Сунтаар улууһун дьаһалтатын отчуотугар тыа сирин олохтоохторо кыһалҕаларын этинэллэр

254

Бу күннэргэ Сунтаар улууһун бары нэһилиэктэринэн оройуон дьа­һал­татын 2017 сыллааҕы үлэ­тин отчуота үс бөлөххө арахсан ыытылла турар. Быйылгы сыллааҕы отчуоту туруоруу биир уратытынан отчуот толору тиэкиһэ «Сунтаар сонуннара» хаһыакка эрдэ бэчээттэммит буолан, дьон үгүс сиргэ отчуоту сүнньүнэн аахпып­пыт, билэбит дииллэрин учуот­таан, баһылык Анатолий Григорьев улуус олоҕун-дьаһаҕын, үлэтин-хамнаһын сүрүн тосхоллорун кэпсээн баран, дьаһалта сүрүн уп­равлениеларын салайааччыла­рыгар тыл биэр­тэлээн истэ.


Уру­туу түһэн эттэххэ, бастакы бөлөх биир «дьоруойунан» нэһилиэнньэ дьарык­таах буолуутун Киинин са­ла­йааччыта А.М. Николаев буолла. Быйыл өрөспүүбүлүкэбитигэр нэ­һилиэнньэ дьарыктаах буолуутун Көҕүлээһин сыла биллэриллиби­тинэн даҕаны, Александр Мака­рович кэпсиирэ-ипсиирэ да эл­бэх, дьон ыйытара да үгүс. Бу сырыыга нэһилиэн­ньэ биир ыал­дьар боппуруоһун таба өйдөөн, отчуокка нолуок сулууспатын үлэ­һиттэрэ сыл­дьыспыттара наада­лаа­ҕа көһүннэ. Бастакы бөлөххө Арассыыйа нолуокка сулууспатын СӨ оройуоннар икки ардылары­нааҕы 3 №-дээх иниспиэксийэтин начаалынньыга В.С. Скрябин иһи­тиннэриилэрэ дьон болҕомтотун тарта. Владислав Спиридонович бары ыйытыыларга чуолкай хоруйдары биэрэн истэ.

Дьаархаҥҥа

Дьаархаҥҥа ааспыт күһүнтэн баһылыгы­нан Максим Спиридо­нович Архипов талыллан үлэлиир.

Дьаархаҥҥа эрэ да буолбакка, уопсайынан ааспыт сыл улууспу­тугар араас үлэ-хамнас киэҥ да­лааһыннаахтык баран, от былаана туо­лан, сүөһү-ас этэҥҥэ кыс­таан турар буолан, тыа сирин дьо­нун-сэргэтин сүргэтэ көтөҕүллэн олорор диэтэххэ, улахан омун буолбата буолуо.

Дьаархаттар да сүнньүнэн он­нук өйдөөх-санаалаах олороллор. Ол да иһин кинилэр бастакы ыйы­тыылара аныгы сайдыы боппу­руо­һут­тан – оптоволоконнай сибээс кэлиитин, цифровой тэлэбиидэнньэ туһунан буоллулар. Онуоха улуус­пут баһылыга А.В. Григорьев бу соторутааҕыта ити боппуруоһунан өрөспүү­бүлүкэ сибээһин миниистирин А.И. Борисовы кытта көрсү­бүтүн, өссө 2016 сыллаахха анал меморандумҥа илии баттаспыт­тарын туһунан этэр. Олунньу ыйтан үлэ саҕаланан, Мииринэйтэн опто­волоконнай сибээс сайын Сун­таарга кэлиэҕэ, оттон нэһилиэктэ­ринэн барыыта туспа боппуруос диэн быһаарар.

Тыа хаһаайысты­батын управ­лениетын начаалын­ньыга И.В. Тихонов үүт харчытын хамсааһына кулун тутартан саҕа­ланыа, билигин үп-харчы араас граннарынан тыырыллар диир. Улуус кылаа­бы­най бырааһа С.К. Ива­нова былы­рыын каадыр боппуруоһунан үлэ­лээбитим, быйыл эмтээһин хаа­чыс­тыбатыгар диир.

