СӨ ситэриилээх былаас отчуотугар Горнай улууһун Одуну, Солоҕон нэһилиэктэрин олохтоохторо көхтөөхтүк кытыннылар. Улуустан баһылык Н.В.Андреев кытынна. Бөлөҕү ааспыт сылга бу нэһилиэктэргэ отчуоту салайбыт СӨ Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы А.А.Стручков салайда, сүрүн отчуоту иһитиннэрдэ. Бырабыыталыстыба отчуоттуур бөлөҕөр С.С.Потапов – СӨ Тыа хаһаайыстыбатын миниистирин солбуйааччы, В.Д.Романов – СӨ Дьиэ-уот коммунальнай хаһаайыстыба уонна энергетика министиэристибэтин департаменын салайааччы, С.С.Степанов – «Саха сирэ XXI үйэҕэ» «Үтүө дьыала» хамсааһын сүрүн исписэлииһэ, А.П.Михеев – СӨ Үлэ уонна социальнай сайдыы миниистирин солбуйааччы о.д.а. кытыннылар.
Отчуоттуур бөлөх маҥнай нэһилиэк дьону-сэргэни кытта тус көрсүһүүнү оҥордулар, биир-биир сэһэргэстилэр. Тыа сирин дьонун долгутар араас ыйытыыларыгар сүбэ-ама биэрдилэр.
Одунулары ордук суол оҥоһуута, саҥа модульнай хочуолунай тутуута долгутар
Көрсүһүүгэ Одунуга 28 киһи кытынна. Сорох этиилэр ырытыллан, нэһилиэнньэ уопсай туруорсуутун быһыытынан боротокуолга киирдилэр.
Ааспыт сылга сүрүн боппуруостарынан кэтэх дьиэлэри ититии ситимигэр холботуу, саҥа модульнай хочуолунайы тутуу, элбэх оҕолоох ыал кыбаарталыгар инфраструктураны киллэрии, сайын уу барар турбатын арыйыы туһунан буолбута. Бу туруорсуулар биэс сыл устата оҥоһуллар нэһилиэк бырагыраамматыгар киирдилэр.
Үлэ бэтэрээнэ Е.Е.Андреев сыана ыарыы турар кэмигэр эт бородууксуйатын сыаната тоҕо 300 солк. үрдээбэтин, дьон соҕурууттан аҕалыы эти элбэхтик ыларын, оттуур ходуһата суох тыа хаһаайыстыбата сайдыбатын эттэ.
— Статистика көрдөрөрүнэн 26% — олохтоох бэйэ этэ, 74% — кэлии эт атыыга тахсар. Оҥорон таһаарар тэрилтэлэр быһа холоон 350 солк. эти туталлар. Эбиитин билиҥҥи сокуонунан сүөһүнү анал «убойнай сыахха» өлөрөн баран атыыга таһаараҕын. Өскөтүн элбэҕи атыылаабат буоллаххытына, куорат ырыынагар бэйэҕит атыылааҥ. Тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктанааччылар кооператив тэриниҥ. Үүккүтүн, эккитин бииргэ атыылааҥ. Куоракка таһыыга үлэтэ суох ыччаттаргытын сыһыарыҥ, — диэн Алексей Александрович санаатын эттэ.
Сири оҥорууга субсидия бас билэр сирдээх бааһынай хаһаайыстыбаларга көрүллэр. Манна эрдэттэн сирин төһө гаалааҕынан көрөн бырайыак оҥороҕун. Онуоха ороскуотун 80 %-на төлөнөр эбит.
Оскуола үлэһитэ М.Р.Степанова «Сахам сирэ XXI үйэҕэ» «Үтүө дьыала» хамсааһын чэрчитинэн, Одунуга эдэр исписэлиистэргэ дьиэ туттулларын сураспытыгар, түөрт кыбартыыралаах дьиэ бырайыага, сайаапката оҥоһуллубутун, ол эрээри, сокуонунан ирдэниллэр экспертизаны ааспатаҕын эттилэр.
П.Н.Корякин быйыл саха ынаҕын иитиитинэн дьарыктанар «Тускул» ГБТ базатыгар «СахаАгроПлем» тэрилтэ тэриллибитин, бу туох соруктаах, үлэлээх тэрилтэ буоларын ыйытта. Кини ыйытыытыгар тыа хаһаайыстыбатын миниистирин солбуйааччы бу тэрилтэ племенной үлэнэн, сүөһүнү сиэмэлээһининэн дьарыктанар бүддьүөт тэрилтэтэ буоларын быһаарда.
Аҕам саастаахтар Сахабыт сиригэр хостонор ньиэптээх эрээри, бензин, сэлээркэ сыаната тоҕо ыараханыттан долгуйалларын биллэрдилэр. Онтон сынньалаҥ киинин дириэктэрэ С.С.Алексеева элбэх оҕолоох ыалга бэриллибит сир уота-күөһэ, суола оҥоһулларыгар үбүлээһин хайдах, хаһан көрүллэрин, өр сылга олохтоох дьаһалта баһылыгын солбуйааччынан үлэлээбит О.Р.Никанорова саҥа модульнай хочуолунай тутуутун, ыччат исписэлииһэ А.Н.Горохова аныгыскы «Манчаары оонньууларын», өр сылларга оҕо уһуйааныгар үлэлээн кэлбит У.Н.Лиханова иһэр ууну, федеральнай суол бөһүөлэгинэн ааһарыттан нэһилиэк быылынан бүрүллэн олорорун кэпсээтилэр, итинэн сибээстээн бөһүөлэк аттынааҕы суолу аспааллааһыны туруорустулар. Маныаха быйыл улууспутугар барыта 40 км. суол оҥоһуллара былааннанарын эттилэр. Суол оҥоһуутун үлэтэ 2019 с. түмүктэниэхтээх эбит, онон олохтоохтор өссө да кэтэһэ, тулуйа түһэрбитигэр көрдөстүлэр. Онтон нэһилиэк баһылыга И.С.Петров кыһыҥҥы өттүгэр уот сотору-сотору барарынан сибээстээн, аварийнай дизель көрүллэрэ наадатын эттэ.
