Устье бөһүөлэгэр «Тещин язык» туристическай комплекска Сунтаар улууһун баһылыгын бирииһигэр «Боотурдар күрэхтэрэ» ыытылынна. Күрэххэ барыта 15 хамаанда күөн көрүстэ Сунтаартан 5 хамаанда, Тойбохой, Хадан, Наахара, Илимниир, Сиэйэ, Элгээйи, Бордоҥ, Устье, Маар Күөл, Түбэй Дьаархан. Кыайыылаах булт саатын тутта.
Күрэхтэһии аһыллар үөрүүлээх чааһыгар кыттааччылары уонна мустубут дьону улуус баһылыга А.В.Григорьев, оройуон дьокутааттарын Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ М.А.Максимов уо.д.а. эҕэрдэлээтилэр.
Күрэхтэһии саҕаланыан иннинэ улуус баһылыга Анатолий Васильевич тэрээһин сүрүн түгэнин билиһиннэрдэ. Бириистээх миэстэлэргэ тиксибит хамаандалар харчынан, анал сэртипикээтинэн уонна бириистэринэн бэлиэтэниэхтэрин туһунан эттэ. Оттон муҥутуур кыайыылаах МР-155 аптамаат саанан наҕараадаланыаҕын иһитиннэрэн, кыттааччылар сүргэлэрин көтөхтө, кыайыыга кынаттаата.
Боотурдар күрэхтэрин улуустааҕы ыччат отдела уонна успуорт управлениета тэрийэн ыыттылар. Кылаабынай судьуйанан Александр Оконешников үлэлээтэ. Күрэхтэһии бэйэтэ биэс түһүмэхтэн турда. Бастакы түһүмэх – эстэпиэтэ, иккис түһүмэх – гиирэ анньыыта, үһүс – балыгы былдьаһыы, төрдүс – хомуур хапсаҕай, бэһис – канаат тардыһыыта.
Тыҥааһыннаах киирсиилэр түмүктэринэн бастакы миэстэни Маар Күөл нэһилиэгин хамаандата ылла. II, III миэстэлэри Сиэйэ уонна Сунтаардааҕы технологическай колледж хамаандалара ыллылар. Оттон муҥутуур кыайыылаах аатын былырыыҥҥы күрэх кыайыылаҕа, Сиэйэ бөҕөһө Ньургун Иванов ылан, МР-155 аптамаат саа хаһаайынынан буолла.
Күрэхтэһии олус сэргэхтик барбытын көрөн, Ньурбаттан кэлбит ыалдьыттарбыт “Боотурдар күрэхтэрин” региональнай таһымнаах оҥоруохха наада диэн этиини киллэрдилэр.
Өссө бу күн, күрэхтэһиини сэргэ «Тещин язык» туристическай комлпекска кыһыҥҥы хайыһар базатын дьиэтин арыйыы сиэрэ-туома буолла.