“Дьаархан” кэпэрэтиип сала­йаач­чыта С. А. Григорьев бу да сырыыга санаатын толору эти­нэр. Сергей Алексеевич Дьаар­хаҥҥа бөрө элбэҕин, олох­суйбутун, бө­рөлөөһүн ыытыллар курдук да түмүгэ суоҕун, уматык (сэлээркэ) ороскуотун уйунуу оҥоһуллуохтааҕын, бөрө тиритин сыа­ната кыратын о.д.а. этэр. Итиннэ да­ҕатан, 2016 сылга улууска 45, 2017 сылга 18 бөрө бултаммыта эти­линнэ. Олохтоох баһаарынай хамаанда начаалынньыга Петр Ти­мофеев 2017 сыл­лааҕы ойуур баһаарыгар үлэлээбит төлөбүр­дэрин өссө да ыла иликтэрин этиннэ. Онно улууспут баһылыга Анатолий Ва­сильевич ити баһаардар­га Арас­сыыйа 216 мөл. солк. төлүү илигин быһаарда. Дьаарханнар итини сэргэ электроуот ситимин, кулууп­тарын, Дьаархан — Уһун Күөл суолун өрө­мүөнүн туруорсаллар. Улуус ба­һылыга кулууп боппуруоһугар «Үтүө дьыала» бырагыраама нө­ҥүө киирсэр наадатын, суол саа­май алдьанар кэмигэр, күһүн-саас, улахан уйуктаах тиэхиньикэ сырыытын булгуччу бобор дьаһал суолу харыстааһыҥҥа бастакы хардыы буоларын, ону олохтоохтор эмиэ күүскэ хонтуруоллуулларыгар модьуйда.

Дьаархаттар улуус дьаһалтатын үлэтин биһирииллэрин этэллэр.

Маар Күөлгэ

Бастакынан санаатын этиммит нэһилиэк биир ытык кырдьаҕаһа Г.К. Еремеева сэлиэнньэ иһинээҕи баҕаналарга уот суоҕун, суол хаара ыраастамматын, улуус кииниттэн быраастар кэлэн нэһилиэнньэ доруобуйатын туругун бэрэбиэркэлээбэттэрин, кырдьаҕастар өлөн бүтэн эрэллэрин, о.д.а. бэйэтин санааларын аһаҕастык этэр. Галина Константиновна этии­тин истэ олорон, төһө даҕаны олох тыйыс сокуонунан буоллар, ханна даҕаны кырдьаҕастар ба­рахсаттар өлөн-сүтэн суох буолан иһэллэрин харааста саныыгын. Билигин санаатахха, араас мун­ньахтары кинилэр «киэргэтэллэ­рэ», сытыырхаталлара мэлдьэх буолбатах. Былдьасыһа-былдьасыһа этэн-тыынан көрөөхтүүллэрэ. Дьэ, ол билигин суох буолаахтаабыт. Оттон аныгы дьон өйө-санаата, тыла-өһө атына өйдөнөр.

Олохтоох оскуола дириэктэрэ Л.С. Тотонова, учуутал Ю.М. Яков­лев саҥа оскуола тутуллан үлэҕэ киирбитигэр махтанан туран, сал­гыы успуорт саалата тутулларыгар баҕаларын этэллэр. Бибилэтиэкэ үлэһитэ С.В. Гаврилова тустаах тутууну өйөөһүҥҥэ улуус өттүттэн туох көмө баарый диэн туран, кини сорох ороскуоттарын бэйэтин да хамнаһыттан уйунуон сөбүн эттэ. Маар күөллэр суолларын өрөмүө­нүн (гравий кутууну) туруорсаллар. Оттон В.В. Слепцова Сунтаарга тулаайахтарга анаан тутуллан ис­пит 16 кыбартыыралаах дьиэ туһу­нан ыйыталаһар. Улуус баһылыга Анатолий Васильевич итиннэ даҕа­тан, инникитин үп-харчы боп­пуруоһа өссө уустук буолуоҕун, араас тутуулар тохтотуллар кут­таллаахтарын, өрөспүүбүлүкэҕэ «Үтүө дьыала» бырагыраамаҕа көрүллүбүт 500 мөл. солк. үп кэлин 350 мөл. солк. диэри кыччатыллыбытын, инникитин үлэ бары да салааты­гар ахсааҥҥа буолбакка, хаачыстыбаҕа сүрүн болҕомтону, ирдэ­били ууруохпут диэн саамай сөпкө этэр.

Нэһилиэк тыа хаһаа­йысты­батыгар исписэлииһэ В.С. Яков­лева Маар Күөл нэһилиэгэ 720 төбө сылгылаах, улууска биир саамай элбэх сылгылаах нэһилиэк диэн туран, үүт-ас, бородууксуйаны оҥорон таһаарыы боппуруос­тарыгар санаатын этэр. Култуура дьиэтин дириэктэрэ Э.Е. Егоро­ва биэ кымыһа Маар Күөлгэ эрэ дэлэччи оҥоһуллар, онно улуус өттүттэн өйөбүл наада диир. Электри­ческэй уот күүһэ олус мөл­төх диэн санаалар эмиэ иһилин­нилэр. Онно Сунтаардааҕы РЭС начаалынньыга Ю.К. Григорьев туһааннаах быһаарыыны биэрэн туран, 7 км усталаах уот сити­мэ саҥардыллыахтааҕын, «Молодеж­най» микрооройуон техническэй усулуобуйата суох олорорун этэр.

