Судаарыстыбаннай деятель Афанасий Илларионов дойдутугар Хайахсыкка кини пааматынньыга туруорулунна

181

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Судаарыстыбаннай Мунньаҕын (Ил Түмэн) Бэрэстэбиитэллэрин палататын бастакы бэрэссэдээтэлэ, үтүөлээх юрист, поэт, тылбаасчыт, бөдөҥ судаарыстыбаннай уонна общественнай деятель, Чурапчы көһөрүллүүтүн кыттыылааҕа Афанасий Петрович Илларионов төрөөбүтэ 75 сылыгар анаан дойдутугар сквер арыйдылар.


Афанасий Илларионов Эдьигээн оройуонун Натааратыгар Чурапчы Хайахсытыттан хоту күүс өттүнэн көһөрүллүүгэ түбэспит Петр Афанасьевич уонна Елена Васильевна Илларионовтар дьиэ кэргэттэригэр 1942 сыллаахха алтынньы ый 18 күнүгэр күн сирин көрбүтэ. Афанасий Петрович ырыа-хоһоон, музыка абылаҥар кыра эрдэҕиттэн ылларбыта. Оскуоланы бүтэрэн баран кулууп сэбиэдиссэйинэн, ырыа учууталынан үлэлээбитэ. Онтон 1971 сыллаахха Свердловскайдааҕы юридическай институту бүтэрэн идэ ылан, Дьокуускайга нотариуһунан, Хаҥаласка судьуйанан, саҥа тутуллар Нерюнгрига норуот суутун тэрийэн, онно 11 сыл Суут бэрэссэдээтэлинэн, Нерюнгритааҕы дьиэ тутар комбинакка кадр отделын салайааччытынан, онтон Дьокуускайга горисполкомҥа, Үрдүкү Сэбиэт аппаратыгар, Саха Өрөспүүбүлүкэтин бастакы бэрэсидьиэнигэр Михаил Ефимович Николаевка сүбэһитинэн, Өрөспүүбүлүкэ Судаарыстыбаннай Мунньаҕын (Ил Түмэн) Бэрэстэбиитэллэрин палататын бастакы бэрэссэдээтэлинэн үлэлээбитэ. Түбүктээх үлэтин быыһыгар олус иэйиилээхтик хоһоон суруйара, тылбааһынан дьарыгырара.

Бэлиэ түгэн кини дойдутугар, Чурапчыга, сарсыарда 9 чаастан илин эҥэр улуустар нэһилиэктэрин, улуустарын депутаттарыгар аналлаах, Ил Түмэн олохтоох салайыныы боппуруостарыгар сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Василий Местников салайыытынан семинартан саҕаланна. Мунньахха барыта 146 депутат кыттыыны ылла.

Салгыы Афанасий Петрович төрөөбүт дойдутугар, Хайахсыт нэһилиэгэр, оскуола оҕолоругар үбүлүөйүнэй линейка, аһаҕас уруоктар ыытылыннылар. Күнүс 12 чаастан А.П. Илларионов аатын сүгэр сквер аһыллыытын сиэрэ-туома дьону-сэргэни түмтэ. Манна саха саарына Афанасий Петрович пааматынньыга турда. Дьаһалга Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Түмэнин Бэрэссэдээтэлэ Александр Жирков, Чурапчы улууһун депутаттарын Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Яков Оконешников, Чурапчы улууһун баһылыгын бастакы солбуйааччы Алексей Ноговицын, Хайахсыт нэһилиэгин баһылыга Василий Прудецкай, Афанасий Петрович кэргэнэ Венера Илларионова, Ил Түмэн салалтата, сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэллэрэ, САССР Үрдүкү Сэбиэтин, Ил Түмэн урукку ыҥырыыларын депутаттара, судаарыстыбаннай сулууспа бэтэрээннэрэ, Чурапчы улууһун общественноһа кыттыыны ыллылар.

