Булуҥ оҕолоро өрөспүүбүлүкэ таһымнаах күрэхтэргэ ситиһиилээхтик кытталлара кэнники кэмҥэ кими да соһуппат. Ол курдук, ыам ыйын бүтүүтэ Булуҥ эдэр спортменнара чэпчэки атлетикаҕа уонна тустууга күрэхтэһэ Дьокуускайга көппүттэрэ.
Мэҥэ-Хаҥалас Тумулугар ыам ыйын 27 күнүгэр оскуола оҕолоругар чэпчэки атлетикаҕа өрөспүбүүлүкэтээҕи күрэхтэһии буолан ааста. Бу күрэххэ биһиги улууспутуттан Күһүүр орто оскуолатын 8 уонна 10 кылаас үөрэнээччилэрэ ситиһиилээхтик кытыннылар. Хоту улуустартан Булуҥ улууһа соҕотоҕун кыттыыны ылбытын бэлиэтиир наада.
Илин эҥэргэ буолбут күрэхтэһиигэ Фомина Дарья 2 км уһуннаах дистанцияҕа сүүрэн, уһун тыыннааҕын биллэрэн, финиш биэтэгэр иккиһинэн кэллэ. Онтон Варламова Валерия кылгас дистанцияҕа туох баар күүһүн ууран, 300 м буулдьалыы түһүнэн, иккис буолары ситистэ. Бу күрэххэ быһа холоон 120 үлүһүйэн дьарыктанааччылар мустан, ким быһый атахтааҕын быһаарыстылар.
“Өрөспүүбүлүкэ таһымнаах күрэхтэһиигэ бу бастакы сүүрээһиммит буолар. Мин бэйэм сүүрбүт дистанциябар 58 сөкүүндэни көрдөрбүтүм, онтон дьүөгэм Даша уһун сүүрүүгэ 9 мүнүүтэ курдук бириэмэнэн кэлбитэ. Бириэмэбит түмүгүн көрөн астынныбыт. Сүүрээри туран “хотторорум буолуо” диэн санаа үөскүү сылдьыбыта. Аан маҥнай биһигини сүүрүүгэ уһуйбут киһинэн буолар физкултуура учуутала Жирков Иван Романович”, – диэн Валерия Варламова кэпсиир.
Бу кыргыттар кыра саастарыттан саҕалаан сүүрэллэрин КСК тренерэ Жан Самойлов этэр. Ол курдук, улууска үгэс буолбут “Өбүгэ оонньуутугар” кинилэр куруук бочуоттаах миэстэлэртэн түспэттэр. “Кыргыттарбыт өрөспүүбүлүкэ таһымнаах күрэхтэһиигэ маҥнайгы кыттыылара буолар. Кинилэр салҕыы ХХ төгүлүн ыытыллаары турар “Манчаары оонньууларыгар” сүүмэрдиир күрэххэ кыттыахтара”, – диэн бэлиэтээн этэр кини. Кыргыттары күрэххэ чэпчэки атлетика тренерэ Василий Новгородов бэйэтин кытта илдьэ сылдьан сүбэ-ама биэрэр, дьарыктыыр.
Ыам ыйын 27 күнүгэр Арассыыйа чемпионун В.П. Керемясов бирииһигэр, улаатан эрэр тустуук уолаттарга Тулагы-Киллэм сэлиэнньэтигэр тустууга аһаҕас турнир буолан ааста. Бу турнирга биһиги кыра тустуукпут Андреев Айыллаан хотуулаахтык тустарын өссө төгүл дакаастаата. Икки сыл устата тустуу албастарыгар үөрэммит уол, туох баар сыратын ууран, бочуоттаах үһүс миэстэҕэ таҕыста. Санатан эттэххэ, эдэр тустуук элбэх улахан таһымнаах күрэхтэһиилэри билбит, ааспыт уол. Холобура, бу соторутааҕыта Бурятия Кижинги куоратыгар ыытыллыбыт турнирга кыайыылаахтык тустубута.
“Айыллаан 2 кылааска үөрэнэ сылдьан бастакы дьарыгын миэхэ саҕалаабыта. Билигин кини Егор Никандров илиитигэр киирбитэ. Миэхэ дьарыктанар кэмигэр талааннааҕа, чаҕылхайа харахха быраҕыллар этэ. Эр киһилии кытаанах майгылааҕа-сигилилээҕэ тустуу курдук ыарахан көрүҥҥэ лоп курдук барсар. Этэҥҥэ сырыттаҕына үчүгэй тустуук тахсыа”, – диэн Жан Александрович бэйэтин санаатын этэр.