Маар күөллэр улуус дьа­һалтатын үлэтин эмиэ биһириил­лэрин биллэрэллэр.

Уһун Күөлгэ

Арыылаах нэһилиэгин эмиэ саҥа баһылык Иван Николаевич Игнатьев салайар.

Уһун Күөллэргэ быйыл саҥа вышка туруоруллан цифровой тэлэбиидэнньэни көрөллөр.

Сэбиэскэй, салайар үлэ бэтэ­рээнэ Н.А. Егоров бэйэтин санаа­тын олохтоох учаастактааҕы балыы­һа устуоруйатын кэпсээн туран, ол билигин хайаан да аһыллара наадатын этэр. Николай Алексеевич улуус кылаабынай бы­рааһыгар туһаайан: «Өскө ону кыайдаххына, Светлана Кимовна аатыҥ биһиэхэ кыһыл көмүс буукубанан суруллуо этэ«, — диир. Балыыһаҕа капитальнай өрөмүөн ыытыллыан, саатар муос­тата уларыйыан наада диир. Кы­лаабынай быраас, биллэн турар, билиҥҥи баар балаһыанньаны бы­һааран кэпсиир. Николай Алек­сеевич салгыы эмиэ уот ситимин, нэһилиэк ис суолун боппуруоста­рыгар тохтуур, «Саха» НКИХ ханаала тоҕо сүттэ диэн кырдьык, наадалаах бопуруостары туруор­сар. Уот боппуруоһугар добуочча эриһии кэнниттэн РЭС начаалын­ньыга Ю.К. Григорьев 1-2 сы­лынан тосту көнүү барыа диэн эрэннэрбэтин биллэрдэ.

Элбэх этии олохтоох оскуола тутуутун тула буолла. Тутууга улуус кылаабынай технадзора М.С. Иванов этэри­нэн, бу оскуола тутуутугар элбэх итэ­ҕэс-быһаҕас баар эбит. Марк Спи­ридонович тутууну салгыы ыытар­га олунньу ыйтан саҥа биригээдэ кэлиэхтээх, онно олохтоохтор өттү­лэриттэн уопсастыбаннай хонту­руол, бэрээдэги тутуһуу күүһүрүөн наада диир. Баһылык А.В. Григорьев барыта этэҥҥэ буоллаҕына, аны күһүн кыһыл лиэнтэни кырыйыахпыт диэн түмүктээтэ.

Тыа хаһаайыстыбатын үлэтин бэтэрээнэ А.Е. Николаев мелиора­ция, уопсайынан сири оҥоруу боп­пуруостарыгар санаатын этэр. С.Г. Павлова тыа хаһаайыстыбатыгар саҥа сонун үлэнэн дьарыктанан эрэрин этэн туран, бэрт элбэҕи туруорсар. Нэһилиэккэ да, улууска да биллэр үлэлээх Р.П. Семенова үлэтин инники былааннарын кэпсиир.

Арыы­лаах­тар эмиэ араас кыһал­ҕаларын этинэн туран, улуус баһылыга Анатолий Васильевич эппит тылын толо­рорун биһирии­ллэрин, аны күһүн саҥа оскуолалара аана эмиэ тэлэччи аһылларыгар санаа­ларын этэ хааллылар.

Улуус баһылыгын I сол­бу­йааччы Н.П.Александров салайар иккис бөлөҕө бастакы күҥҥэ Түбэй, Сиэйэ, Түбэй Дьаархан нэһилиэктэринэн сылдьан отчуоту туруорда. Бөлөххө үөрэҕирии, тыа ха­һаайыстыбатын, социальнай харысхал, тутуу управлениеларыттан, доруобуйа харыста­былыттан, баайга-дуолга уонна сиргэ сыһыаннаһыылар кэми­тиэтиттэн, пенсионнай пуон­дат­тан, налоговай, баһаары­най сулууспалартан, ыччат от­делыттан эппиэттээх үлэһит­тэр сылдьыстылар.

Түбэйгэ

Улууспут салалтата ааспыт сылга туох-ханнык үлэни ыып­пытын, инники былааннар туста­рынан дьүүллэһээри, кэпсэтээри, олохторугар-дьаһахтарыгар көрсөр кыһалҕаларын этинээри 50-ча киһи кулууп дьиэҕэ мустубут.

