Сунтаар лиссейин бүтэрбит Шадриновтар ситиһиилэриттэн биир дойдулаахтара үөрэллэр

135

Биһиги улууспут устуоруйаты­гар бастакынан бу соторутааҕыта наукаҕа уонна тиэхиньикэҕэ В.П. Ларионов аатынан Саха Өрөс­пүүбүлүкэтин Судаарыстыбан­най наҕараадатын ылбыт биир дойдулаахпыт, эдэр учуонай Ни­колай Шадринов Сунтаардаа­ҕы политехническай лиссиэйи 2001 сыллаахха бүтэрбитэ.


Мин санаабар, оҕо хайдах би­лиилээх-көрүүлээх киһи буолан тахсара оскуолаттан улахан туту­луктаах. Ол кэнниттэн төрөппүт, удьуор утумун оруоллара сабы­дыал­лааҕа биллэр. Холобур, ити Николай төрөп­пүт­тэ­рэ Сунтаар олохтоохторо Виктор уонна Мария Шадринов­тар 4 оҕолоохторо бары Сунтаар­дааҕы лиссиэйи бүтэрбиттэр. Ол туһунан саас сааһынан кэпсии түстэххэ маннык.

Шадриновтар улахан кыыста­ра Айталина лиссиэйи 1999 сыл­лаахха үрүҥ көмүс мэтээлинэн бүтэрбит. Үөрэҕин бүтэрээт, Москубатааҕы туризм институ­тугар менеджер идэтигэр үөрэнэ киирбит уонна 2004 сыллаахха кыһыл дьупулуомунан бүтэрбит. Айталина билигин Москуба ыала буолан, оҕолонон олорор.

Оттон эдэр учуонай Николай Шад­ринов туһунан бу соторутаа­ҕыта биһиги хаһыаппытыгар сыр­датан турабыт. Саха сиэринэн эдэр киһини аһара арбаабакка, наука, үлэ үрдүкү чыпчаалла­рыгар киниттэн эрэнэ күүтэрбит элбэх диибит. Николай билигин иллээх дьиэ кэргэн эрэллээх эркинэ, 2 уол оҕо амарах аҕата буолан Дьокуускай куоракка олорор.

Ыал үһүс оҕото Ольга эдьии­йин утумнаан, 2006 сыллаахха лиссиэйи эмиэ үрүҥ көмүс мэ­тээ­­ли­нэн бүтэрбит. Моску­ба­тааҕы үп-быра­мыы­сыланнай академияҕа үөрэнэн валюта-үп сыһыан­наһыытыгар идэ­ ылбыт. Билигин эмиэ Моску­баҕа ыал буолан иккис оҕотун көрөн олорор.

Шадриновтар төрдүс, оһоҕос түгэҕэ уоллара Алексей икки эдьиийин ситиһиилэрин куоһа­ран, лиссиэйи кыһыл көмүс мэ­тээ­линэн бүтэрэн төрөппүттэ­рин, бииргэ төрөөбүттэрин сүр­дээҕин үөрдүбүтэ. Эмиэ Моску­баҕа «Институт стали и сплавов» үөрэнэн магистратураны 2016 сыллаахха кыһыл дьупулуомунан бүтэрбит. Алексей билигин «Тех­нология материалов электрони­ки» кафедраҕа аспирантураҕа үөрэнэ-үөрэнэ «НПК-химпромин­жиринг» АО сүрүннүүр исписэ­лии­һинэн үлэлиир.

Биир ыал оҕо­лоро бары улууспут биир бастыҥ үөрэҕин кыһатын сити­һии­лээх­тик үөрэнэн бүтэрэн, салгыы бары үрдүк үөрэҕи баһылаан, олох киэҥ аартыгар үктэнэллэрэ төрөппүттэргэ, оскуола кэлэк­тиибигэр төһө үөрүүлээх, киэн туттуулаах буолуой? Сорохтор миигин таба өйдүүргүтүгэр баҕа­рабын, мин бу орто дойдуга үрдүк үөрэхтээх эрэ киһи сити­һиилээх буолар, дьоллоох диэ­бэппин. Бу орто дойдуга киһи буолан кэлбиппит даҕаны кэрэ буоллаҕа.

Шадриновтар РФ уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин үтүөлээх учуутала О.К. Сосин дириэктэрдээх Сунтаардааҕы политехническай лиссиэй бары үлэһиттэригэр махталлара ула­хан. Кинилэргэ инникитин даҕа­ны кэнчээри ыччаты иитэр-үөрэ­тэр сыралаах үлэлэригэр сити­һии­лэри баҕараллар. Биһиги эмиэ онно кыттыһабыт.