Тааттаҕа илин эҥэр хаһыаттар үлэһиттэрин үгэскэ кубулуйбут көрсүһүүлэрэ буолла

374

Илин эҥэр уонна хоту улуустар хаһыаттарын редакцияларын үлэһиттэрин үгскэ кубулуйбут тэрээһиннэрэ Тааттаҕа буолан ааста. Хаһыаччыттар үрдүк таһымнаахтык бэлэмнэниллибит көрсүһүүгэ өрө күүрүүлээхтик кытыннылар. Сонуну-нуомаһы тарҕатааччылар талыы Таатта сириттэн-уотуттан бэрт үгүһү бэйэлэригэр ылыммыттарын бэлиэтээтилэр. 


Таатта уонна Чурапчы улуустарын быысаһар ытык сиригэр алгыстаах көрсүһүү кэннэ, айан суолун тутустубут. Түҥ былыргыттан дириҥ, киэҥ историялаах дойдубутун көрө-истэ, ыраах-чугас сирдэртэн ыалдьыттарбыт тоҕуорустулар. СӨ Сибээскэ уонна информационнай технологияҕа миниистири солбуйааччы Чокуур Гаврильев, «Сахамедиа» холдинг улуустары кытта үлэҕэ редактора Полина Николаева, Амма, Мэҥэ Хаҥалас, Уус Алдан, Чурапчы хаһыаттарын редактордара, үлэһиттэрэ, маны тэҥэ Эбээн Бытантайтан «Бытантай уоттара» хаһыат кылаабынай редактора Наталья Попова, Эдьигээн хаһыатын бэрэстэбиитэлэ Наталья Яковлева кыттыыны ыллылар.

Былатыан Ойуунускай аатынан Судаарыстыбаннас музейыгар театрализованнай экскурсияҕа Чөркөөхтөөҕү народнай тыйаатыр артыыстарын толоруутугар (режиссер Мотрена Яковлева) «Сайсары» спектакльтан быһа тардыыны аһаҕас халлааҥҥа, Моҕол ураһаҕа, Олоҥхо балаҕаныгар, Новгородов ампаарыгар долгуйа көрдүбүт. айар куттаах олохтоох дьон күөх сирэм хонууга тыыннаах куолаһынан саха норуотун ааспыт кэминээҕи олоҕун итэҕэтиилээхтик оонньооннор, барыбытын уйадыттылар. Быыпсай кинээһи В.Ефремов, Арыпыананы Л.Собакина, хамначчыт-сылгыһыты Е.Багарытов, Ньургууну М.Бондарева, Уолака атыыһыты В.Дорофеев, Мөкүөйэни Е.Филатова, Мүлдьү Уолу К.Борисов (7-с кылаас үөрэнээччитэ), Моһуогу М.Решетников (10 кылаас оҕото), Сылгыһыты А.Тарбахов олус бэркэ табыллан, арыллан дьүһүйдүлэр. Өбүгэлэрбит былыргы баттыгастаах олохторун, оҕо-кырдьаҕас аймалҕанын, кинилэр көҥүлгэ талаһар күүстэрин санаан, чахчы да, күөмэйбитигэр хомуок турда. Бу анал артыыс үөрэҕэ суох дьон туттан-хаптан, иэйэн-куойан оонньообуттара Чөркөөххө айар куттаах талааннар эрэ үөскүүллэрин өссө биирдэ дакаастыырга дылы. Оскуола үөрэнээччилэригэр чугаһаан маннык Моһуок курдук ыарахан оруолу хайдах тулуйан көрдөрөллөрүн туоһуластыбыт. «Бастакы кылаастан оонньуубут. Бастаан дьикти курдук этэ. Онтон билигин үөрэнэн хаалбыппыт. Буолуохтааҕын курдук ылынабыт. Үчүгэй, сөбүлээн дьарыктанабыт. Арай таҥаспыт кыччаата«, — диэн уолаттарбыт үөрэ-көтө эппиэттээтилэр.

Чөркөөхтөөҕү историко-этнографическай музей Николаевскай таҥара дьиэтигэр худуоһунньук Гаврил Петров быыстапката аһылынна. Аалай кыһыл лиэнтэни кырыйан, Таатта улууһун биир кэрчик кэмэ холустаҕа ойууламмытын сэгэтэн көрдүбүт. Музей дириэктэрэ Николай Попов кэпсииринэн, манна 19-с үйэтээҕи Чөркөөх олоҕо биир дьиэ кэргэн сирэйигэр көрдөрүллэр. Ол курдук, Гаврил Гаврильевич эһэтин, саха бастакы художнигын, Чөркөөххө киинин ыйаабыт Иван Васильевич Попову, кини бииргэ төрөөбүттэрин, дьиэ кэргэнин хоһуйбут. Маны сэргэ, биһиги болҕомтобутун философскай ис хоһоонноох суруйуулар тартылар. «Уруһуй учуутала» диэн хартыына оҕо айар талаанын, дьоҕурун арыйарыгар, аан дойдуну анаарыытыгар учуутал күүстээх оруоллааҕа көстөр курдук. Барыта 16 уруһуй туруоруллубут.

