Сыаҥааннаахтар уоппут станцията быйыл күһүн үлэҕэ киирэрин күүтэбит

411

Абый улууһун Сыаҥааннаах нэһилиэгэр олохтоохтор саҥа модульнай станция тутулларын кэтэспиппит хас да сыл буолла. Улуус үрдүнэн биһиги эрэ эргэ станцияттан уоттанан олоробут. Быйыл күһүн чахчы үлэҕэ киирэрин эрэннэрбиттэрэ. Арай кэтэспит станциябыт ол тухары мэлигир, массыына суола сабыллаары ыксатар. 


Гудзь С. В., Белогорскай РЭС начаалынньыга:

— “Сахаэнерго” тэрилтэ бу үлэни үһүстээн тендергэ оонньотто. Сибилиҥҥи туругунан дизеллэр куоракка да кэлэ иликтэр. Биһиги эмиэ күн аайы ыйыталаһа, билсэ олоробут да бириэмэ ыраатан иһэр. Биһиги усулуобуйабытын билбэт дьон тендергэ кытталлара итинэн куһаҕан.

Ефимов А. К., ДЭС начаалынньыга:

— Саҥа тутуллуохтаах модульнай станция фундамена тутуллан бүттэ. Контейнердара кэлэн тураллар. Уопсайа 9 емкость баар. Ярославскайдааҕы мотуор собуота оҥорон таһаарбыт икки 150квт, икки 80квт, уонна биир 60 квт кыамталаах 5 дизель кэлиэхтээх этэ. Ол суох. Атын монтажтыыр матырыйааллара бүтүннүү кэлэн сыталлар. Уот остуолбалара 80%-тан тахса саҥардыллан турда. Ситимэ тардылынна. Бу үлэни “Мегастрой” ХЭУо тэрилтэттэн бэдэрээччиттэр кэлэн түргэнник уонна хаачыстыбалаахтык оҥорон үлэлэрин түмүктээн барбыттара. Билигин станциябытыгар Хабаровскай дизеллэрэ тураллар. Турукпут олох мөлтөх. Кэбэргэнэ бөһүөлэгэр саҥа модульнай станция тутуллубутугар, эргэ да буоллар 4 дизеллэрин биһиэхэ аҕалбыттара. Ону өрөмүөннээн үлэлэтэ туруорабыт. Биирин сапчаас оҥостубуппут. Коленвалын ылан атын дизелгэ туруорбуппут. Бу дизеллэр кэлиэхтэриттэн ыла 2-тэ хапытаалынай өрөмүөн үлэтэ барда. Чаһылара таҕыста. Моторесурстара 50000 чаас. Балар 68000 чаас кэриҥэ буолан баран тураллар. Сапчаас кэлэр курдук буолан баран, хаачыстыбалара мөлтөх. Хаарбахтар да түбэһэллэр. Өрөмүөн эрэ күүһүнэн олоробут. Тэрилтэбитигэр 9 үлэһиттээхпит. Электрик, слесарь, хонтуруоллааччы уонна начаалынньык таһынан, биэс дизелист баар. Үксүгэр слесарь эрэ сатабылынан тутуллан олорор курдукпут эрээри, кини хамнаһа саамай кыра. Толорор үлэтин таһымын аҥаарын да толуйбат.

Дохунаев С. Б., слесарь:

— Балаһыанньабыт быстар мөлтөх. Эһиил кыһын бу дизеллэринэн хайдах да кыстыыр кыахпыт суох. 1993 сылтан слесэрдиибин. Ол тухары наар бүппэт өрөмүөн. Эргэттэн эргэ сапчаас кыайан да өрөмүөннэммэт турукка киирдэ. Онон саҥа станция быйыл үлэҕэ киирбэтэҕинэ, аны кыһын олох уота суох хаалар кутталга тиийдибит.

Тустаах үлэһиттэр санаалара маннык. Быйыл кыһын уот өр кэмҥэ баран нэһилиэнньэҕэ куттал тахса сылдьыбыта. Олох мэлийдэхпитинэ иэдэйэбит. Онон эрдэ туох эмэ хамсааһын тахсара буоллар, сарсыҥыга эрэллээх олоруохпут этэ. Массыына суола сабыллыар дылы кэлбэтэҕинэ, аны бөртөлүөтү эрэ күүтэрбитигэр тиийэбит. Биллэн турар, өрөспүүбүлүкэ салалтатын өттүттэн куруук буоларын курдук кыһалҕабытыгар көмөлөһүөхтэрэ диэн эрэнэбит.