РФ Госдуматын дьокутаата Г.И.Данчикова кулун тутар 13 к. Ньурбаҕа кэлэ сырытта. Үөдэйгэ улууспут урукку баһылыга, Ньурба, Горнай, Абый, Муома улуустарын уонна СӨ бочуоттаах гражданина В.А.Петрова сквер-уһаайбатыгар сибэкки дьөрбөтүн уурда.
Дьокутаат Галина Данчикова оробуочай сырыытын бырагырааматын быһыытынан, Ньурба к. инбэлиит уонна доруобуйаларынан хааччахтаах оҕолорго аналлаах Өрөспүүбүлүкэтээҕи реабилитационнай кииҥҥэ сырытта. Галина Иннокентьевна Ньурбатааҕы реабилитационнай киин уһун кэмнээх историялааҕын, оҕолору кытта үлэ үрдүк хаачыстыбалаахтык барарын, оҕолорго позитивнай көрдөрүүлэр баалларын бэлиэтии көрдө. 40 миэстэлээх саҥа утуйар куорпус дьиэтин көрөн, оҕолор реабилитацияны бараларыгар эбии хостор баар буолбуттарын, үлэ усулуобуйата тупсубутун бэлиэтээтэ. Кэлэктииби кытта быһаарыыны эрэйэр боппуруостары дьүүллэстэ. Киин дириэктэрэ Р.И.Сидорова утуйар куорпус саҥа дьиэтин тутуутугар көмөтүн иһин диэн, Галина Иннокентьевнаҕа өйдөбүнньүк бэлэх туттарда.
Бу кэнниттэн Г.И.Данчикова ааспыт сыл бүтэһигэр үлэҕэ киирбит «Кыталык» оҕо уһуйааныгар сырытта, үлэһиттэрдиин кэпсэттэ, кинилэр ыйытыктарын, кыһалҕаларын иһиттэ. Дьыссаакка сылдьан баран, Г.И.Данчикова «куһаҕана суох дьыссаат, оҕолор сылдьар усулуобуйалара, режимнэрэ олус үчүгэй» диэн сыаналаата.
Дьокутаат саныырынан, элбэх кыбартыыралаах дьиэлэр бастакы этээстэригэр дьыссааттары олохсутууга өрөспүүбүлүкэ практиката куһаҕана суох. Манна бары хонтуруоллуур сулууспалар, ол иһигэр санитарнай, баһаарынай сулууспалар ураты хонтуруоллара эрэйиллэр. Итиэннэ маннык дьиэлэри тутааччыларга үрдэтиллибит ирдэбиллэр туруоруллуохтаахтар.
Г.И.Данчикова Ньурба к. саахалланар туруктаах уонна эргэ дьиэлэртэн көһөрүү бырагырааматынан элбэх үлэ барбытын бэлиэтээтэ.
Салгыы кини Ньурбатааҕы Биисинэс-инкубатор дьиэтигэр дьону тус боппуруостарынан приемнаата. Дьокутаат приемугар 35 киһи суруйтарбытыттан, бириэмэ кылгаһынан 18 киһи киирэ сырытта. Кинилэр туруорсар кыһалҕалара да араас: Соҕуруу Кореяҕа уонна Новосибирскайга эмтэнэ барарга матырыйаалынай көмөнү оҥорууттан, дьиэ-уот көрдөөһүнүттэн саҕалаан, өрөспүүбүлүкэ уонна федеральнай сокуоннарга уларытыылары киллэриигэ тиийэ токкоолостулар. Маалыкайга Сбербаан банкоматын туруоруу, почта отделениетын толору үлэлэтии, Ньурба к. психо-неврологическай отделение дьиэтин тутуу, саахалланар туруктаах дьиэлэртэн көһөрүү уо.д.а. боппуруостар киирдилэр. Г.И.Данчикова дьон кыһалҕаларын истэн хайдах быһаарыллар суолларын ыйан-кэрдэн биэрдэ, сорох боппуруостарынан өрөспүүбүлүкэ уонна РФ министиэристибэлэригэр тиэрдиэн үлэлэһиэх буолан эрэннэрдэ. Элбэх ыйытыктар олохтоох былаас боломуочуйаларыгар сыһыаннаахтарынан сибээстээн, манна хоруйдары улуус уонна куорат дьаһалталарын быһаарыыга бэриллиэхтэрин эттэ.
Г.И.Данчикова Ньурбаҕа дьону приемнааһын түмүгүнэн элбэх оҕолоох уонна инбэлиит оҕолоох ыалларга көмөнү оҥорууга, 5 уонна итинтэн элбэх оҕолоох ыалларга субсидиялары биэриигэ, ипотекаҕа, олорор дьиэҕэ, уопсайдарга дьон олорор усулобуйаларын кытта сыһыаннаах элбэх улахан боппуруостар баалларын бэлиэтээтэ. Бу кэнниттэн СӨ Бырабыыталыстыбатын уонна министиэристибэлэри кытта мунньахтары ыытан, быһаарыылары ылынан, улуус олохтоохторугар тиэрдиэҕин тоһоҕолоото.
«Мин да кыттыыта суох олохтоох дьаһалталар таһымнарыгар быһаарыллыахтарын сөптөөх олус элбэх боппуруостар баар, — диэтэ дьокутаат. — Мин итилэри дьаһалталар быһаарыыларыгар тиэрдиэм, ол эрээри дьиҥнээхтик быһаарыллалларын кытаанахтык хонтуруоллаһыам.
Приемҥа суруйтарбыт дьону барытын приемнуур кыаллыбата. Кинилэр сайабылыанньаларын хаалларан баралларыгар этэн, салгыы үлэлэһиэхпит диэн кэпсэттибит. Өссө быһаччы кэпсэтэр кыах баар буоллаҕына, толкуйдуохпут уонна бу диалогу өссө салгыахпыт.
Федеральнай сокуоннарга сыһыаннаах ыйытыктар эмиэ бааллар. Биһиги итиннэ үлэлэһэбит. Үлэлээбэт биэнсийэлээхтэрбит 2 сылга биирдэ босхо айанныыр бырааптарыгар мэһэйдэр бааллар, Пенсионнай фонда ханнык эрэ ыҥырыы эбэтэр бигэргэтиини ирдиир. Бу боппуруоһунан сыл кэриэтэ дьарыктанабын уонна быһаарыам диэн эрэллэхпин. РФ Пенсионнай Фондатын салайааччыта Дроздов миигин номнуо истибитэ. Быһаччы дьайыылаах сокуон баар, ханнык да эбии мэһэйэ суох толоруоллуохтаах».