Таатта улууһун Кыйытыгар толору хааччыллыылаах оҕо саада үлэлээн эрэр

184

Таатта улууһун Кыйы сэлиэнньэтигэр соторутааҕыта “Сардаана” оҕо саадын саҥа дьиэтэ үлэҕэ киирдэ. Олохтоохтор өр күүппүт тутуулара олоххо киирэн үөрүүлэрэ муҥура суох.


50 миэстэлээх саҥа оҕо саадын тутууну 2014 с. “Мин Сахам сирэ – XXI” үйэҕэ” үтүө хамсааһын көмөтүнэн саҕалаабыттара. Тыараһа нэһилиэгин дьаһалтатын исписэлииһэ Анна Бережнова этэринэн, тутууга «Сахабазальт» матырыйаалын туһаммыттар. Онон кырачааннар толору хааччыллыылаах, сылаас дьиэҕэ быйылгы кыһыны сылаастык кыстыахтара.

Кыйылар аны саҥа оскуола дьиэтин тутууну туруорсаллар. Онно бэлэмнэнэн, бырайыагын оҥотторбуттар.