Спикер Александр Жирков: “Афанасий Петрович Илларионов үтүө аатын үйэтитии салҕанан бара турар. Кини Федерация ис тутулугар, федеративнай сыһыаннары олохтооһуҥҥа чочуллубут көрүүлэрдээх, судаарыстыбаннай таһымнаах үлэһит, политик этэ. Россия дьиҥ-бааччы федеративнай сыһыаннары сайыннарыы суолун тутуһарыгар дьулуһара. Ол туһугар үлэлээбитэ. 1990 сылтан саҕалаан 1997 сылга диэри Саха сирэ Россияны кытта сыһыаннаһыыларын сүрүн политическай-правовой боппуруостарыгар кыттыспатаҕа диэн суох. Ол курдук Саха Өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыбаннай суверенитетын туһунан Декларация барылын оҥорбута, Саха Өрөспүүбүлүкэтин 1992 сыллаахха ылыллыбыт Конституциятын (Төрүт Сокуонун) оҥорсубута. Союзнай дуогабар уонна Федеративнай дуогабар барылларын оҥорууга быһаччы үлэлэспитэ, салайсыбыта. Бу докумуоннар үгүс сүрүн балаһыанньалара Афанасий Петрович хайдах суруйбутунан киирэ сылдьаллар”, — диэн эттэ.

Венера Егоровна Илларионова долгутуулаах күн кэргэнин олус истиҥник аҕынна. Ыал буолан, түөрт оҕону төрөтөн, ньир-бааччы олорбуттарын, бэйэ-бэйэлэригэр ураты нарын сыһыаннаахтарын кэпсээтэ. Афанасий Илларионов аатын үйэтитэр тэрийэр хамыыһыйаҕа, чуолаан Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Түмэнин Бэрэссэдээтэлигэр Александр Жирковка, мустубут биир дойдулаахтарыгар махтанна. Кэнэҕэһин эдэр ыччат бу сквергэ мустуоҕа, аҕабыт аата умнуллуо суоҕа диэн түмүктээтэ.

Мустубут дьон Афанасий Петрович Илларионов сырдык аатыгар сүгүрүйэн тыыннаах сибэкки уурдулар.

Эбиэт кэннэ Чурапчыга “Айылгы” сынньалаҥ киинигэр общественность мунньаҕа ыытылынна. Кэлбит дьону Чурапчы улууһун Далбар Хотуттара итии чэйинэн, алаадьынан айах тутан көрүстүлэр. Мунньах Афанасий Петрович хоһоонноруттан таҥыллыбыт уус-уран дьүһүйүүнэн саҕаланна.

Үөрүүлээх чааһы Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын үтүөлээх үлэһитэ Вера Платонова салайан ыытта. Мунньахха Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Түмэнин Бэрэссэдээтэлэ Александр Жирков, бэрэссэдээтэли бастакы солбуйааччы Анатолий Добрянцев, Ил Түмэн сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэллэрэ Василий Местников, Александр Корякин, Дмитрий Саввин, Елена Голомарева, Владимир Прокопьев, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Счетнай палататын бэрэссэдээтэлэ Егор Марков, Ил Түмэн депутата Иван Макаров, Саха Өрөспүүбүлүкэтин култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга миниистирэ Владимир Тихонов, Саха Өрөспүүбүлүкэтин тыатын хаһаайыстыбатын уонна ас-үөл политикатын миниистрин солбуйааччы Семен Потапов, Саха Өрөспүүбүлүкэтин дьиэ-уот, коммунальнай хаһаайыстыбатын уонна энергетика миниистрин солбуйааччы Наталья Чукавина, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ытык сүбэтин бэрэссэдээтэлэ Люлия Григорьева, биир кэмҥэ алтыспыт, үлэлээбит доҕотторо Анатолий Антонов, Альбина Поисеева, Анастасия Божедонова, Чурапчы улууһун депутаттарын Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Яков Оконешников, Чурапчы улууһун баһылыгын бастакы солбуйааччы Алексей Ноговицын, Хайахсыт нэһилиэгин баһылыга Василий Прудецкай, Афанасий Петрович кэргэнэ Венера Илларионова кыттыыны ыллылар.

