Быйылгы үөрэх дьыла Анаабыр улууһугар олус үчүгэй тэрээһининэн саҕаланна. Сааскылаахха бэртээхэй тутуу үлэҕэ киирэн, үлэһиттэргэ, кырачааннарга, төрөппүттэргэ улахан бэлэх буолла. Алтынньы 5 кунугэр «Тугутчаан» оҕо саадын үөрүүлээх аһыллыытын тэрээһинэ ыытылынна.
«Тугутчаан» оҕо саада быйылгы үөрэх дьылыгар диэри эргэ дьиэҕэ үлэлии турбута. Үлэһиттэр кыһамньылаах илиилэринэн олус тупсаҕай гына оҥостон, элбэх көлүөнэ оҕону иитэн-үөрэтэн таһаарбыттара. Идэлэригэр бэриниилээх исписэлиистэр бары сатабылларын, билиилэрин ууран, үөрэтэн-такайан, улууска, өрөспүүбүлүкэҕэ бастыҥ үлэлээх оҕо тэрилтэтэ буолары ситиспиттэрэ. Кырачааннар араас күрэхтэргэ, Арассыыйа таһымыгар тиийэ, бириистээх миэстэлэри ылаллара анал үөрэхтээх иитээччилэр, куруһуоктар салайааччылара идэлэрин чахчы баһылаабыттарын туоһута.
Билигин оҕо саада 98 миэстэлээх, аныгы үйэ ирдэбилигэр толору эппиэттиир анал тэриллэрдээх, толору хааччыллыылаах, оҕо үөрэх-билии, эт-хаан өттүнэн толору сайдарыгар тупсаҕай көстүүлээх оҕо саада тылтан докумуоҥҥа, докумуонтан олоххо киирдэ. Кырачааннар сайдалларыгар, төрөөбүт тылы, култуураны, улуу нуучча, ону сэргэ омук тылларын (английскай) үөрэтэр, эт-хаан өттүнэн эрчийэр бырагыраамалаах үлэлиир кыахтанна.
Саҥа дьиэ үөрүүлээх аһыллыытыгар аалай кыһыл лиэнтэни улуус баһылыга И.И.Семенов, СР архитектураҕа уонна тутуу комплексын министирэ В.А.Кузакова, «Адгезия» ХЭТ үлэһитэ уонна «Тугутчаан» оҕо саадын сэбиэдиссэйэ З.Н.Спиридонова быстылар.
Улуус баһылыга И.И.Семенов бу дьиэ олус түргэн эрээри, хаачыстыбалаахтык тутуллубутун эттэ. Ол курдук тутааччы « Адгезия » ХЭТ олус эппиэтинэстээхтик үлэлээбитин бэлиэтээтэ. Салгыы эҕэрдэ тылы СР инвестиционнай сайдыыга уонна предпринимательство министирин бастакы солбуйааччыта А.С.Загоренко эттэ.
Улуустааҕы үөрэх управлениетын начаалынньыга Октябрина Черепанова өрөспүүбүлүкэҕэ маннык үчүгэй тутуулаах, толору хааччыллыылаах оҕо саада үлэҕэ киирбитигэр СР Правительствотыгар, улуус баьылыгар И.И.Семеновка барҕа махталын тиэртэ. «Тугутчаан» оҕо саадын сэбиэдиссэйэ Зинаида Спиридонова бу үөрүүлээх бэлиэ түгэҥҥэ долгуйан туран СР Правительствотыгар, улуус баһылыгар, тутааччыларга барҕа махталын биллэрдэ .
Саҥа дьиэ үлэҕэ киирэр үөрүүтүгэр тэрилтэ бэтэрээн үлэһиттэрэ, төрөппүттэр, биир идэлээхтэрэ – нэһилиэк атын оҕо саадын үлэһиттэрэ баҕа санаа бастыҥын эттилэр. Инникитин да элбэх ситиһиини баҕардылар. «Түбүктээх үлэҕит түмүгэ – оҕолоргут ситиһиилэрэ буоллуннар» диэн эҕэрдэлээбит эрэ барыта эттэ.