Бэҕэһээ улуус киинин «Алмаз» стадионугар Оҕо көмүскэлин күнүн үөрүүлээх быһыыга-майгыга бэлиэтээн аастылар.
Күммүт да чаҕылыйан туран биэрэн, дьон-сэргэ сүргэтэ көтөҕүллүбүт. Стадион таһыгар атыы-эргиэн дэлэйбит. Күнүс 11 чаас ааһыыта оскуола саадын оҕолорун, алын кылааһы бүтэрбит үөрэнээччилэр парааттара саҕаланна. Быйылгы тэрээһин дойдубутугар биллэриллибит Экология сылыгар ананна. Онон оҕолор бу тиэмэни аһар таҥастаах-саптаах, суруктаах-бичиктээх кытыннылар. Параат кыттааччыларын көрөөччүлэр ытыс дохсун тыаһынан көрүстүлэр. Стадион иһигэр оҕолору аралдьытар элбэх оонньуу тэрилиннэ.
Оҕолору уонна төрөппүттэри бырааһынньыгынан улуус баһылыга А.В.Григорьев, үөрэҕирии управлениетын начаалынньыга Г.М.Еремеев, Сунтаар нэһилиэгин баһылыгын социальнай боппуруостарга солбуйааччы З.В.Иванова эҕэрдэлээтилэр. Ол кэнниттэн оҕолор кэнсиэртэрэ буолла.