Самаан сайын үрүҥ тунах ыһыахтара Таатта улууһугар Улуу Өксөкүлээх Өлөксөй төрөөбүтэ 140 сылыгар, саха этигэн хомуһун киэҥ Арассыыйа Хотуҥҥа таһаарбыт Лука Турнин төрөөбүтэ 100 сылыгар уонна «алаастан, үрэхтэн тардыһан» үөскээбит холкуостартан сопхуостар төрүттэммиттэрэ 50 сылыгар ананан ыһылыннылар.
Таатта Баайаҕатыгар «Үлэнэн дьолломмут норуоппут» диэн Үрүҥ Тунах ыһыаҕа тыа сирин сайдыытыгар дойдуларыттан тэйбэккэ, илиилэрин араарбакка үлэлээбит-хамнаабыт дьоммутун чиэстээһиҥҥэ, үйэтитиигэ ананна.
1967 сыллаахха 34623 гектар ходуһа уонна мэччирэҥ сирдээх, 1500 ынах сүөһүлээх, 550 сылгылаах Баайаҕа отделениетын бастакы управляющайынан «Бочуот Знага» уордьаннаах, «РСФСР тыатын хаһаайыстыбатын туйгуна» бэлиэлээх Сивцев Иван Михайлович анаммыта. Отделениеҕа производство хамандыырдара СӨ норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ Винокуров Петр Петрович, Андросов Афанасий Федотович, Слепцов Иннокентий Петрович, Андросов Афанасий Николаевич, Неустроев Роман Павлович, ыстаарсай бухгалтер Чахов Гаврил Гаврильевич буолбуттарын, отделение туруктаах буолуутугар бастакы хардыылары оҥорбуттарын, сэмэй кылааттарын киллэрбиттэрин умнубаппыт.
Отделение салалтатын уруулун салгыы эдэр, эрчимнээх ыччаттар СӨ норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ Луковцев Егор Иннокентьевич, СӨ норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, Таатта улууһун бочуоттаах гражданина Никонов Георгий Дмитрьевич туппуттара, үлэҕэ сонун саҕалааһыннар киирбиттэрэ, саҥа кирбиилэр ылыллыбыттара.
РФ үтүөлээх механизатордара Христофоров Степан Христофорович, Потапов Георгий Иосифович-I, «Үлэҕэ килбиэнин иһин» мэтээллээх кырдьаҕас тыраахтарыыстар Мандаров Игнатий Дмитрьевич, Гоголев Иван Васильевич, «Үлэҕэ Албан Аат» уордьан үһүс истиэпэнин кавалера Мандаров Дмитрий Назарович, СӨ тыатын хаһаайыстыбатын бэтэрээнэ, «Россия уу аннынааҕы Флотун 100 сыла» бэлиэ хаһаайына Андросов Павел Павлович, оройуон, сопхуос чөмпүйүөн үлэһиттэрин, пятилетка кыайыылаахтарын, Петр Алексеев аатынан бириэмийэ лауреаттарын уо.д.а. ааттарынан, үлэҕэ чыпчаал ситиһиилэринэн Баайаҕа нэһилиэгэ, отделениета киэн туттар.
Үрүҥ илгэни дэлэтиигэ, өбүгэбит төрүт дьарыгын утумнаахтык сайыннарыыга эдэр саастарыттан үлэлээбит, үлэлиир ыанньыксыттар Екатерина Алексеевна, Марфа Алексеевна, Татьяна Иннокентьевна Андросовалар, Бочкарева Дария Степановна, Бурнашева Анна Павловна, Анна, Матрена Софроновна, Дария Григорьевна, Марфа Романовна Винокуровалар, Гермогенова Клара Петровна, Гоголева Мария Васильевна, Дедюкина Анна Архиповна о.д.а. куруутун истиҥник-иһирэхтик ахтыллаллар.
Үлэнэн дьон-норуот билиниитин, ытыктабылын ылбыт ССРС Верховнай Сэбиэтин дьокутаата Тимофеева Дария Дмитрьевна, Саха АССР Верховнай Сэбиэтин дьокутааттара Максимова Татьяна Захаровна, Чахова Мария Гаврильевна, ССКП обкомун чилиэнэ Тимофеева Татьяна Дмитрьевна күүрээннээх үлэҕэ буспут-хаппыт Баайаҕа дьиҥ үлэһит кыргыттара буолаллар.
Дэли ыһыахтыыр түһүлгэтэ сопхуос тигинэччи үлэлии-хамныы олорор кэмин көрдөрөр былакааттарынан, кыһыл былаахтарынан ыҥыра-угуйа турар гына киэргэтиллибит. Сиккиэр тыалга чэчирдэр суугунууллар, саламалар тэлимнэһэллэр. 70-80-с сыллар ырыалара-тойуктара түһүлгэ иһин толорбут. Кырдьык да, оччотооҕу үлэ күүрээнинэн илгийэр тыыннаах, кими баҕарар үөрэ-көтө көрсөр эйгэлээх ыһыахха баар буола түһэҕин. Баайаҕалар бу тэрээһиҥҥэ өртөн бэлэмнэммиттэрэ, эппиэтинэстээхтэрэ тута көстөр. Үөрүү-көтүү, уруй-айхал эйигин бэйэтин эйгэтигэр дэллэритэн киллэрбитинэн барар.