Сүрүн дакылаатчыт Николай Александров дьаһалта ааспыт сыллааҕы үлэтин сүрүн-сүрүн салааларга тохтоон оҥордо. Ыытыллыбыт үлэлэр тустарынан дакылаат кэнниттэн, олохтоохтор араас ыйытыылары баһылыгы бастакы солбуйааччыга, атын да тэрилтэ үлэһиттэригэр биэрди­лэр. Ол курдук, оскуола учуутала Аркадий Архангельскай нэһи­лиэк­кэ баар уот баҕаналара олус эргэрбиттэрин, маны саҥардыыны туруор­субуттара ырааппытын, улахан си­тиһии суоҕун этэр. Бу ыйытыыга РЭС кылаабынай инженерэ Юрий Воз­нен­ко эппиэт биэр­дэ.

Өрүс нөҥүө олорор буолан­нар, тү­бэй­дэр сы­лын аайы паром туһунан туруорсууну бэбиэскэттэн түһэрбэттэр. Бу да сырыыга эмиэ ыйыт­ты­лар, туруорус­тулар. Нэһи­лиэк­кэ уу ыраас­тыыр ыстаан­сыйа үлэҕэ быйыл киириэ­ҕин туһунан иһиттилэр.

Оҕо саадын сэбиэдиссэйэ Светлана Илларионова: «Ааспыт сыл улууска тыа сирин үлэһит дьо­нугар суолта биэрэн элбэх тэрээ­һини ыыппыккыт олус кэрэхсэ­биллээх. Ол эрэн манна мин са­наабын этэбин. Кыра нэһилиэк­тэргэ оҕо саадтарын үлэ­һит­тэ­ригэр туспа күрэх тэри­йиэххэ. Оч­чоҕо кыра нэһилиэк­тэргэ үлэлиир элбэх исписэлиис кыттыа этэ», – диэн санаатын эттэ. Чахчы, үөрэ­ҕирии курдук элбэх үлэһиттээх бөдөҥ салааҕа нэһи­лиэктэри бөлөхтөргө арааран күрэх тэрил­лиэн сөп. Ол да курдук, быйыл управление да, дьаһалта да маннык былааннаахтар эбит.

Кырачааннары иитэр-үөрэтэр үлэһит оҕо күүннээҕи аһылыгын харчыта олус кыратын этэр. Билигин биир оҕо 60 солкуобайга аһыыр, ону үрдэтиэххэ наадатын тоһоҕолоото.

Нэһилиэк ыала уотунан итити­ниигэ холбонон олороллорун, ол эрэн уот баҕаналара эргэлэрин, араас саахал таҕыстаҕына тоҥор кутталлаахтарын этиннилэр. Онон киин ититиигэ холбонор кыах баарын дуу суоҕун дуу ОДьКХ дириэк­тэриттэн Александр Даниловичтан ыйыттылар. «Эһиги бэйэҕит сүбэ­лэ­һэн баран, ханнык ититиниигэ киирэргитин быһаарыныаххытын сөп. Хочуолунайтан дьиэбитин сылыттабыт диир буоллаххытына биһиги холбуубут», – диэн хомунаалынай хаһаайыстыба салайааччыта эттэ.

Сиэйэҕэ

Сиэйэ олохтоохторо улуус дьаһалтатын үлэһиттэриттэн ыйытыылара, туруорсуулара элбэх. Холобур, быйыл эдэр исписэлиистэргэ ананан тутуллу­бут дьиэ олус тымныытын, саас, күһүн уот араарыллар кэмигэр эбийиэктэр тымныыларын этэл­лэр. Сиэйэлэр биһиги нэһилиэк­питигэр тутуу барбат диэн мэлдьи да бэлиэтииллэр. Арай бу быйыл биир дьиэ тутуллан үлэҕэ киирдэ да, тымныыта сүрдээх. Тутуу хаачыстыбатын салалта мэлдьи кэлэн көрө-билэ сылдьыахтаах, анал хамыыһыйа тэрийиллиэхтээх дииллэр. Манна ханнык нэһи­лиэккэ ханнык тутуу барарын улуус салалтата мэлдьи улахан хонту­руолга туталларын, үлэ хаачыс­тыбатын ирдииллэрин баһылык бастакы солбуйааччы Н.П.Алек­сан­дров өссө төгүл эттэ. Оттон бэйэҕит искититтэн эмиэ норуот хонтуруолун тэринэн, нэһилиэккэ ыытыллар тутуулары хонтуруол­лаһыҥ, ону биһиги өйүүбүт да, итинник хонтуруол наадалааҕын этэбит даҕаны диир. Оттон нэһи­лиэккэ баар тэрилтэ, ол иһигэр оҕо саада эмиэ уотунан ити­тиниигэ олорбуттара ыраатта. Уот барар кэмигэр бу тэрилтэлэр бары тоҥон, сабыллар эрэ кыах­таналлар. «Онон биһиги нэһи­лиэккэ саппаас дизель баар буолуох­таах диэн туруор­сабыт«, — диэтилэр.