Айаммыт эгэлгэтэ өссө да манан бүппэтэ. Киэҥ нэлэмэн күөҕүнэн симэммит, дыргый сыттаах кырдалга — Тохтобулга — тиийдибит. Манна Кээрэкээн ойууҥҥа анаммыт скульптура баар. Уу чуумпутук, тыыммакка да туран, Чөркөөхтөөҕү музей дириэктэрэ Николай Ефимович сэһэнин дуоһуйа иһиттибит. Өйдөбүнньүк тутуу Былатыан Ойуунускай төрөөбүтэ 120 сыллаах үбүлүөйүгэр туруоруллубут. Скульптордар Илья Павлов уонна Николай Огонеров худуоһунньук Иван Попов “Ойуун” диэн үлэтигэр олоҕуран оҥоһуллубут. Даҕатан этэр буоллахха, 1836 сыллаахха Боотуруускай улууһугар 164 ойуун уонна 186 удаҕан баар буола сылдьыбыттара биллэр. Олортон дьиҥ олоххо баар буола сылдьыбыт Кээрэкээн ойуун туһунан үһүйээни Өксөкүлээх Өлөксөй суруйбута. Онно кини сырдык, ыллыктаах санаалаах ойуун буолара итэҕэтиилээхтик ойууланар. Кээрэкээн ойуун — Дьохсоҕоннор өбүгэлэрэ. 

Айаммыт салҕанан Дэлбэрийбит алааска Таатта уола Дьаралыктыйа Былатыан төрөөбүт, үөрэммит балаҕаннарыгар тириэртэ. Улуу Ойуунускайдыын «көрсүһүүгэ» саламааттаах алаадьынан аал уокка айах тутуу өйү-санааны дьиһигиппитэ, куттары хамсаппыта дириҥ ис хоһоонноох буолла. Айар күүс абылаҥынан ыкса ылларан, саха народнай суруйааччыта Д.К.Сивцев-Суорун Омоллоон чочуобунатын, П.А.Ойуунускай, А.Е.Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй сквердэрин, А.И.Софронов-Алампа көмүс уҥуоҕа баар сирин харахпытынан көрөн, аттыларынан сырылатан аастыбыт.

Иннибитигэр Ытык Күөл Хадаайы литературнай музейын тэлгэһэтэ күүтэр эбит. «Таатта» хаһыат суруналыыһа Виктор Винокуров сатабыллаах салайыытынан эҕэрдэ кэнсиэр, махтал тыллар түһүлгэни толорон кэбистилэр. Таатта талааннаах ыччата, духуобунаһы өрө тутар кэрэ аҥардар бииртэн-биир ылбаҕай ырыаны, уран көстүүнү бэлэхтээтилэр. Тыл-өс, эт-сиин, айар талаан күрэстэрэ тоҕу тардылыннылар.

Кыбытык тигиигэ норуот маастардара А.Н.Большакова, Г.М.Попова, В.С.Белолюбская, туоһунан тигиигэ норуот маастара П.Макарова, быһах оҥоһуутугар эдэр уус М.Я.Яковлев, сыыйа тардыы дорҕоон-хомуска, Ийэ олоҥхоһут Көһөҥө Бүөтүр стипендиатката Р.С.Маркова маастар-кылаастары көхтөөхтүк ыыттылар. Кинилэр тустарынан өссө төхтөрүйэн суруйуохпут.

Илии-атах оонньууларыгар күрэхтэһии уһуннук, эрийсиилээхтик барда. Сээркээн сэһэнньиттэр, «Аман өс» араатардар манна буоллулар, тэҥнээхтэрин булбатылар. «Алампа уонна Эдьигээн», «Ойуунускай: «Был я сыном народа» уо.д.а. тиэмэлэргэ матырыйаал хомуллан, Чөркөөх музейыгар туттарылынна. Бу ураты ис хоһоонноох чинчийиллибит үлэлэри эмиэ бэчээттиэхпит дии саныыбын.

Көрсүһүү түмүктүүр чааһынан суруналыыстар Таатта улууһун туһунан ыстатыйаларын бэйэлэрин хаһыаттарыгар суруйуохтаахтар. Ону анал дьүүллүүр сүбэ ырытар: СӨ Сибээскэ уонна информационнай технологияларга, Гражданскай уопсастыба институттарын сайдыытын министерстволара уонна Таатта улууһун дьаһалтата.

Сурук-бичик, солун-нуомас, өркөн өй үлэһиттэрэ инники дьаһаллар тустарынан кэпсэтэн-ырытыһан, сүбэ-ама, уопут атастаһан, хаһаайыттарга улахан махталларын эттилэр. «Таатта» хаһыат кылаабынай редакторыгар Анна Посельскаяҕа СӨ сибээскэ уонна информационнай технологияларга министерствотын Бочуотунай грамотата туттарылынна. Итинэн таатталар ыытар үлэлэрэ үрдүктүк сыаналанна.