Түһүлгэ хабыллар ортотугар сопхуоһу сопхуос, отделениены отделение дэппит чулуу, туруу үлэһиттэрбит аллеялара үгүс дьону сөхтөрдө. Бу аллеяҕа турар үлэһит дьоммут хаартыскаларын оҕолоро, сиэттэрэ оҥотторон, үйэтитиигэ бастакы сэмэй бэлэхтэрин оҥордулар. Тыыл, үлэ бэтэрээнэ 86 саастаах Петрова Марина Фомична бииргэ үлэлээбит күндү дьүөгэлэрин Анна, Матрена Винокуровалары, Валентина Егорованы көрөн олус уйадыйда: «Барахсаттарбын сэрии сыллара, кэм-кэрдии эрдэ улаатыннарбыт оҕолоро буоллахтара. Киилэ бурдук, курууска бөлөнөх иһин куйааска буһан, тымныыга тоҥон, улахан дьону кытта тэҥҥэ үлэлээбиттэрэ таайан, кылгас үйэлэннэхтэрэ. Сопхуоска үлэ бөҕөнү үлэлээбит дьон буолаллар».
Бу аллеяҕа Петр Алексеев аатынан сопхуос Баайаҕатааҕы отделениетын сайдыытыгар кылааттарын киллэрбит үлэһит дьоммут мөссүөннэрэ эйигин эҕэрдэлии көрөллөр. Хас биирдии хаартыска, ол кэмҥэ үйэтитиллибит көмүс түгэн, бэйэтэ устуоруйа кыра кэрчигэ, бэйэтэ дириҥ сэһэннээх, тустаах дьоҥҥо хаһан да умнуллубат ураты, күндү өйдөбүнньүк буолар.
Петр Алексеев аатынан сопхуос тэриллибитэ 50 сылыгар аналлаах Ытык Сэргэни отделениеҕа биригэдьииринэн, нэһилиэккэ сэбиэт исполкомун бэрэссэдээтэлинэн, баһылыгынан үлэлээбит Семен Семенович Иванов салалтатынан отделение бастыҥ үлэһиттэрэ өндөл маҕан халлааҥҥа харбаһыннара өрө анньан кэбистилэр.
Салгыы сэттэ кыталык кыыс, тоҕус туруйа уол арыаллаах Алгысчыт Мандар Уус киирэн, аал уотун оттон, арыылаах саламаатынан, араҕас алаадьынан, көөнньүбүт кымыһынан айах тутан, сирин-дойдутун аһатан, сүрү көтөҕөн тахсыыта бар-дьонун уруйун тутта.
12 далбар хотуттар долгуһа хааман киирэн, түптэ уматан, түһүлгэ үрүмэ унаар буруонан туолла, боҕуруоскай от сытынан тунуйда. Дойду иччитэ Аан Алахчын Хотун, Күн Дьөһөгөй Айыы, хотон иччитэ Ынахсыт илгэлээх сайыҥҥа от-мас силигилии үүнүөҕүн, сыспай сиэллээх, хороҕор муостаах этэҥҥэ буолуоҕун, үрүҥ ас дэлэйиэҕин кэрэһилээн тойуктарыгар холбоотулар, ырыаларыгар ыпсардылар.
Онтон нэһилиэк аҕа баһылыга Роман Романов бар дьонун, күндү ыалдьыттарын Үрүҥ Тунах ыһыах кымыһын үрдүн охторорго ыҥырда.
Бу ыһыахха үлэһит киһи бочуоттанар, чиэстэнэр күнэ! Нэһилиэк дьаһалтата, «Байаҕантай» ТХПК сопхуоска үйэлэрин тухары үлэлээбит ытык дьоммутугар түөскэ анньыллар бэлиэни оҥотторон, үөрүү-көтүү ортотугар түөстэригэр иилбиттэригэр киһи барыта үөрэр түгэнэ буолла. Үгүс киһи үрдүк наҕараадаҕа тигистэ, үөрдэ-көттө. Нэһилиэк үрдүкү наҕараадатын «Саха Саарына» бэлиэни 89 саастаах байанайдаах булчут, марафонец Дедюкин Дмитрий Ефремович төрдүс киһинэн тутта. «Нэһилиэк бочуоттаах олохтооҕо» аатынан тыыл, үлэ бэтэрээннэрэ Петрова Марина Фомична, Боппосова Анна Ивановна, Попов Александр Иосифович уо.д.а. бэлиэтэннилэр.
Дьүһүйүү-кэнсиэр «Ыанньыксыт күнүн» ыытыы сценарийынан ыытыллан, бары эдэр саастарыгар ыалдьыттаан кэлбит курдук сананнылар. Түһүлгэ оһуохайын Марита Никитична Потапова, Саргылана Васильевна Жиркова таһааран, күн үҥкүүтүн ыһыахчыттар астына үҥкүүлээтилэр.
Үйэ аҥардаах үбүлүөйү көрсө «П.Алексеев аатынан сопхуос Баайаҕатааҕы отделениета» диэн өйдөбүнньүк альбом таҕыста, «Харысхал» фонда салайааччыта Душкевич Вера Петровна, «Баай Ас» тэрилтэ салайааччыта Андросов Семен Николаевич, бааһынай хаһаайыстыба салайааччыта Слепцов Игнатий Иннокентьевич үбүлээһиннэринэн бэчээттэннэ, дьон-сэргэ махталын ылла. Сопхуос бэтэрээннэригэр түһүлгэ сандалыта тэрилиннэ.
Кырдьаҕас, түс киһибит Винокуров Петр Петрович бэйэтин кэмигэр эппит «Барыбыт туһугар – Баайаҕабыт туһугар!» кынаттаах этиитэ бу ыһыах тэрээһинигэр толору көһүннэ. Нэһилиэк олохтоохторо, ыалдьыттара дьаһалта баһылыгар Романов Роман Романовичка, баһылык солбуйааччытыгар Николаева Анна Афанасьевнаҕа үрдүк таһымнаах ыһыаҕы тэрийбиттэрин иһин махтаналлар.
Ыһыахтар бүттүлэр. Аны үрүҥ илгэни үрүлүччү ыыр, оттооһун күүрээннээх күннэрэ күүтэллэр.