилэнньэттэн ыйытык ылыахтара. Өлүөнэ өрүскэ устар университет научнай үлэлэри ыытабыт. Ол курдук гидрологическэй режим, уу ресурсаларын экологическай туруктарын, почваны үөрэтии уонна история-археология чинчийиилэрэ киирсэллэр.
Манна устан иһэн Кэбээйи улууһугар өр соҕус кэмҥэ тохтуу сылдьыбыппыт. Салҕыы Эдьигээн, Булуҥ уонна Эдьигээн икки ардыгар сытар Дьардьааҥҥа, Самойлов арыытыгар кыра тохтобуллары оҥорон кэллибит.
Төннөр маршруппут маннык: Быыкап, Тиит-Арыы, Чокуурапка, Күһүүр, Сииктээх, Дьардьаан, Эдьигээн, Промышленнай, Сангар, Батамай, Нам улууһугар баар Граф-Биэрэгэ, Нам, Хаҥалас уонна Жатай бөһүөлэгэ. Күһүүртэн, Эдьигээнтэн уонна Батамайтан ураты нэһилиэктэргэ бэрт кылгастык тохтоон ааһыахпыт,” – диэн Розалия Иванова кэпсиир.
Атырдьах ыйын 2 күнүгэр экспедиция Новосибирскай арыыга айанныа.