Төҥүлү оскуолатын 1968 сыллаахха бүтэрбиттэр анал искибиэргэ мас олортулар

327

Быйыл Төҥүлү орто оскуолата 110 сылын туолар. Үбүлүөй чэрчитинэн, араас тэрээһиннэр, үөрэнээччилэри кытта көрсүһүү, кэбиниэттэри саҥардыы үлэтэ былааннаахтык ыытыллар.


Оскуоланы 1968 сыллаахха бүтэрбиттэр анал искибиэргэ элбэх маһы үөрэ-көтө олортулар. Тэрээһин бу кылаас үөрэнээччилэрэ кэлэр сылга оскуоланы бүтэрбиттэрэ 50 сылыгар итиэннэ оскуола аһыллыбыта 110 сылыгар ананна. Кылаас салайааччыта ‒ Попов Гаврил Петрович.

Искибиэр тэриллибит миэстэтэ олус табыгастаах. Өр сылларга дириэктэринэн үлэлээбит Егор Дмитриевич Титов туруортарбыт өйдөбүнньүгэ, сылларынан оскуоланы бүтэрээччилэр сэргэлэрэ бааллар.

1968 с. бүтэрбит үөрэнээччилэр ‒ Аҕа дойду Улуу сэриитин кэнниттэн төрөөбүт оҕолор. Оҕо саастарыгар сэрии охсуутун билбиттэр. Сорох оҕолор аҕалара сэриигэ ылбыт баастарыттан күн сириттэн эрдэ барбыттар, онон аҥардас ийэҕэ, кырыымчык олоххо иитиллэн кыһалҕаны билэн улааппыттар. Оҕо саастарыттан холкуоска миккиллибиттэр. Оскуолаҕа успуорт, физкултуура сайдыбыт буолан эт-хаан өртүнэн кыахтаах, ыарахантан толлубат, тулуурдаах, ылыммыты толорор, төрөөбүт дойдуга бэриниилээх буола улааппыттар. Кинилэр 81 буолан оскуоланы бүтэрбиттэр. Билигин өрөспүүбүлүкэ араас улуустарыгар, Францияҕа тиийэ олороллор. Элбэх бочуоттаах, үтүөлээх үлэһиттэр, наука доктордара үүнэн тахсыбыттара.

Үөрэтии эйгэтигэр үтүө үгэстэри сөргүтүү, оҕону үлэҕэ, төрөөбүт дойдуга таптал тыыныгар иитиигэ болҕомто ууруллан эрэрин истэн санаалара көтөҕүлүннэ. Тэрээһини кылаас лиидэрдэрэ Никифор Стручков, Лидия Андросова салайдылар. Кинилэр оскуола тулатыгар көҕөрдүү үлэтигэр көхтөөхтүк кыттарга атын үөрэнээччилэргэ ыҥырыы таһаардылар.