Нэһилиэккэ МФЦ тутуутун «Моя Якутия в 21 веке» өрөспүүбүлүкэ бырагырааматыгар киллэрэри, кыбартаалынай хочуолунай тутары, социальнай эбийиэктэри өрөмүөннүүргэ эбии үп көрүүтүн, нэһилиэккэ амбула­тория хапытаалынай өрөмүөнүгэр үп көрүүтүн, балыыһаҕа урукку учаастактааҕы балыыһа статуһун төннөрөрү туруорсаллар. Үөрэҕи­риигэ эмиэ элбэх ыйытыы­лаах­тар, туруорсуулаахтар. Холобур, «Радуга» оҕо саадыгар оҕо оонньуур былаһааккатын тутууга үп, «Сарыал» оҕо саадыгар куухуна уонна таҥас сууйар дьиэ тутуутун, орто оскуола интэринээтин куорпуһугар ыытыллар өрөмүөн үлэтин үбүлээһини, оскуола үөрэ­тэр-производственнай мастарыс­кыайын материальнай-техничес­кэй базатын тупсарыыга көмө, саҥа таас оскуола бырайыагын үбүлүүргэ диэн бу отчуот түмүгү­нэн сиэйэлэр туруорустулар.

Түбэй Дьаархаҥҥа

Нэһилиэк олохтоохторо отчуоту элбэх буолан дьүүллэстилэр.

Оскуола учуутала Соломаида Федорова оскуола 2009 сылтан олус тымныйбытын, иккитэ-үстэ улахан өрөмүөн үлэтин үлэһиттэр, олохтоохтор, үөрэнээччилэр күүстэринэн ыытыллыбытын этэн туран, билигин да тымныытын эттэ. Нэһилиэккэ быраас кэлэн үлэлиэ дуо диэн ыйытыыга улуус киин балыыһатын кылаабынай бырааһын солбуйааччы Марианна Корнилова быйылгы сайаапкаҕа Түбэй Дьаархаҥҥа быраас наада­тын туруорбуппут. Быйыл улууспу­тугар хаһааҥҥытааҕар да элбэх быраас кэлбитин эттэ. Ол эрэн, нэһилиэктэргэ үлэлии тахсал­ларыгар олорор усулуобуйалара баар буолуохтааҕын, олорор дьиэнэн хааччыллыахтаахтарын, дьиэни олохтоох дьаһалта булан биэриэхтээҕин эттэ. Оттон Түбэй Дьаархаҥҥа эмчит кэлэригэр олорор дьиэтэ суоҕа харгыс буолла. Маны быһааралларыгар улуус баһылыгын бастакы солбуйааччы сорудахтаата.

Тыа хаһаайыстыбатыгар ис­кусс­твеннай сиэмэлээһин боппу­руоһа турда. Билигин нэһилиэккэ осеменатор суох. Ону сэргэ бэтэринээрдэр оҥорор өҥөлөрүн сыаната үрдүгүн сүөһүнэн иитил­лэн олорооччулары чаҕытар. Сайын өрүс уҥуор туораан оттуур буоланнар кыра кыамталаах уу суднота наадатын этэн туран, маннык тиэхиньикэни сакаас­тыыл­ларыгар бырайыак оҥорол­лоругар үбүнэн улуус өттүттэн көмө баар буоларын туруорус­тулар.

Нэһилиэккэ элбэх оҕолоох ыал­лар учаастак ылан дьиэ тутун­нулар. Ол эрээри манна билигин киирэн олорор кыахтара суох. Ол биричиинэтинэн уот ситимэ суоҕа буолар. 60-ча ыал электроуотунан ититиниигэ холбонон олорор. От­тон сорохтор оһохпутун оттон оло­робут, электроуокка холбоммокко, киин хочуолунайга холбонор баҕалаахтарын эттилэр.

Бу үс нэһилиэккэ улуус салал­тата ыытар үлэтин биһириил­лэрин биллэрдилэр уонна салгыы да өссө таһаарыылаахтык үлэ­лээҥ, биһигини, тыа нэһилиэк­тэрин кыһалҕаларын мэлдьи да быһаарса, туората сылдьыҥ диэн алгыы хааллылар.