Спикер Александр Жирков Афанасий Петровичтыын бииргэ алтыһан үлэлээбиттэрин, дьоҥҥо-сэргэҕэ, дьиэ кэргэнигэр харыстабыллаах, болҕомтолоох сыһыанын аҕынна. «Кини Ил Түмэн бастакы Бэрэссэдээтэлинэн үс аҥаар сыл үлэлээбитэ. Афанасий Петрович салайааччылаах Бэрэстэбиитэллээх палата күннэтэ сарсыардаттан киэһээҥҥэ диэри сокуон тула үлэлиирэ. Оччолорго компьютерга бэчээттээбэт этибит, эт илиибитинэн уруучуканан суруйарбыт. Афанасий Петрович юрист идэлээх буолан, өрөспүүбүлүкэ сокуонун сүрүннээн бэйэтэ суруйара. Россия өттүттэн сокуон систиэмэтэ оҥоһуллубакка, айгыраан турар буолан, үөһэттэн сокуон тиһиктэрин түһэрии суох этэ. Өрөспүүбүлүкэ сокуона хайдах сурулунна, илии баттанна да, сарсыҥҥы күнүттэн кимтэн да, хантан да тутулуга суох үлэлээн барара. Афанасий Петрович кылаана онно тахсыбыта, суруйар, айар дьоҕурун көрдөрбүтэ. Биирдэ: “Сокуону айыы син биир хоһоону, поэманы, ырыаны айар курдук. Биир эмэ сыыс тыл, эбэтэр сыыһа нуота киирэн хааллаҕына ырыа мөлтүүрүн курдук, сокуон эмиэ мөлтүүр айылгылаах”, — диэн этэн турар. Сокуон силигэ ситэн үчүгэйдик сурулуннаҕына оҕолуу үөрэрэ. Бэл диэтэр, мунньахтыы олорон ытыһын таһынара. Онтон мөлтөх буоллаҕына кыыһыран, сабыта этэн айманан турара. Сокуон туһугар ис сүрэҕиттэн кыһаллара«, — диэтэ.

Хомойуох иһин, Афанасий Петрович дьылҕатын ыйааҕынан 55 сааһын туолбакка сылдьан, бу орто дойдуттан барбыта. Номнуо 20 сыл ааһа оҕуста. Бу сыллар тухары кинини биир өттүнэн, айан хаалларбыт хоһоонноро санаталлар. Поэзията ураты тыыннааҕа. Сергей Есенин сонеттарын, Расул Гамзатов бастыҥ хоһооннорун уонна нуучча улуу айымньытын “Игорь кинээс туһунан кэс тылы” сахалыы тылбаастаабыта. Бу тылбаастарын саха литературатыгар бастыҥ тылбаас быһыытынан билинэллэр.

Александр Жирков Хайахсыт орто оскуолатын учууталыгар “Үүнэр көлүөнэни иитиигэ кылаатын, таһаарыылаах үлэтин иһин” Ирина Картузоваҕа, “Республика социальнай-экономическай сайдыытыгар кылаатын иһин” предприниматель Афанасий Дорофеевка Ил Түмэн Бэрэссэдээтэлин Махтал суругун туттартаата. Үтүө киһи Афанасий Петрович Илларионов аата Саха Судаарыстыбаннаһын историятыгар үйэлэр тухары хаалыаҕа диэн түмүктээтэ.

Чурапчы улууһун депутаттарын Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Яков Оконешников Чурапчы дьоно-сэргэтэ биир дойдулаахтарынан Афанасий Петровиһынан киэн тутталларын этэн туран, Венера Егоровнаҕа тыыннаах сибэкки дьөрбөтүн бэлэхтээтэ. Дойдутугар Хайахсыкка ааспыт сайын ыһыахтыыр сир саҥардыллан, үрдүк тэрээһиннээх үбүлүөйүнэй ыһыах ыһыллыбытын кэпсээтэ. Чугас улуустартан семинарга кытта кэлбит депутаттарга махтанна.

