Сунтаар улууһугар, Түбэйгэ, нэһилиэктэрин тупсарыыга үтүмэн үлэ барбыт. Онуоха сүрүн төһүүнэн өрөспүүбүлүкэбитигэр ааспыт сылга Тупсарыныы сыла биллэриллибитэ буолбута саарбахтаммат. Манна аншлаг уонна киэн туттар чулуу дьонноругар анаммыт «Албан аат» искибиэрэ нэһилиэк киэн туттар сиринэн буолла. Халлаан эрдэ тымныйан, ситэри кырааскалаабакка хаалбыттарын саас ситэрэр соруктаахтар. Маны сэргэ, «Айан-Суол» тэрилтэ нэһилиэк иһинээҕи суоллары барытын өрөмүөннээн, олохтоохтор үөрүүлэрэ муҥура суох.
Эдэр исписэлиистэргэ анаан, ааспыт сылга түөрт кыбартыыралаах дьиэни тутан киллэрбиттэрин бэлиэтиир эмиэ тооостоох. Бу дьиэ улуус уонна нэһилиэк бүддьүөтүттэн үбүлэммит.
Сайын сынньалаҥ пааркатын саҥардан оҥорууга нэһилиэнньэ бүтүннүү субуотунньуктаабыт. Маныаха кэнчээри ыччаты үлэҕэ-хамнаска сыһыарар туһуттан, оскуола 11 үөрэнээччитин сүүмэрдээн, волонтердар биригээдэлэрин тэрийэн хамнаска үлэлэппиттэр. Онно улуустааҕы нэһилиэнньэ дьарыктаах буолуутун киинэ төһүү буолбут. Бу үтүө саҕалааһыннарын кэлэр да сылларга салгыы үлэлэтиэхтэрэ диэн олохтоохтор эрэнэллэр.
Түбэйдэр нэһилиэктэрэ ыраас буоларыгар кыһаллаллар. Сылын аайы саас, сайын уонна күһүн субуотунньуктары тэрийэр үтүө үгэстээхтэр. Онно кинилэр бэйэлэринэн холобур буолан, оҕолору кыра эрдэхтэриттэн ырааска, сөпкө тутта-хапта сылдьарга үөрэтэллэр.