Сунтаарга ытык түһүлгэлэр суолталарын үрдэтэр билим кэмпириэнсийэ буолар

421

Сунтаарга ыһыах түһүлгэтэ тупсарыгар, сайдарыгар уонна уруккуну утумнууругар үс сыллаах сөбүлэҥ түһэрсиллэн үлэ саҕаланна. Манна улуус баһылыга Анатолий Григорьев уонна култуура, айылгы салаата сүрүн оруолу ыллылар.


Үлэ торумунан алгыстаах ааттаах Аар Баҕах саҥардыллыахтаах, Тойон түһүлгэ ытык сир буолуохтаах, Алтан сэргэ анньыллан “Аар куйаар мөҥүөнэ” түһүлгэ төрүттэниэхтээх уонна эргэрбит тутуулары былыргы өйдөбүллээх саҥа тутуулар солбуйуохтаахтар. Сунтаар дьонугар улахан суолталаах түгэн туһаайыллан, бэс ыйын 17-18 күннэригэр “Үлэ киһитин уруйдуур Сунтаар уйгулаах ыһыаҕар” сөп түбэһиннэрэн “Экологическая этика космогонической архитектуры” диэн бүтүн норуоттар икки ардыларынааҕы билим кэмпириэнсийэ бэс ыйын 16 күнүгэр тэриллэр.

Кэмпириэнсийэни СӨ култууратын уонна айылҕа харыстабылын министиэристибэтэ, “Эллэйада” түмсүү Сунтаар улууһун кытары тэрийэн, араас сиртэн омук дьоно кэлэн, Сахабыт сирин ытык сирдэрин уонна ытык күммүтүн – ыһыаҕы — кытта билсиэхтэрэ. Ол курдук, улахан ыалдьыттарынан буолаллар «Эль Мека» түһүлгэттэн Майя ытык кырдьаҕаһа, Майя саҥа эра халандаарын түсчүтэ Хорки, ону тэҥэ Австралия, Мексика, Колумбия, Австрия аборигеннара, Москубаттан, Дьокуускайтан учуонайдар, этнографтар, фольклористар, ыһыаҕы сэҥээрээччилэр, ыалдьыт дьон кэлэрэ күүтүллэр.

Кэмпириэнсийэҕэ баар өйдөбүллэри ситэри кэҥэтэн билэргэ, саҥа билии саҕахтарын арыйарга сонун иһитиннэриилэр, ырытыылар буолуохтара.

Кэмпириэнсийэ норуоттар икки ардыларынааҕы статустаах буоларынан, онно ирдэнэр усулуобуйаны, сөптөөх эйгэни баар кыаҕынан, өйдөбүлүнэн тэриллэр. Атын дойдуттан кэлбит ытык-мааны ыалдьыттар дьиҥ саха төрүт үгэстэрин билсиһэллэригэр, үтүө өйдөбүллээх хаалалларыгар – нэһилиэк ыһыахтарынан сырытыннаран – биэ ыаһынын, кымыс иһиитин, күнү көрсүү сиэригэр-туомугар кыттыһыннарыахтара, Ытык Ыһыах түһүлгэлэринэн сырытыннарыахтара.