Алексей Александрович хас биирдии ыйытыыларга хоруйдаата, кэлбит салайааччыларга соруктары туруорда. Нэһилиэнньэ туруорсар тыын боппуруостарынан иһэр уу, суол, саҥа модульнай хочуолунай тутуута буолла. Биллэн турар, бу ыйытыыга барытыгар үбүлээһин, сыана сыллата ыарыы турара харгыстыыра саарбахтаммат. Одунулар аҥардас бэйэлэригэр эрэ сыһыаннааҕы буолбакка, бүттүүн Саха сирин дьонун олоҕун тупсарыыга сыһыаннаах боппуруостары эмиэ таарыйдылар.
Солоҕоннор онуоха-маныаха диэри эргэ хочуолунай кыамтатын күүһүрдэри туруорсаллар
Солоҕоттор ааспыт сылга сүрүннээн саҥа таас оскуола тутуутун, иһэр уу, ититии ситимигэр холботуу боппуруоһун туруорсубуттара. Билигин ититии ситимигэр 24 ыал холбоммокко олорор. Холбоноллоругар саҥа хочуолунай тутуллара наада. Маныаха саҥа хочуолунай тутуутун боппуруоһа 2020 с. кэнниттэн биллэринэн сибээстээн, олохтоохтор эргэ хочуолунай кыамтатын күүһүрдэри туруорустулар. Биирдиилээн дьону кытта кэпсэтиигэ 20 киһи сырытта.
Электрик А.А.Григорьев хас биирдии улахан тэрилтэ уопуттаах үлэһиккэ наадыйарынан, үөрэхтэрин саҥа бүтэрбит ыччаттар үлэ булалларыгар уустугун ыйда. С.И.Тарасов аатынан Јрт орто оскуолатын дириэктэри үөрэх чааһыгар солбуйааччы Л.Н.Тимофеева оскуола 1965 с. тутуллубутун, үөрэх-иитии үлэтигэр дьиэ-уот кыараҕаһын, эбиитин оҕолор хас да сиринэн сылдьан үөрэнэллэрэ кэккэ ыарахаттары үөскэтэрин ыйда. Бу оскуола өрөспүүбүлүкэ, улуус бастыҥ оскуолатын аатын ылар чиэскэ хаста да тиксибитэ. Манна, оскуола акылаатын оҥоруутугар, биирдэ эрэ хапытаалынай өрөмүөн көрүллүбүт. Оскуола эргэрбитин бэлиэтээн туран, саҥа кыһа тутуллара наадатын эттэ.
Нэһилиэк мунньаҕын дьокутаата А.А.Тарасов СӨ Бырабыыталыстыбатын отчуота ыытыллара наадалааҕын бэлиэтээн туран, бөлөҕү ааспыт сылга салайан сылдьыбыт А.А.Стручков иккистээн кэлбитин хайҕаата. Кыһалҕаны билэр, өйдүүр киһи кэлэрэ ордугун эттэ. Александр Адамович чуолаан, ааспыт сылга киирбит этиилэргэ олоҕуран туох үлэ-хамнас барбытын, туруорсуулар төһө туолбуттарын быһааралларыгар көрдөстө.
Олохтоохтор сүрүннээн айан суола куһаҕанын, сибээс мөлтөҕүн эттилэр. Сыллата сыана үрдүү турарын, ватсап ситимин нөҥүө тарҕаммыт сир аһын хомуйууга көрүллэр нолуок, «суһал көмө» төлөбүрдэнэрэ төһө кырдьыгын, эбэтэр олоҕо суоҕун туоһуласта, босхо сылдьар бэйдиэ ыттарга тустаах миэрэ ылылларын, «Саха» НКИХ ханаалыгар биир биэрии хаста да хатыланарын, араадьыйа хабыыта мөлтөҕүн о.д.а. эттилэр. Манна даҕатан кэккэ ыйытыылары олохтоох салалталарыгар эмиэ биэрдилэр. Онно элбэх өҥөнү оҥорор дьиэ тутуутугар үлэлээбит дьон хамнаһа баччааҥҥа диэри тоҕо кэлэ илигин, маны ким хонтуруоллуурун чуолкайдастылар. Физкультура учуутала А.А.Стручков сыллата ойуур мастарын биллибэт үөн сииринэн, анал чинчийии үлэтэ ыытыллара наадатын бэлиэтээтэ.
Солоҕоттор, бу курдук, күүппүт түгэннэрэ тосхойбутунан, долгуйар боппуруостарын хото биэрдилэр. Алексей Александрович эдэр исписэлиистэргэ салалта өттүттэн сөптөөх усулуобуйа олохтонуохтааҕын эттэ. Эбиитин нэһилиэк сайдарын туһугар стратегия баар буолуохтааҕын, оччоҕо нэһилиэк инникитин сайдар, эбии үлэ-хамнас ыытыллар кыахтааҕын быһаарда.
Отчуот икки сэлиэнньэҕэ сэргэхтик барда. Дьон-сэргэ маннык сирэй көрсөн олорон ирэ-хоро сэһэргэһэриттэн астынна. Ол эрээри, төһө даҕаны саҥа сокуоннар кыайа-хото таҕысталлар, сорох өттө тыа дьонугар сөбө суохтар диэн санааларын ыһыктыбатылар.