Саха Өрөспүүбүлүкэтин култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга министирэ Владимир Тихонов Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыытылыстабын, култуура министиэристибэтин аатыттан эҕэрдэлээтэ. Афанасий Петрович чаҕылхай олоҕун сырдатар дьоһун тэрээһин чуолаан ыччаттарга инники суолларыгар холобур буоларын, баҕар биир эмэ дойдулааҕа, кини курдук туруу үлэһит киһи үүнэн тахсыа диэн эрэнэрин эттэ. Афанасий Петрович хайдахтаах курдук дойдутун таптыыра хоһоонугар сурулла сылдьарын бэлиэтээтэ. Министр Чурапчы улууһун депутаттарын Сэбиэтин бэрэссэдээтэлигэр Яков Оконешниковка Бырабыыталыстыба аатыттан Махтал суругу туттарда.

Хайахсыт нэһилиэгин олохтооҕо, Саха Өрөспүүбүлүкэтин тыатын хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, улуус Бочуоттаах олохтооҕо Иван Филиппов Илларионовтар Чурапчылары хоту көһөрүүгэ түбэһэн Эдьигээн Натааратыгар хайдах курдук эрэйдээхтик тиийбиттэрин, ийэтэ Өлөөнө онно тиийэн 75 сыл анараа өттүгэр бу күн уол оҕоломмутун сиһилии кэпсээтэ. Саха норуота сокуоннаах буоларын туһугар күн сирин көрбүт, иринньэх оҕо эрдэҕиттэн эрэйи эҥэринэн тэлбит Афанасий Петрович дьылҕата судургу буолбатах этэ диэн бэлиэтээтэ.

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ытык сүбэтин бэрэссэдээтэлэ Люлия Григорьева бииргэ алтыспыт сылларын Афанасий Илларионов дьоҥҥо болҕомтолоох, туруу үлэһит киһи этэ диэн аҕынна.

Кэргэнэ Венера Егоровна Илларионова: “Мин, бу сир үрдүгэр таптыыр киһибинээн ыал буолан, оҕо-уруу, сиэн-ыччат тэнитэн олорбуппуттан дьоллоох дьахтарбын”, — диэн этиитин саҕалаата. Салгыы хайдах ыал буолбуттарын, кэргэнин сыралаах үлэтин, олоҕун үтүө түгэннэрин кэпсээтэ. Афанасий Петрович Илларионов түөрт оҕото бары үлэһит буолан үлэлии сылдьалларын, сиэннэр этэҥҥэлэрин, эһэтин аатын толору сүгэр кырачаан уол сиэн улаатарын истэн, мунньахха мустубут дьон ытыс тыаһын бэлэхтээтэ.

Саха Өрөспүүбүлүкэтин үтүөлээх артыыһа Анастасия Готовцева, “Туймаада” Судаарыстыбаннай вокальнай ансамбль, Хайахсыттан эр дьон квартета Афанасий Илларионов ырыа буолбут хоһооннорун толордулар. Аны ахсынньы ыйга Дьокуускайга Афанасий Петрович Илларионов төрөөбүтэ 75 сылыгар аналлаах өрөспүүбүлүкэ общественноһын үөрүүлээх мунньаҕа ыытыллыаҕа.

Кини олоҕор, үлэтигэр, хоһоонноругар, айымньыларыгар, кэрэ санаатыгар умсугуйан, кэнэҕэскитин даҕаны саха дьонун-сэргэтин үрдүк таһымҥа таһаарар талааннар үөскүөхтэрэ-сайдыахтара. Онуоха ытык киһибит Афанасий Петрович алгыс тыллара дьонугар, норуотугар тиийэ туруохтара.