Таатта Кыйытыгар Лука Турнин 100 сыллаах үбүлүөйүн бэлиэтээтилэр

537

Л.Н.Турнин 100 сааһын туолар үбүлүөйдээх күнүн көрсө кини аатын сүгэр музейга оскуола үөрэнээччилэрэ сырыттыбыт. Музей директора Светлана Николаевна Собакина оҕолорго Лука Николаевич туттубут малын-салын туһунан элбэҕи кэпсээтэ.


ХХ-с үйэ чулуу хомусчута, Саха Республикатын культуратын үтүөлээх үлэһитэ, Үлэ Кыһыл Знамята орден кавалера, ырыаһыт, мелодист, үҥкүүһүт, режиссер, артыыс, алгысчыт, хотугу норуоттар культураларын тарҕатааччы Лука Николаевич Турнин аатын сүгэр музейга баар маллар барыта кини дьиэтиттэн аҕалыллан туруоруллубуттара. Кыыһа Ираида Лукинична бэлэхтээбитэ. Комод, ыскаап, остуол, музыкальнай проигрыватель, радиола, чымадаан. Бу чымадааҥҥа кини мааныга кэтэр көстүүмүн, хомуһун уктан Москваҕа тиийэ араас гастролларга сылдьар эбит. Лука Николаевич түөрт оҕолоох: үс уоллаах, биир кыыстаах. Гастролтан кэлэригэр чымадааныгар толору оҕолоругар кэһии, кэмпиэт, оонньуур аҕаларын дьоно кэпсииллэр. Оттон бу иистэнэр массыынаҕа Лука Турнин кэргэнэ Варвара Афанасьевна иистэнэрэ, сыанаҕа тахсар көстүүмнэрин тигэр эбит. Бу кини тикпит паннота сытар, — диэн дириэктэр кэпсээнин саҕалыыр.

Светлана Николаевна салгыы Лука Турнин оонньообут, киниэхэ бэлэхтээбит хомустарын көрдөрөр. Саха тимир ууһа, бөлүһүөк Борис Федорович Неустроев – Мандар Уус, удьурхай хаалаах Эллясин Захар Харитонович бэлэхтээбит хомустара бааллар. Өссө Бельгияттан уонна Швейцарияттан кэлбит хомустары сэргээтибит. Музейга Лука Николаевичка бэлэхтэниллибит маллар, араас наҕараадаларын туоһулуур грамоталар олус элбэхтэр.

Мас чороон биир бастыҥ экспонат буолан турар. Маны Лука Турниҥҥа бэлэхтээбиттэр. Үөһэ көстүүлээх сиргэ турар хотуурдаах сувениры 1957 с. хомусчуттар бөлөхтөрүгэр киирсэн, Москваҕа барса сырыттаҕына, билигин Ытык-Күөлгэ олорор Мария Алексеевна Афанасьева оҥорон бэлэхтээбит.

Лука Николаевич Москваҕа хаста да бара сылдьыбыт. Бастакытын 1948 сыллаахха Суорун Омоллоону кытта хаһыа да буолан бараннар, дойду тэбэр сүрэҕэр улахан театр саалатыгар хомустаабыт. Онтон 1957 сыллаахха Таатта боростуой ыччаттын — механизатордары, ыанньыксыттары хомуйан, 28 киһилээх хомус ансаамбылын тэрийэн, Москваҕа тиийэн оонньообуттар. Онно кинилэри истибит омук дьоно бары олус сэргээбиттэр. Өссө «Ньургун Боотур» операҕа массовкаҕа кыттыбыттар. Төннөн иһэн Өлүөхүмэнэн эргийэн кэлбиттэр. Дьокуускайга кэлбиттэрин кэннэ чиэстээн бочуоттаан хаартыскаҕа түһэрбиттэр. Онно хомустаабыт дьонтон билигин Мария Степановна Андросова, Лидия Ивановна Тихонова, Мария Алексеевна Афанасьева (үҥкүүһүт Афанасий Афанасьев ийэтэ, уһанар эмээхсин) Ытык-Күөлгэ, Татьяна Ивановна Винокурова куоракка олороллор.

Музейга улуу хомусчут грамотатыттан сороҕо эрэ сытар. Бу альбом кинигэни кырдьаҕастар бэлэхтээбиттэр. Оттон бу аккырыыкканы кыыһа Ираида Лукинична анаан оҥорон туттарбыт. Манна Таатта улууһугар баар хомус ансаамбылларын хаартыскалара киирбиттэр. Ансаамбыллар бары кэриэтэ 2011 сыллаахха Гиннес рекордугар киирбит Туймаада ыһыаҕар күргүөмүнэн хомус тардыытыгар кыттыбыттара.

«Музейга Л.Н.Турнин матырыйаалын таһынан нэһилиэк историятын кэпсиир хаартыскалары, кинигэлэри, докумуоннары көрдүбүт. Араас кэмҥэ нэһилиэкпитигэр баһылыктаабыт салайааччылар, ситиһиилээх үлэһиттэр, спортсменнар, Герой-ийэлэр тустарынан биллибит. Үөрэнэр оскуолабыт Матвей Николаевич Турнин аатын сүгэрин бары билэбит эрээри, кини хомусчут Лука Николаевич бииргэ төрөөбүт убайа буоларын бу күн саҥа иһиттибит. Кыйыга совхоз бэрэссэдээтэлинэн үлэлээн баран, Аҕа дойду улуу сэриитигэр баран, Украинаҕа сэриилэһэ сылдьан өлбүт эбит«, — диэн оҕолор санааларын үллэһиннилэр.