Сунтаар улууһун Кутанатыгар саҥа маҕаһыын үлэтин саҕалаата

99

Предприниматель Надежда Львова улууспут киинигэр, нэһилиэктэргэ маҕаһыын аһан, нэһилиэнньэни күннээҕи туттар тэрилбитинэн, аспытынан-үөлбүтүнэн хааччыйар. Маны таһынан олохтоох дьоҥҥо үлэ миэстэтин таһаарар. Ол курдук, Сунтаарга икки маҕаһыыннааҕын таһынан Тойбохойго, Элгээйигэ, Кутанаҕа баар.


Кутанаҕа урукку өртүгэр «Корона» маҕаһыын ИП Александр Саввинов ырыынагар үлэлии турбута. Онтон дьоҕус дьиэ атыылаһан, 2007 сыллаахха туспа маҕаһыыннаммыта. «Корона» маҕаһыын бастакы атыылааччытынан Анастасия Архангельская үлэлээбитэ. Билигин төһө да бочуоттаах сынньалаҥҥа олордор, сүбэ-ама буола сыл­дьарыттан ха­һаайка Надежда Григорьевна олус үөрэр, мах­танар.

Эрчимнээх, тобуллаҕас тол­куйдаах пред­приниматель маҕаһыынын өссө кэҥэтэн, улаатыннаран биэрэргэ санаа ылынан, эбии дьиэ атыылаһар. Өрөмүөннүүргэ, тупсаран оҥорорго Юрий Кириллин биригээдэтэ сайыны быһа үлэлээтэ. Хаачыстыбалаахтык, эппиэтинэстээстик үлэлээбит биригээдэҕэ, тырааныспарынан, дьыалабыай маһынан көмөлөспүт «Айан Суол» ХЭТ, тэрилтэ генеральнай дириэктэрин солбуйааччы Михаил Евсеевкэ, нэһилиэк баһылыгар Николай Давыдовка Надежда Григорьевна махтанар.

Маны сэргэ атыылаһааччыларыгар эмиэ улахан махталын биллэрэр. «Кинилэр баар буоланнар, атыы-эргиэн көдьүүстээхтик барар буоллаҕа. Оттон мин нэһилиэнньэҕэ хаачыстыбалаах аһы, табаары атыыга таһаарар улахан эбээһинэстээхпин, эппиэтинэһи сүгэбин», – диэн этэр предприниматель.

Онон бу аҕыйах хонуктааҕыта Кутана нэһилиэгэр икки этээстээх, киэҥ, дэлэй табаардаах маҕаһыын аһылынна. Аҕыс үлэһиттээх супермаркет систиэмэтинэн үлэлиир «Корона» маҕаһыын үс отделлаах: бородуукта, хаһаайыстыбаннай уонна күннээҕи туттар араас табаардар.

Надежда Львова үлэ миэстэтин таһаарарга элбэх бырайыактаахпын диир. Онон, элбэх идиэйэлээх аныгы үйэ киһититтэн олохтоохтор элбэҕи күүтэллэр, тобулбут толкуйун олоххо киллэриэ диэн бүк эрэнэллэр.