Сунтаар ыччата пааспарын тутта

237

Атырдьах ыйын 22 күнэ — Арассыыйа былааҕын күнэ. Сунтаарга «Олоҥхо» төрүт култуура киинигэр 14 саастарын туолбут 10-тан тахса оҕо Арассыыйа гражданина буоларын туоһулуур докумуоннарын – пааспарын тутта.


Үөрүүлээх чааска «Билии» уопсастыба улуустааҕы бэрээссэдээтэлэ Егор Кузьмин Арассыыйа былааҕын суолтатын, устуоруйатын кылгастык билиһиннэрдэ. Үөрэх управлениетын начаалынньыга Гаврил Еремеев оҕолор бу улахан суолталаах күҥҥэ Арассыыйа гражданина буолбуттарын туоһулуур докумуоннарын ылбыт күннэрин өйдөрүгэр-санааларыгар илдьэ сылдьалларыгар эрэнэрин биллэрдэ уонна урукку кэмҥэ бэйэтэ пааспарын хайдах ылбытын туһунан кэпсээтэ. Ыччат бэлиитикэтин начаалынньыга Евгений Данилов былаах суолтатын, өҥүн туһунан билиһиннэрдэ. ПДН иниспиэктэрэ Степан Константинов пааспары харайыыга туох ирдэнэрин кэпсээтэ.

Миграционнай сулууспа үлэһитэ Ньургуйаана Горохова оҕолорго пааспардарын туттартаата. Быыһыгар ылбаҕай ырыа ылланна. Түмүккэ пааспар ылбыт оҕолор олохторугар биир умнуллубат түгэни хаартыскаҕа түһэн үйэтиттилэр.